“Молодые профессионалы” федеральнай бырайыак регионнааҕы түһүмэҕэр Сылаҥ үөрэнээччилэрэ 6 мэтээли ыллылар

Г.П. Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатыттан 26 үөрэнээччи 8 компетенцияҕа кытыннылар. Түмүккэ 3 кыһыл көмүс, 1 үрүҥ, 2 боруонса мэтээллэри ылары ситистилэр.

“Эстетическая косметология” компетенцияҕа Макарова Валерия кыһыл көмүс мэтээли ылла, уһуйааччыта — нуучча тылын, литературатын учуутала ЕлизаветаМакарова. “Лабораторный медицинский анализ” Сивцев Антон иккис сылын кыһыл көмүс мэтээли ылла, ааспыт сайын Пермь куоракка Арассыыйа түһүлгэтигэр 7 м тиксэн, призовой боротокуолга киирбитэ, салайааччыта —  Мария Макарова. “Социальный и медицинскиц уход” Слепцов Миша кыһыл көмүс мэтээли ылла, уһуйааччыта — Лидия Никитина. “Звукорежиссура”  Трофимов Эдуард үрүҥ көмүс мэтээли ылла, уһуйааччыта — Айсен Борисов.“Фармацевтика” Захарова Айта боруонса мэтээли ылла, уһуйааччыта —   Лилия Дьячковская. “Лечебное дело” Потапова Лиана боруонса мэтээли ылла, уһуйааччылара — Лидия Никитина,Саргылана Христофорова.

Оҕолор “Молодые профессионалы” кытта сылдьалларын туораттан көрдөххө, дьиҥнээх профессионал курдуктар. Сатабыл, албас, билии бөҕө иҥэриммит олус дьоһун дьон буолаллар. Кинилэр инники олохторугар туһуланар улахан оскуоланы ааһаллар. Ону таһынан эппиэтинэстээх  үлэһит, туппуттарын ыһыктыбат, тулуурдаах, дьулуурдаах, сатаан күрэстэһэр (конкурентноспособность) уо.д.а. тус хаачыстыбаларын сайыннараллар. Кыайыылаах оҕолор мантан сайын Арассыыйа киин куораттарыгар күрэхтэһэ барарга бэлэмнэниэхтэрэ.

Оскуола салалтата, дириэктэр Николай Дьяконов идэ иннинээҕи бэлэмнэнии үлэтин тиһиктээхтик тэрийэн, оскуолабыт 115 сыллаах үбүлүөйүн дьоһун бэлэхтээх көрүстүбүт.

Лидия Сивцева, дириэктэри агротехнологическай хайысхаҕа солбуйааччы