Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Оҕо саас сылыгар, Чурапчыбыт улууһун Болугур нэһилиэгэр, Хаҥалас улууһун Үөдэйин кэнниттэн бу иккис саҥа оскуола аһылынна.

Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан “Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн Чурапчы улууһун Болугур нэһилиэгэр бүгүн саҥа оскуола үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Үөрүүлээх дьаһалга, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кэлэн, оскуола педагогическай кэлэктиибин уонна үөрэнээччилэри эҕэрдэлээтэ.

Айсен Сергеевич бэйэтин этиитигэр, Дойдуга Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаан үүммүт 2024 сылга бу иккис саҥа оскуола буоларын бэлиэтээтэ.

“Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев саҕаттан, үөрэхтээһин сайдыытын боппуруостарыгарн улахан болҕомто үөрэх баазаларын материальнай-техническэй өттүн хааччыйыыга ууруллар. Тоҕо диир эбит буоллахха, Сахабыт сирин инникитэ – биһиги педагогтарбытыттан, учууталларбытыттан улахан тутулуктаах. Ханнык баҕарар тыа сиригэр, оскуола диэн олохпут тутуллар тутааҕа. Маннык саҥалыы тииптээх оскуолаҕа, хас биирдии үөрэнээччи баҕалаах идэтигэр уһуйуллан тахсарыгар улаханнык эрэнэбин. Биллэн туран, учууталларга эмиэ үлэлиир миэстэлэрэ биллэ тубуста. Итиннэ тирэҕирэн Болугур нэһилиэгин инники сайдыытыгар улахан саҕалааһыннары аҕаларыгар саарбахтаабаппын. Бүгүн, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин өйөбүлүнэн, бэйэбит туһаннаах үлэбитигэр тирэҕирэн Сахабыт сирэ инники күөҥҥэ баран иһэр, балысханнык сайдан иһэбит”, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Эрдэ этиллибитин курдук, Роман Константинов аатынан Амма орто оскуолата, уопсай үөрэхтээһин систиэмэтин ирдэбилигэр барытыгар эппиэттиир аныгы тиэхиньикэнэн, миэбэлинэн толору хааччылынна. Итини таһынан оҕолор киэҥ-куоҥ ыспартыыбынай, улахан ааҕар саалаларга дьарыктаныахтара, туспа лабораториялаах үөрэнэр кабинеттарга билиилэрин хаҥатыныахтара, итиэннэ туспа куухуналаах остолобуойга тото-хана аһыахтара.

“Өр сыллаах баҕа санаабыт туолан, оскуолабыт маннык улахан, тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэҕэ киирбититтэн үөрүүбүт муҥура суох, олуһун диэн долгуйабыт, күүскэ бэлэмнэннибит. Биһиги оскуолабыт выпускниктара инникитин даҕаны Сахаларын сирин, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин сайдарын туһугар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрсэ туруохтара”, — диэн оскуола дириэктэрэ Виктория Пермякова кэпсээтэ.

Бүгүҥҥү күннээххэ, Мындаҕаайы оскуолатыгар 102 үөрэнээччи уонна 30 учуутал үлэлии-хамсыы олорор. Үөрэнээччилэр кэпсээннэриттэн иһиттэххэ, саҥа оскуола тутуллан киирэрин “үчүгэй түүллэригэр даҕаны түһээн көрбөтөхтөр”. Хас эмэ сыллар усталарыгар араас сиринэн, эргэ дьиэлэргэ үөрэнэн кэлбиттэр.

“Бу иннинэ наһаа эргэ дьиэлэргэ үөрэммиппит уонна испитигэр “бу маннык оскуолабытын үөрэнэн бүтэрэн эрдэхпит” диэн сылдьыбыппыт. Онтон бу биһиги дьолбутугар, саҥа оскуолабыт олоххо киирдэ, бу таас дьиэҕэ бастакы выпускник буоларбытыттан үс төгүл дьоллоохпут. Түгэнинэн туһанан бэрэсидьиэммитигэр Владимир Путиҥҥа, Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка, улууспут баһылыгар Степан Саргыдаевка, оскуолабыт дириэктэригэр Виктория Ивановнаҕа бу Мындаҕаайы курдук кэрэ айылҕалаах сиргэ-уокка, маннык тупсаҕай оҥоһуулаах оскуоланы бэлэхтээбиттэригэр, быйыл оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччилэр ааттарыттан дириҥник махтанабыт!”, — диэн оскуола быйылгы выпускнига, улууспут талааннаах, элбэҕи эрэннэрэр ыччата Самсон Иннокентьев санаатын үллэһиннэ.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр аҥардас бу биэс сыл иһигэр 33 тыһыынча үөрэнээччи саҥа оскуоланан хааччылынна. Ааспыт 2023 сылга 6 уһуйаан дьиэтэ уонна 14 оскуола үлэҕэ киирбиттэрэ, олортон саамай улаханнара Дьокуускай куоракка Прометей кыбаарталыгар онтон тыа сиригэр улахан оскуолалаах Горнай улууһугар Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ буолар. Быйылгы 2024 сылга барыта холбоон өссө эбии 6 саҥа уһуйаан уонна 18 оскуола тутуллара былааннанар.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