Мин бүгүҥҥү кэпсэтэр киһим Үлэ Албан Аата уордьан кавалера, пятилетка эдэр гвардееһа, аатырбыт ыанньыксыт, Мугудай нэһилиэгин олохтооҕо Никифор Иванович Оконешников.
Никифор Иванович 1977 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрэн баран Уу-Оҕустаах ферматыгар арыыһыттаабыта, ол үлэлии сырыттаҕына Лыбынтах ферматыгар көһөрөннөр ыанньыксыт буолбута. Онтон армияҕа барар. 1980 сыллаахха кэлэн эмиэ фермаҕа төннүбүтэ. Мугудай нэһилиэгин “Төбүрүөн” ферматыгар Попова Мария Афанасьевна, Захарова Татьяна Дмитриевна, Крюкова Елизавета буолан бииргэ үлэлииллэр. Кыһын 120 тиҥэһэни көрөн, төрөтөн, күҥҥэ 5-6-та ыан ынахха таһааран баран 20-лии ынахтаах Лыбынтах ыанньык ферматыгар көспүттэрэ.
“Манна наһаа үчүгэй кэлэктиип үлэлии сылдьара. Бэйэтэ туспа кыра бөһүөлэк курдуга. Үлэ да буоллун, кэнсиэр, күрэхтэһии да буоллун бары биир киһи курдук наһаа түмсүүлээх этибит. Смирникова Татьяна Семеновна итии аһылык астаан абыраабыта. Ол ас баар буолан тулуйдахпыт буолуо күүстээх үлэни.
А.Р. Толстоухова кэнниттэн, 1982 сыллаахха биирдии ынахтан 2000 лиитэрэ үүтү ыабыппыт. Сылын аайы эбэһээтилистибэ ылынан, биирдии ынахтан тыһыынчанан киилэ үүтү эбэн испитим. Ынахтарга эбии аһылыгы элбэтэн, күҥҥэ үстэ уулатан, 1986 сыллаахха 4375 лиитэрэ биирдии ынахтан ыабытым. Бу рекорднай ыаһыны улууска күн бүгүнүгэр диэри ким да ыла илик.
Биир түгэни ахтан аһардахха маннык: кыргыттар күннээҕи ыамы түһэрбэт инниттэн, грамынан ааҕан «иэс ылсаллара», бу үүтү сарсыныгар ирдээн ылаллар. Иккис түгэн, комбикорму аахсыыга кууллаах бурдугу сүгэ-сүгэ сүүрүү, былдьаһыы буолара. Итинник бэриниилээхтик үлэлээбиппит.
1984 сыллаахха Мугудай сопхуос (директор Сергеев С.И.) буолбуппут кэнниттэн, Лыбынтах фермата кэлэктиибинэй бэдэрээт биригээдэтэ буолбута.
Онно биһиги биэс киһи биир биригээдэ этибит, мин салайаачыбын, Варламов В.А., Варламова М.Д., Варламов А.Д., Гуляев Н.Д.. Үлэни бары тэҥҥэ үлэлиирбит. Бырысыабы толору комбикорм кэлэр, дьэ ону кыыстыын -уоллуун бары тахсан сүөкүүрбүт. ким да туора туран хаалбат. Оппутун эмиэ түннүкпүт анныгар биригэдьиирбит Дмитрий Дмитриевич Сивцев-1 аҕалан сүөкээн биэрэр. Саамай күүстээх көрдөрүүлэр сут кэмигэр буолаллар эбит дуу дии саныыбын. Үүтү да ыырга, эти да оҥорорго сүөһүгэ саамай туһалаах эбии аһатыы буолар этэ. Сэбиэскэй кэмҥэ эбии аһылык оҥоруута наһаа күүскэ оҥоһуллар эбит . Бу кэмҥэ сиилэс угааччы- тракторист Дмитрий Егорович Скрябин тыһыынчанан тонна сиилэһи уган, онон эбии аһатан бу ситиһиллибитэ, үүт ыаһына лаппа үрдээбитэ. Дмитрий Егоровиһы онон үүт ыаһыныгар улахан кылаатын киллэрсибит киһинэн ааҕабын” –диэн кэпсиир Никифор Иванович.
-Ити бэдэрээдинэй биригээдэ диэн оройуоҥҥа биир бастакынан тэриллибит дьаһал этэ. Манна зоотехник Пермякова Анна Семеновна элбэххэ үөрэппитэ. Хаһаайыстыбаннай ахсаан ньыматынан үлэлээбиппит. Хотон амортизациятыттан, электроэнергияттан аһылыгын, уутун, туох баар ороскуотун барытын ааҕан баран, киллэрбит дохуоккуттан көҕүрэтэллэр, оччоҕо үүт бэйэтин сыаната тахсар. Ону хамнас оҥостон биригээдэ бэйэтин иһигэр үллэстэр. Сопхуос салалтата хамнаһы үлэ ыстааһынан төлүүрэ, кэлин үлэһит үлэҕэ киллэрбит кылаатынан ааҕар буолбута.
1986-87 сылларга кураан улааппыта. Былыргы эбитэ буоллар сутуохтаах этибит. Сунтаартан, Бүлүүттэн, Горнайтан, Кэбээйиттэн уонна Амуртан тиийэ от, бурдук бөҕө тиэйиллэрэ. Нэһилиэк дьоно, оскуола оҕолоро Орджоникидзенан, Бүлүүнэн, Горнайынан, Кэбээйинэн звеноларынан оттуу бараллара.
