Бэҕэһээ о.э. олунньу 24 күнүгэр, Чурапчы улууһун Болугур нэһилиэгэр, Е.С. Дьячковскай аатынан Мындаҕаайытааҕы норуот айымньытын дьиэтэ 65 үбүлүөйдээх сылыгар анаан, үтүө үгэскэ кубулуйбут “Үҥкүү – дууһам алыба” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус VI-с төгүлүн үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста диэн Мындаҕаайыттан Даяна Тоскина иһитиннэрдэ.
Дьүүллүүр сүбэ, үрдүттэн кытта кэлбит бөлөхтөрү сэргэ, кэтэхтэн киирбит сайаапкалар үлэлэрин эмиэ көрөн сыаналаата.
“Үҥкүү кэрэ алыбар уйдаран наскылдьыйа устар, тэтимнээх, эрчимнээх ансаамбылларбыт ыраахтан-чугастан мустан кыттыыны ыллылар. Хас биирдии кыттыбыт бөлөххө, салайааччыларга, куонкуруспут тэрээһинигэр кыттыспыт минньигэс, итии астаах Далбар Хотуттарбытыгар бука барыларыгар, тэрийээччилэр ааттарыттан дириҥ махталбытын тириэрдэбит”, — диэн Е.С. Дьячковскай аатынан Мындаҕаайытааҕы НАДь-тин дириэктэрэ Татьяна Тоскина эттэ.
Уһата-кэҥэтэ барбакка кэтэхтэн түмүгү иһитиннэрэр эбит буоллахха, Томпо улууһун Хаандыга бөһүөлэгиттэн “Волны Алдана” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы СӨ култууратын туйгуна И. Степанов муҥутуур кыайыылаах ааты ыланнар, 50 тыһ.солк уу харчынан бириэмийэлэннилэр.
Саастарынан бөлөхтөргө, 1-кы, 2-с уонна 3-с истиэпэннээх лауреаттар, димпломаннар ааттаннылар, кинилэргэ хайҕал суруктары, анал кубоктары туттардылар.
50-тан үөһэ саастаах үҥкүү бөлөҕөр
Бастакы истиэпэннээх лауреат – Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгиттэн Т. Жиркова салайааччылаах “Айхал” үҥкүү бөлөҕө, хореограф Д. Иванова;
Иккис истиэпэннээх лауреат – Дьокуускай куораттан “Созвездие” ИДьМ бэтэрээннэрин үҥкүүтүн бөлөҕө, салайааччылар А. Колочев, Г. Баишева;
Үһүс истиэпэннээх лауреат – Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгиттэн “Ситим” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы М. Семенова.
Бастакы истиэпэннээх дипломаннар – Халыма улууһун Сыбаатай нэһилиэгиттэн “Айыллаана” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы Д. Кудрина;
Иккис истиэпэннээх дипломаннар – Мэҥэ Хаҥалас улууһун 1-кы Тыыллыма нэһилиэгиттэн “Тыыллымаана” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы А. Васильева;
Үһүс истиэпэннээх димпломаннар – Дьокуускай куораттан “Дэгэй” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы Т. Федорова.
Анал аат кыайыылаахтара
- “Оһуор ойуу” – Орто Халыма улууһун Өлөөкө Күөл бөһүөлэгиттэн “Талба Хотун” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы П. Данилова;
- “Үгэһи үйэтитэн” – Дьокуускай куораттан “Дэгэй” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы Т. Федорова;
- “Дьоһун мааны” – Кэбээйи улууһун Арҕас бөһүөлэгиттэн “Луҥха долгуннара” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы Т. Еремеева;
- “Дьоһун мааны” – Чурапчы улууһун Мындаҕаайытааҕы “Туску Дугуй” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы П. Заболоцкая;
- “Нарын иэйии” – Чурапчы улууһун Соловьев нэһилиэгиттэн “Тускулаана” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы А. Хомподоева;
- “Истиҥ иһирэх” – Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтиттэн “Сарасвати” индийскэй үҥкүү устуудьуйата, салайааччы С. Докторова.
30-50-гар диэри саастаах үҥкүү бөлөҕөр
Бастакы истиэпэннээх лауреат – Таатта улууһун Дэбдиргэ нэһилиэгиттэн “Алаас оһуордара” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы А. Захарова;
Иккис истиэпэннээх лауреат – Таатта улууһун Кыйы нэһилиэгиттэн “Далбарай” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы Ф. Попова.
18-35-гэр диэри саастаах үҥкүү бөлөҕөр
Бастакы истиэпэннээх лауреат – Таатта улууһун Дэбдиргэ нэһилиэгиттэн “Дьулуур” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы А. Захарова.
Үрдүттэн кыттааччылаахтарга
Бастакы истиэпэннээх лауреат – Одьулуун нэһилиэгиттэн “Саһарҕа” үҥкүү кэлэктиибэ, салайааччылар А. Аржаков, В. Попов;
Иккис истиэпэннээх лауреат – Дьокуускай куораттан “Кэрэ эйгэ” үҥкүү кэлэктиибэ, салайааччы М. Соловьева;
Үһүс истиэпэннээх лауреат – Чурапчы нэһилиэгиттэн “Арылы” үҥкүү кэлэктиибэ, салайааччы Аси-Куо Ашеина.
Бастакы истиэпэннээх димломаннар – Мындаҕаайы сэлиэнньэтиттэн “Туску Дугуй” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы П. Заболоцкая;
Иккис истиэпэннээх дипломаннар – Чурапчы нэһилиэгиттэн “Сардаҥа” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы Аси-Куо Ашеина;
Үһүс истиэпэннээх дипломаннар – Алаҕар нэһилиэгиттэн “Алаҕар далбардара” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы А. Ефремова.
Анал аат кыайыылаахтара
- “Бастыҥ салайааччы” – Дьокуускайдааҕы үһүс көлүөнэ оскуолатын иһинэн үлэлиир “Кэрэ эйгэ” үҥкүү кэлэктиибин салайааччыта Мария Соловьева;
- “Үгэһи үйэтитии” – Хадаар нэһилиэгиттэн “Сайдыына” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы И. Адамова;
- “Сырдыгынан сыдьаайан” – Чурапчы нэһилиэгиттэн “Арылы” үҥкүү кэлэктиибэ, салайааччы Аси-Куо Ашеина;
- “Дьоһун мааны” – Мындаҕаайы сэлиэнньэтиттэн “Туску Дугуй” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы П. Заболоцкая;
- “Нарын иэйии” – Хадаар нэһилиэгиттэн “Сайдыына” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы Н. Дьячковскай;
- “Оһуор ойуу” – Алаҕар нэһилиэгиттэн “Күн көлүйэтэ” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы С. Борисова;
- “Истиҥ иһирэх” – Дьокуускай куораттан “Кэрэ эйгэ” үҥкүү бөлөҕө, салайааччы М. Соловьева.
Манна даҕатан эттэххэ, олунньу 28 күнүгэр, сэрэдэҕэ “Саҥа күн” Саха НКИХ-гар “Үҥкүү – дууһам алыба” күрэх кыайыылаахтара “Волны Алдана” үҥкүү бөлөҕө, куонкурус тэрийээччилэрин кытары күөх экран нөҥүө көстүөхтэрэ.
Сэмэн Жендринскэй