Мин бүгүн “Биһиги –Куоркун уолаттарабыт” кинигэни ордук чорбото бэлиэтиэм этэ

Алтынньы 11 күнүгэр интэринээт томторун ааҕар балаҕаныгар Дмитрий Петрович Коркин иитиллээччилэрэ Петр Калачев “Учууталым илиитэ” уонна Семен Макаров “Биһиги – Куоркун уолаттарабыт” кинигэлэр сүрэхтэниилэригэр ыҥырыы тутан, төһө да  ардахтаах күн, суол–иис алдьанан киһи таһырдьа тахсыбат бадараана буоллар, тэрээһиҥҥэ тиийэн кыттыыны ылан кэлбитим. Олус истиҥ кэпсэтии тахсыбытыттан, элбэх киһи тыл этэн санааларын үллэстэн тыл эппиттэриттэн өрө көтөҕүллэн сылдьабын.

Кинигэлэр сүрэхтэниилэрин тэрийэн ыыппыт бибилэтиэкэ үлэһитэ Октябрина Окороковаҕа уонна биллэр тэрийээччи, уопсастыбанньык Мария Дьячковскаяҕа түгэнинэн туһанан улахан махтанабын.

Мин бүгүн Семен Прокопьевич Макаров “Биһиги – Куоркун уолаттарабыт” кинигэтигэр тохтуом этэ. Семен Прокопьевич  хаһан даҕаны бэйэтин арбанан кэпсэммэт, бука бары убаастыыр, сүгүрүйэр ыспарсымыаммыт буолар, кини – оҕолорго көҥүл тустууга ССРС чөмпүйүөнэ, көҥүл тустууга Аан дойду түһүлгэтигэр сахалартан бастакынан боруонса мэтээл хаһаайына, Чакыр, Чурапчы нэһилиэктэрин, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, дьоһуннаах ыал Аҕа баһылыга.

Ааптар бу кинигэтин Улуу тириэньэр олоҕун аргыһыгар  Александра Семеновнаҕа анаабыта ордук киһи дууһатын таарыйар. “Кинигэ тириэньэрбит Дмитрий Коркин 95 сылынан, иитиллээччилэр ийэлээтэр ийэбитигэр Александра Семеновна Коркинаҕа ананар” диэн истиҥ тыллара, бу көннөрү этии буолбатаҕа сабаҕаланар.

“Биһиги – Куоркун уолаттарабыт” кинигэ үс түһүмэҕин тухары урут хаһан да, ханна даҕаны киирбэтэх ахтыылар, суруйуулар баалларын киһи астына, дуоһуйа ааҕар. Кинигэ былааннаахтык барбыта көстөр, ол курдук бастакы түһүмэх 1950-1960-с сылларга эрчиллибит бастакы көлүөнэ тустууктар кэпсээннэрэ, оттон иккис түһүмэх 1960- 1970- сылларга Чурапчытааҕы оҕо ыспартыыбынай оскуолатыгар үөрэммит, Дмитрий Петровичка эрчиллибит, эрдэ олохтон туораабыт дьон туһунан кинилэр үөлээннээхтэрин, чугас дьонун ахтыылара, салгыы үһүс түһүмэх успуорка, атын да эйгэлэргэ таһаарыылаахтык үлэлии–хамсыы сылдьар Улуу тириэньэр үөрэнээччилэрин ахтыылара  киирбиттэр. Бу кинигэ билиҥҥи көлүөнэ тустууктарга босуобуйа-учуобунньук курдук ууруллан, ааҕылла сылдьыахтаах дии саныыбын.

“Бастакы көлүөнэ тустууктар, оччотооҕу кэм сиэринэн эрчиллэн, оройуоҥҥа, республикаҕа, дойду араас да муннуктарыгар  бэйэлэрин кыахтарынан күрэхтэһэн, тустан кыайбыт да, кыайтарбыт да буоллахтарына, Саха Сиригэр тустуу сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьон. Ону умнуо суохтаахпыт…” диэн суруйар кинигэ аан тылыгар ааптар олус күүстээх, алгыс буолар тылы суруйбут.

Бастакы тустууктарбыт, тириэньэрдэриттэн Дмитрий Петровичтан аҕыйах сылынан балыс дьон буолалларын, ол саҕана холкуоска, МТС –ка үлэлиир ыччаттар эбиттэрин туһунан оонноҕор биһиги аҕам саастаах дьон бу кинигэттэн ааҕан биллибит. Тыа сирин сэмэй, боростуой уолаттара үлэлии сылдьан, көҥүл тустуунан умсугуйан туран дьарыктаммыттарын, күрэхтэһиилэргэ бастакы хардыылары оҥорбуттарын киһи улаханнык киэн тутта ааҕар.