Биир сыл Н.Д. Гуляевтыын иккиэн 120 тиҥэһэни ынахха таһаарбыппыт. Төрөөбүт тиҥэһэни күҥҥэ 5-6 ыан, синньилэрин массажтаан, ыанньыксыттарга туттарбыппыт. Хас биирдии тиҥэһэттэн 2700 л. үүтү ыан, оройуоҥҥа бастааммыт, Ньукулайым оройуон чемпионун лиэнтэтин кэтэн олус үөрбүтэ баара. Ити сүөһүлэрбит сүрдээх үүттээх ынахтар буолан тахсыбыттара. Ньукулайбынаан уһун күҥҥэ хотоҥҥо сылдьарбыт.
Ынах сүөһүнү сэргэ сылгыны уруккаттан сэҥээрэбин. кэлин сопхуостар эстэннэр чааһынай сылгыһыт буолбутум. Ол курдук 10- ча сыл сылдьыбытым, ол быыһыгар ат баайыытыгар үлэлэспитим. Бэйэм бас билэн саха аттарын баайбытым. Үрдүк үөрэх дипломун саха сылгытыгар көмүскээбитим. Саха сылгыта барахсан сыата-этэ минньигэһэ омук сиригэр тиийэ аатырар, аны бөҕөтө, тулуура, кыыбаҕата суох сылга бэйэтин бэйэтэ көрүнэн уһун кыһыны туоруура. Кэмиттэн кэмигэр сөптөөх прививкалары оҥордоххо, киһини сыратын олус ылбат тыа хаһаайыстыбатын сүрүн көрүҥэ буолар.
Бу кэлиҥҥи сылларга саха аттарын сүүрүүтүн сайыннарарга үлэлэһэ сылдьабын. Кэлин Егор Афанасьевич Борисов Бырбыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ буолан олордоҕуна киирэн саха аттарыгар бириистэ туруоруо этигит диэн санаабын этэммин, тута ылынан саха аттарыгар биир мөлүйүөннээх бириис баар буолбута. Онно мээрэйинэн киллэрэр этибит, мээрэйгэ хапсыбатах сылгылар бааллан баран таах хаалыахтара дуо диэммин убаһа бириис туруораммын, аны сиэнчэрдэргэ диэн бириис баар буолбута.
Номоххо киирбит Мейн Кониг атыылаһыллан кэлиитигэр кыттыгастаахпыттан олус үөрэбин. 2016 сыллаахха оттуу сырыттахпына Уйбаан Уйбаанабыс Харлампьев көҕүлээһининэн, Андрей Тимофеевич Ноговицын ыҥыран ылан сүүрүк атта атыылаһа барыҥ диэн дьаһал биэрэн Осипов Дмитрийдиин барбыппыт. Ол иннинэ ат көрдөтө Терентьев Николайы ыыппыппыт. Краснодарга тиийэн ат бөҕөнү буллум диэн эрийдэ. Дьэ, ол аттартан кэрийэн талан-талан Мейн Конигы булбуппут. Аны харчыбыт тиийбэккэ бэйэбититтэн эбэн ыллыбыт. Дьааһык бөҕө оҥорон самолекка уган ыытаммыт, онтон ыла Мейн Кониг тыыннаах легенда буолан быйыл сайын спортан атаарылынна.
Сылгы собуота ыһыллыытын саҕана “сылгыны эспэккэ иитэ сатааҥ, хойут махталлаах дьыала буолуо” диэн этиибин дьонум сэргэм өйдөөннөр эбии иитэн испиттэрэ, онон сылгыбыт сылтан сыл эбиллэн иһэриттэн үөрэбин. Инньэ гынан сылгыбыт хаачыстыбата сылтан сыл тупсан иһэр. Хаһаайыстыбабыт сыл аайы племенной убаһалары өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕатар. Куруук хаачыстыбата үчүгэй диэн былдьаһыкка сылдьар убаһалардаахпыт. Оннук сылгы иитиитин сайыннарар “Бараммат” диэн ТХПК тэрийбитим хас да сыл буолла. Билигин ыһыллыбыт сылгы собуотун чөлүгэр түһэрэр уустуктардаах эрээри, үлэлэһэри наадалааҕынан ааҕабын.
Никифор Иванович кэпсээнэ сэмэй да буоллар, үйэтин тухары тыа сирэ сайдарын туһугар санааларын сайа этэн, эдэр дьоҥҥо сүбэ-ама буолан кэллэ. Билигин тэрийбит кэпэрэтиибигэр 40 чилиэннээх, 600 –чэ сылгылаах. Онтон 440 биэлээх. Үлэни – хамнаһы урукку үөрүйэҕинэн сатабыллаахтык салайа- дьаһайа олорор нэһилиэк биир тутаах киһитэ буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит «Үлэ» сылыгар күргүөмнээх үлэнэн олорор. Самаан сайын үтүө күннэрин куоттарбакка, кыстыгы этэҥҥэ туораары оттоон үлүмнэһэ сылдьар. Никифор Иванович курдук дьоннор баалларын тухары тыа сирэ туруктаах буолуо диэн эрэнэбин.
Ульяна Слепцова,
Саха өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна,
Мугудай нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ.