Мугудайга дьону түмэр үйэлээх тутуу бастакы түһүмэҕэ саҕаланна

Быйылгы 2024 дьылы, Мугудай нэһилиэгин дьаһалтата “Уол оҕо. Эр киһи” сылынан биллэрбитэ. Билиҥҥи уустук кэмҥэ дьону түмээри, биир өйгө-санааҕа кэлэн инникитин үлэ-хамнас таһаарыылаах, оҕо-аймах сөбүлүүр дьыалаларынан дьарыктаналларыгар биир кииннээх буолалларын туһугар, нэһилиэк эр дьоно мустаннар, сүбэлэһэннэр нэһилиэктэригэр анаан саха балаҕанын, Арчы дьиэтин тутарга сыал-сорук туруоруммуттара.

Инньэ гынан, бэҕэһээҥҥиттэн ылата бөһүөлэккэ улахан субуотунньук саҕаланна. Эр дьон бары өрө тураннар, тутааччы уолаттар өйөбүллэринэн, олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, сыгынньах илиилэригэр эрбии, сүгэ тутаннар тыаҕа тахсан 100 маһы охтордулар.

Түөрт тыраахтырынан бэрэбинэлэрин тиэйэн киллэрдилэр, итиэннэ мастарын төрдүн-төбөтүн быһаннар, саһаан маһын хайытаннар аҥардас олорор кырдьаҕастарыгар, дьахталларга анаан бэлэмнээтилэр.

Хантан даҕаны көмө көрдөөбөккөлөр, бэйэлэрэ үбүнэн-аһынан кыттыһаннар, икки пилораманы туруоран, кэлэр бэнидиэнньиктэн мас эрбэтиитин үлэтэ саҕаланара былааннанар. Онтон салгыы акылаат маһын түһэриитэ, эр дьон күлэрэ-үөрэрэ, бөһүөлэк иһигэр устуруус, эрбии, тоҥсуур тыастара кэрэ дорҕоон буолан унаарыйа көтүөхтэрэ.

Ити курдук, Мугудай нэһилиэгин олохтоохторо хайдахтаах курдук биир санааҕа кэлэннэр, “Уол оҕо. Эр киһи” сылын чэрчитинэн сомоҕолоһуу уонна түмсүү күүһүн бастыҥ холобурун көрдөрөллөр.

   Сэмэн Жендринскэй