Кинилэр кэпсээннэригэр Чурапчыбыт улууһугар хайдах тустуу саҕаламмыта, бастакы дьарыктар, хайдах усулуобуйаҕа олорбуттарын, Дмитрий Петрович ханнык албастары үөрэтэрин туһунан олус сиһилии суруллар, ханнык күрэхтэһиилэргэ кыттыбыттарын туһунан туох да киэргэтиитэ, күүркэтиитэ суох чуолкайдык бэлиэтэммит. Куоркун бастакы иитиллээчилэрэ успуорка эрэ буолбакка, кэлин үтүө суобастаах үлэлэринэн дьон убаастабылын ылыан ылбыт, үрдүк чиэскэ, бочуокка тиксибит дьон буолалларын туһунан ааптар кинигтигэр киллэрбитэ ордук биһирэбиллээх.

Иккис түһүмэххэ Семен Прокопьевич ыспартыыбынай оскуолаҕа  биир кэмҥэ үөрэммит, Дмитрий Петровичка бииргэ дьарыктаммыт, тустубут уолаттарын туһунан суруйуулара, кинилэр тустарынан чугас дьоннорун, оҕолорун ахтыыларын бэрт табыгастаахтык киллэрбит. Бу түһүмэххэ хомойуох иһин билигин бу орто дойдуга суох киирбит тустууктар бука бары биһиги дойдубутун, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ чиэстээхтик көмүскээбиттэрин, кыайыы өрөгөйүн билбит, мчаҕылхай тустууну көрдөрбүт,  көҥүл тустууга ССРС успуордун маастардарыгар тиийэ үүммүттэрин уот харахха ойуулуур.

Түмүктүүр үһүс түһүмэххэ ааптар интэринээт-оскуолаҕа бииргэ үөрэммит, дьарыктаммыт доҕотторун ахтыыларын бэйэлэригэр суруттаран киллэрбитин улаханнык биһирээтим. Манна 1970-1980 сылларга бу оскуолаҕа үөрэммит, Дмитрий Петровичка эрчиллибит биллиилээх тустууктар, тириэньэрдэр, атын да эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээбит дьон ахтыылара олус кичэллээхтик суруллубут.  Кинилэр ахтыыларыгар, дьиэттэн–уоттан тэлэһийэн, атын –атын нэһилиэктэртэн, ыраах улуустартан тиийэ кэлэн, интэринээт–оскуолаҕа үөрэммиттэрин, дьарыктарын, күрэхтэһиигэ хайдах сылдьыбыттарын, доҕотторун, сорох мүччүргэннээх сырыыларын, арыт көрдөөх да түгэннэрин, тириэньэрдэрин кытары бииргэ сылдьыбыт кэмнэрин киһи олуһун умсугуйан, таттаран туран ааҕар. “Хас биирдии оҕо дьоҕурун таайан, өтө көрөн, ону күннээҕи үлэтигэр туһанара… хас биирдии киһи атын киһи туһугар кыһаныахтааҕын, көмөлөһүөхтээҕин ситиспит эбит. Бу орто дойдуга киһи олорорун тухары  саамай наадалаах, туһалаах хаачыстыбата буоллаҕа… Итинэн оҕолор икки ардыларыгар сүрдээх итии сыһыаны олохтообута” диэн суруллар.

“Биһиги – Куоркун уолаттарабыт” кинигэни арыйааты кытары Улуу тириэньэр хаартыската эйигин холкутук, чинчилиирдии көрөн олороро элбэҕи этэр дии саныыбын. Кинигэҕэ ол кэми кэрэһэлиир, тустуу күрэхтэһиилэрин кэпсиир, сырдатар элбэх хаартыска киирбитэ кэрэхсэбиллээх.

Семен Прокопьевич Макаров өр кэмнэргэ сорук оҥостон, тугу даҕаны умнууга хаалларбакка, ахтыылары сыа-сым курдук хомуйан, барытын бэйэ-бэйэтигэр ситимнээн, дириҥ өйдөбүллээх кинигэни хомуйан таһааттарбытыгар улаханнык махтанабыт. Кинигэ өр кэмҥэ успуорду эрэ сэҥээрээччилэргэ буолбакка, ааҕааччы киэҥ араҥататыгар тарҕаныа диэн эрэнэбит.

 

Наталья Захарова — РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй