Мугудайтан Сандал Дьячковскай улахан ситиһиитэ

Бу күннэргэ, муус устар 1-5 күннэригэр, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка бүтүн Арассыыйатааҕы научнай практическай дойду араас муннугуттан чинчийэр талааннаах оҕолору хабар улахан кэнпириэнсийэлэрэ ыытылынна. Барыта 1135 оҕо, Саха сириттэн МАН (Малая академия наук) 26 оҕо кыттыыны ылла. Ол иһигэр Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатыттан төрүт үгэспитин, култуурабытын аныгы тэтимнээх олох туһатыгар таһаарар чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар 10 кылаас үөрэнээччитэ Сандал Дьячковскай кыттыыны ылла. Сандал “Наука, творчество, духовность” диэн хайысхаҕа кыттан муҥутуур кыайыылаах аатын ылан диплом ПОБЕДИТЕЛЯ диэнинэн уонна “Обретенное поколение” диэн мэтээлинэн наҕараадаланна. Салайааччылара- Саргылана Полятинская, Саргылана Данилова.

Сандал саха таҥарата -дьөһөгөй сиэлинэн, кутуругунан доруобуйаҕа туһалаах, эти-хааны чэбдигирдэр, ньиэрбэни уһугуннарар, өй-мэйии үлэтэ тупсарыгар туһалаах дьарык тэриллэрин оҥорон, боруобалаан, чинчийэн, тэҥнээн көрөн үлэ оҥорон кытынна. Салайааччылара Саргылана Давыдовна физкултуура учуутала буолан туран уонна сиэлинэн өр кэмнэргэ дьаныардаахтык дьарыктанан, үгүс оҕону уһуйан ити тренажердар туһаларын Сандалга ыйан-кэрдэн, Саргылана Петровна чинчийэр үлэ научнай өттүгэр сүбэлээн-такайан ситиһиигэ тиийдилэр. Сандалга, кини салайааччыларыгар, төрөппүттэригэр истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Киэн туттабыт, хайгыыбыт, астынабыт, инникитин өссө ситиһиилэри баҕарабыт!

Елана Данилова