Бу күннэргэ Чурапчы улууһугар оскуола үөрэнээччилэригэр анаан, оскуолаҕа үрдүттэн хонноро сытан байыаннай-патриотическай хомуурдар ыытылла тураллар. Манна биир үгүс 5-10 кылаас уолаттара хабыллаллар.
Бүгүн, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, космофизик, Саха АССР наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ Дмитрий Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатыгар үчүгэй көрсүһүү буолан ааста. Ол курдук байыаннай-патриотическай хомуурга сылдьар 23 үөрэнээччилэри кытары Афганистан сэриитин кыттыылааҕа Савелий Дьячковскай, I-кы Чеченскэй хампаанньа кыттыылааҕа Мирон Игнатьев, Хотугу Кавказка бойобуой дьайыы кыттыылааҕа, МВД бэтэрээнэ Олег Оконешников көрсөн кэпсэттилэр. Тэрээһиҥҥэ Мугудай нэһилиэгин баһылыга Николай Аммосов, оскуола дириэктэрэ Николай Пермяков кыттыыны ыллылар. Бу иннинэ оҕолор Чурапчы улууһун култуураҕа управлениетын начаалынньыга Петр Гуляевы уонна Мугудайдааҕы “Эйгэ” НАДь-тин дириэктэрэ Радислав Катаковы кытары интэриэһинэй кэпсэтиигэ кыттыбыттар этэ.
Бэҕэһээ, олунньу 15 күнүгэр, Афганистан сэриитэ түмүктэммитэ 35 сылын туолла. Афганистан сэриитэ 1979 сылтан саҕаланан 1989 сыллаахха түмүктэммитэ. Биһиги улуустан ити уорааннаах сэриигэ кыттыбыт Савелий Иванович Дьячковскай үөрэнээччилэргэ анаан: “Бэҕэһээ норуокка умнуллубат өйдөбүнньүк күн буолан ааста. 10 сыл устата, 1979-1989 сс., ССРС Афганистаҥҥа сэриилэспитэ. 15 тыһыынча кэриҥэ саллаат уонна офицер дойду араас эрэгийиэннэриттэн өлбүтэ, 51 тыһыынча байыаннай сулууспалаах бааһырбыта уонна инбэлиит буолбута. Оттон Саха сириттэн Афганистан сэриитигэр 1000 кэриҥэ саха буойуннара кыттыбыттара, мантан 20-тэ араас эчэйиини ылбыттара, 14 киһи инбэлиит буолбуттара. 10 саллаат бу сэриигэ олохторун толук уурбуттара. Билиҥҥи туругунан Саха сирин байыаннай комиссариатын дааннайынан, Афганистан сэриитин кыттыылаахтарын 437 бэтэрээнэ баара биллэр, ол иһигэр 37-тэ офицердар, — диэн бэрт кылгастык ахтан ааста.
Көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Дархан Игнатьев төрөппүт аҕата Мирон Михайлович: “Хас биирдии эр киһиэхэ аармыйаҕа сулууспалаабыт кэмнэрэ ураты буолар. Ол кэмнэри санаатахха, дууһаҥ сылаанньыйар. Аармыйа үөрэҕэ тус олоххо туһалаах буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Мин аармыйаҕа Мугудайтан төрүттээх Петр Абрамов диэн айылҕаттан күүстээх-уохтаах уолу кытары бииргэ сулууспалыы барбыппыт. Хомойуох иһин доҕорбут кылгас үйэлэммитэ. Былырыын киниэхэ анааммыт бу эһиги оскуолаҕытыгар “Саллаат паартатын” кэлэммит туруоран барбыппыт. Уолаттар кытаатаҥҥыт эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолуҥ”, — диэн сүбэлээтэ.
Хотугу Кавказ кыттыылааҕа Олег Николаевич үөрэнээччилэргэ анаан кыратык устуоруйаттан анаарда: “Сахалар — аҕыйах ахсааннах омук. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр, аас-туор олохтон хоргуйан, ыалдьан өлбүт саха ахсаана быһа холоон 100 тыһыынча диэн дааннайдар кэпсииллэр. Санаан да көрдөххө, ынырык дии. Бэйэтэ да сэрии иннинэ 300 тыһыынчаттан эрэ тахса киһи баара буолуо. Оттон итиччэ киһини сүтэрии диэн охсуута сүр буоллаҕа дии. Ол гынан баран итиннэ сыһыаран биири этээри гынабын. Арай, оччолорго биһигини аҕыйах ахсааннаах норуот диэн ойуччу тутан, тыыппакка хаалларбыттара буоллар, биһиги чыҥха атын санаалаах буолуо этибит. Бүтүн дойду дьылҕата быһаарыллар суолталаах кэмигэр кыттыспакка туора турбуппут буоллар, нация быһыытынан бэйэни билиниигэ, патриотизм өйдөбүллэригэр улахан охсууну ылыахпыт этэ. Онон төһө да ыар кэмнэр аасталлар, бу сэриигэ кыттан, улуу омуктары кытта сэргэстэһэ сылдьан, биир санаанан салайтаран, биир өлүүгэ өлөн, буһан-хатан, атын норуоттары кэттэ тэҥҥэ сананар таһымҥа тахсыбыппыт. Бу суолтата, дьиҥин ыллахха, олус улахан.
