Мугудайга истиҥ көрсүһүү буолла

Ааспыт өрөбүллэргэ Мугудай нэһилиэгин урукку Лыбынтах ферматыгар үлэлээн-хамсаан ааспыт, үлэ үөһүгэр сылдьыбыт дьоммутугар сэргэх тэрээһин буолан ааста.

Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Чурапчы улууһугар Ытыктабыл, нэһилиэккэ Үтүө дьыала сылынан бэйэбит энтузиаст дьоннорбут, «Үлэҕэ килбиэн» 3-с степеннээх уордьан кавалера, ааспыт кэмнэргэ рекордсмен ыанньыксыт Никифор Оконешников уонна марафонец сүүрүк Спиридон Макаров көҕүлээһиннэринэн анал хамыыһыйа тэриллэн бу дьаһал үрдүк таһымҥа ыытылынна.

1954 сыллаахтан Лыбынтах ферматыгар өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан механизированнай хотон тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Маны көрөөрү Саха сирин араас муннуктарыттан, атын дойдулартан үгүс элбэх дэлэгээссийэ кэлэрэ, сэҥээрэн, сөҕөн бараллара.

Бу хотоҥҥо ынах ыылларыгар үрүҥ, ыраастыылларыгар күөх халаат кэтэллэрэ.

Хотон иннигэр Кыһыл муннуктаах арыы дьиэтэ, ыанньыксыттар таҥас уларыттар туспа хосторо уонна библиотека бааллара.

Колхоз үлэтэ-хамнаһа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аатырар этэ. Бу кэмҥэ колхоз бэрэсэдээтэлинэн Иван Сивцев үлэлээбитэ. Дьэ, бу күүрээннэх үлэни ахтан –санаан ааһаары маннык дьоро көрсүһүү тэрилиннэ.

«Эйгэ» норуот айымньытын дьиэтигэр элбэх киһи тоҕуоруһа мустан урукку кэмнэри санаатылар, оҕо саастарын оонньууларын көҕүлүттэн туттулар. Манна бааллар бииргэ олорбуттара 55 сыл буолбут, ол иһиттэн 29  сылларын бу фермаҕа олорбут, үлэлээбит Татьяна, Алексей Терютиннар, эдэр саастарыгар күүстээх үлэни үлэлээбит ытык-мааны дьоммут Марфа Аммосова, Мотрена Попова, Марианна Слепцова, Евдокия Гуляева, Татьяна Семеновна Смирникова, Татьяна Исаковна Смирникова, Ирина Варламова,  1959 сыллаахха «оскуола-производство-ВУЗ» диэн девизтээх өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын  выпускниктарыгар ыҥырыы таһаарбыт уонна бастакынан үлэлии тахсыбыт оҕолортон Марфа Баишева уонна да үгүс элбэх үлэлээн ааспыт үтүө дьоммут. «Оскуола-производство-ВУЗ»ыҥырыыны өйөөн кэнники кэмнэргэ фермаҕа үлэлээн ааспыт выпускниктар ол кэмнэри олус үчүгэйдик ахтан аастылар.  Төһө да ферма үлэтэ ыарахан буолбутун иһин эдэр саас умнуллубат кэрэ сыллара Лыбынтахха ааспыттара буоллаҕа.

Ытык-мааны дьоммут сэмэй бэлэхтэри тутан, оонньууга кыттан кыра бириистэри ылан, олус долгуйан махтал тылларын эттилэр, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Эдэр саастарын санаан «Дархан» ВИА тыыннаах ырыаларыгар дуоһуйа үҥкүүлээн да ыллылар.

 

Ульяна Слепцова, Мугудай