Чурапчы улууһун бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин Сэбиэтин түмсүүтэ, бүгүн саҥа оскуола үөрүүлээх арыллыытыгар, Болугур нэһилиэгиттэн Чечня өрөспүүбүлүкэтигэр сулууспалыы сылдьан Аргунскай ущелье Дуба-Юрт сэлиэнньэтигэр бойобуой сорудахха суорума суолламмыт Тимофей Семенович Максимов төрөөбүт түөлбэтигэр, уһуйуллубут үөрэҕин кыһатын иккис этээһигэр истиэндэ уонна саллаат паартата туруорулунна.
Сэбиэт чилиэттэрэ, бойобуой дьайыы кэмигэр эдэркээн саастарыгар олохтон олус хомолтолоохтук туораабыт доҕотторун үйэтитэр сыалтан, “Боотур Уус” сыдьааннара бырагыраама өйөбүлүнэн, 2022 сылтан саҕалаан, хорсун буойуттар үөрэммит оскуолаларыгар Саллаат паартатын туруоран саҕалаабыттара. Ол онтон бу түмүктүүр түһүмэххэ, Болугур нэһилиэгин хорсун-хоодуот саллаатыгар Тимофей Максимов аата үйэтитилиннэ.
Бэлиэ түгэҥҥэ, СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин департаменын салайааччы Семен Иванов, Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэнин кэмитиэтин Саха сирин эрэгийиэннээҕи отделениетын салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьева, Болугур нэһилиэгин баһылыга Руслан Васильев, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Афанасий Максимов, Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сэмэн Жендринскэй, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ Савелий Дьячковскай, Иван Адамов, Василий Монастырев, Андрей Халгаев, Үлэ Дьоруойа Роман Константинов аатынан Амма орто оскуолатын дириэктэрэ Виктория Пермякова, Тимофей бииргэ төрөөбүт балтылара Надежда, Александра, Тимофей оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро, доҕотторо кыттыыны ыллылар.
“Бу маннык үйэтитии үлэтэ улууска ыытыллара саамай сөптөөх уонна кэнэҕэски үүнэн иһэр ыччаты патриотическай иитиигэ биир сүрүн хайысха буолар,” – диэн оскуола дириэктэрэ Виктория Ивановна тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
“Уолаттары кытары сүбэлэһэн баран маннык хамсааһыны таһаарбыппыт балай эмэ үгүс сыл ааста. Эрдэ Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, Тимоха олорбут, улааппыт дьиэтигэр кэлэммит мэҥэ таас ыйаабыттаахпыт. Амма орто оскуолатын үтүө үгэһэ элбэх, кинилэр уолларын аатын мэлдьи өрө туталлар. Олохтон суох буолбутун да кэнниттэн уонча сыл устата пионерскай этэрээккэ кини аатын илдьэ сылдьыбыттара ону таһынан, олорбут уулуссата билигин Тимофей Максимов аатын киэн тутта сүгэр. Онтон бүгүн Саллаат паартата сабыс саҥа үлэҕэ киирбит таас дьиэҕэ олоҕун букатыннаахтыы булла. Онон Болугур нэһилиэгин кэнэҕсэ үүнэн иһэр ыччата инникитин даҕаны саллаат олоҕун үөрэтэр кыахтаннылар, араас научнай-практическай да кэмпириэнсийэлэргэ бу матырыйааллары туһаныахтара диэммит улаханнык эрэнэбит” – диэн Сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Семен Александрович бэйэтин тылыгар эттэ.
“Сүүрбэттэн тахса сыл аата ааттамматах буойун төрөөбүт түөлбэтигэр маннык бэлиэ түгэн үүммүтүттэн биһиги нэһилиэк дьоно сүрдээҕин үөрдүбүт. Бииргэ төрөөбүт балтыта дьиэ кэргэнинээн көһөн кэлэннэр манна олохсуйбуттара син ыраатта. Салгыы даҕаны өссө үлэлэһиэхпит дии саныыбын. Маннык истиэндэлэр буойуттар хас үөрэммит оскуолаларын аайы ыйаныахтаахтар”, – диэн Светлана Владимировна санаатын үллэһиннэ.
“Убайбын бэрт кыратык өйдүүбүн. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит, Тимофей саамай улахаммыт этэ, ол да иһин буолуо барыбытын көрөрө-истэрэ. Мин начаалынай кылааска үөрэнэ сырыттахпына аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Уоппускаҕа кэлэ сылдьыбытын өйдүүбүн. Олус сымнаҕас майгылааҕа, дьону кытары уопсай тылы тута булара. Биһигини кытары тэҥҥэ оонньуура. Биһиги убайбытын санааннар уонна кэриэстээннэр бүгүн маннык бэлиэ күнү бэлэхтээбиттэригэр биһиги дьиэ кэргэн улаханнык махтанабыт”, – диэн Надежда Семеновна эттэ.
Эрдэ этиллибитин курдук, Тимофей суох буолбутун кэнниттэн, 10-ча сыл Болугур нэһилиэгэр кини аатынан пионерскай дружина үтүө суобастаахтык үлэлээн кэлбитин туһунан, киниэхэ аналлаах туспа истиэндэ ыйанан, Саллаат паартата нуучча тылын кабинетын туруоруллара этилиннэ.
Уолаттар сырдык ааттара хайаан да үйэтитиллиэхтээҕин туһугар бэтэрээн буойуттар күн-түүн үлэлэрин салгыыллар. Төрөөбүт үөскээбит алаастарыгар, улааппыт, оонньоон-көрүлээн ааспыт алаһа дьиэлэригэр кинилэр сырдык мөссүөннэрэ баарын тухары, чугас дьоно кинилэри саныылларын тухары кинилэр тыыннаахтар.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