Иккис түгэн. Сэриигэ араас-араас омук кытыннаҕа дии. Онтон сиэттэрэн, кистэлэҥ аҥардаах социологическай дааннайдар бааллар. Охсуһуу хонуутугар өлбүт дьон ахсаанын нэһилиэнньэҕэ сыһыаран көрөллөр. Онно сүрүннээн омук аайыттан 3% буолар эбит, чэ, бэккэлээтэҕинэ, 6%. Холобур, нууччалар киэннэрэ 5,5 %. Оттон чуолаан сахалары ылан көрбүттэрэ, быһа холоон, 17% буолан тахсыбыт. Манна, мин санаабар, сахалар кыраҕы харахтаах, чуор кулгаахтаах буолан, саамай эппиэтинэстээх, ыарахан учаастактарга сылдьыбыт буолуохтарын сөп. Дэлэҕэ да, бэргэн ытааччыларбытынан сураҕырыахпыт дуо?
Онон бу ыар кэми, төһө да ыраах олордорбут, чиэстээхтик аһардан, эппитинэн-хааммытынан билэн, тургутууну ааһан, атын омуктартан итэҕэһэ суох сананабыт. Өбүгэлэрбит, эһэлэрбит, эбэлэрбит хара көлөһүннэрин, кыа хааннарын тоҕон, кэнчээри ыччат кэскилин түстээтэхтэрэ дии. Маны кистии-саба тутар наадата суох, аһаҕастык киэн тутта этэрбит оруннаах. Патриотизм диэн итинтэн тахсар”.
Үөрэнээччилэр ортолоругар арай өйдөөн көрбүтүм, улуус кэскиллээх тустууга, чэпчэки ыйааһыҥҥа Чурапчы улууһун хас даҕаны чөмүйүөнэ, өрөспүүбүлүкэ ону ааһан Уһук Илин эрэгийиэн призера, Мугудай орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Влад Сивцев баар эбит: “Маннык хомуурга аан бастакыбын сылдьабын. Барыта үчүгэй, элбэхтэ эрчиллэбит. Сорох уолаттар упражнение оҥоруутугар ыарырҕаталлар эбит. Кылааспытыттан бэһиэ буолан сылдьабыт”, — диэн ыспарсымыан киһи сиэринэн бэрт сэмэйдик кэпсээтэ.
“Кылдааспытыттан эмиэ бэһиэбит, биир уолбут ыалдьан хаалан кыайан кэлбэтэ. Сарсыарда 7 чааска тураммыт сэрээккэлиибит ол кэнниттэн аһыыбыт. Салгыы былаан быһыытынан үөрэнэбит, дьарыктанабыт. Астара-үөллэрэ үчүгэй. Бу кэлэр ыйга манна ыытыллыахтаах “Снежнай барска” кыттыахпын дьиҥэр баҕарбытым, ол ону төрөппүттэрбит быйылгы сыллаахха ОГЭ-тар диэннэр көҥүллээбэтилэр. Кыра кылаас уолаттарыгар “элбэхтэ маннык хомуурдарга сылдьыҥ” диэммин сүбэлиэм этэ, кылаабынайа бэйэлэрэ баҕалаах буолуохтарын наада. Успуордунан дьарыктаналлара ордук этэ, төрөппүттэригэр көмөлөстүннэр”, — диэн 9-с кылаас үөрэнээччитэ Степан Данилов санаатын үллэһиннэ.
Дьэ бу курдук, патриотизм диэн ийэ үүтүттэн, дьиэ кэргэнтэн, тэлгэһэттэн саҕаланар сүдү күүс буолар. Киһи өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар иҥэн хаалбыт киһи дууһатын сорҕото буолар. Киһини кыра оҕо эрдэҕиттэн ол иҥэ сылдьар иэйиитин уһугуннаран, сайыннаран, иитиэхтээн, өйүгэр-санаатыгар иҥэриллиэхтээх, тилиннэриллиэхтээх. Дьэ, бу мантан бэриниилээх буолуу, тулхадыйбат тулуур, таптал саҕаланар, киһи ис дьиҥэ арыллар. Олоҕу таба көрөргө, өйдүүргэ, төрөөбүт түөлбэни таптыырга, харыстыырга, көмүскүүргэ, махталлаах буоларга бэйэбит холобурбутунан үөрэтиэхтээхпит, тиэрдиэхтээхпит.
Сэмэн Жендринскэй – Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.