Мугудайга субуотунньугунан күргүөмнээх үлэ ыытылынна

Быйылгы сыл Мугудайга «Үтүө дьыала» сылынан биллэриллэн турар. Онон нэһилиэк дьаһалтатын, баһылык Николай Аммосов көҕүлээһининэн үгүс үлэ ыытыллар. Ол курдук, бу күннэргэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ, түөрт түөлбэ бэрэстэбиитэллэрэ, биирдиилээн дьон кыттыылаах бөх тоҕор сир территориятын ыраастааһыҥҥа, оптоволокно остуолбаларын бэлэмнээһиҥҥэ хас да күннээх субуотунньуктар ыытылыннылар.  Маны таһынан олохтоох балыыһа  күрүөтүн саҥардыыга эмиэ  үлэ күөстүү оргуйда.