Биэчэри Анелия, Евгения Корякиналар иилээн-саҕалаан ыыттылар. Күн күбэй ийэлэри эҕэрдэлээн, «Көлүкэчээн» оҕо үҥкүү ансаамбылын толоруутугар, Яна Толстоухова туруоруутугар «Белые ангелы» саҥа үҥкүүнү үҥкүүлээбиттэринэн саҕаланна.
Дьоро күҥҥэ араас эйгэлээх, кэрэни түстүүр ийэлэрбит ыалдьыттаатылар. Кэпсэтиини Евдокия Попова ыытта. “Олоххо киэҥ көрүүлээх ийэ, далбар хотун” тиэмэҕэ Валентина Макарова, “Ийэ, общественник” тиэмэҕэ Евдокия Катакова, “Ийэ, тэрилтэ салайааччыта, депутат» тиэмэҕэ Аксинья Сивцева, «Элбэх оҕолоох ийэ» тиэмэҕэ Мария Оконешникова, «Ийэ, аныгылыы көрүүлээх педагог» тиэмэҕэ Мария Варламова кэпсээтилэр.
«Кэрэ кэрэни киэргэтэр» уларытыы түһүмэҕэр нэһилиэк 4 түөлбэтиттэн ийэлэр кытыннылар.
Гитаранан, баянынан ийэлэри эҕэрдэлээн, ылбаҕай ырыа ылланна. Евдокия Охлопкова салайааччылаах оскуола оҕолорун квинтетэ, “Сомоҕо” оҕо хамсааһына “Ийэм, эбэм хоппотуттан” ретро муоданы көрдөрдүлэр. Саҥа сүүрээнинэн ийэлэр “Зумба” спортивнай үҥкүүнү толорбуттара буолла. Яна Толстоухова салайыытынан бу сезоҥҥа кэрэ аҥаардарга “Зумба” спортивнай үҥкүү дьарыга ыытыллыа, маны таһынан иис-күүс, кэрэ эйгэлээх “Күбэйэ” түмсүү үлэлиэҕэ.
Тэрээһин кыттыылаахтара бары биир долгуҥҥа, биир тэтимҥэ флеш-моб үҥкүүнэн түмүктээтилэр. Кэлбит дьон астынан тарҕастылар.
Наталья Сибирякова