Марфа Артемьева: «Алгыс дьиэ кэргэн иллээх-эйэлээх буоларыгар көмөлөһөр»

Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн  Хадаартан Марфа уонна Рустам Артемьевтар дьиэ кэргэннэрин сырдатабыт. Кинилэр ыам ыйыгар ыытыллыбыт «Уйа» дьиэ кэргэн улуустааҕы  куонкуруһун кыайыылаахтарынан буолбуттара. Ыал ийэтин Марфа Семеновнаны кытта сэһэргэстибит.

  • Марфа Семеновна, бастатан туран, баһаалыста бэйэҥ уоннна дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэрэ түс эрэ.
  • Мин – Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Кэргэним Рустам – Одьулуунтан төрүттээх. Кыра сылдьан ийэтинээн Хадаарга көһөн кэлбиттэр. Онтон ыла, Хадаары иккис дойду оҥостон олорор. Билигин Уорҕа учаастагар хочуолунай операторынан, мин Хадаар дьаһалтатыгар экономикаҕа кылаабынай исписэлииһинэн үлэлиибит. Былырыын ыал буолбуппут 10 сылын бэлиэтээбиппит. Үс күҥҥэ көрбүт көмүстэрбит, оҕолорбут – уолбут Дьулус 10-с кылааһы, Алина уһуйааны ситиһиилээхтик бүтэрдилэр.  Кыра кыыспыт 5 саастаах, уһуйаан иитиллээччитэ буолар.
  • Куонкуруска бэлэмнэниигит хайдах ааста?
  • Куонкурус туһунан Хадаардааҕы норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччытыттан Лия Лукинаттан истибиппит. Кини эрийэн, кыттарбытыгар сүбэлээбитэ, балаһыанньатын билиһиннэрбитэ. Мин интэриэһиргээн, холонон көрүөххэ сөп эбит дии санаабытым эрээри, аҕабыт үлэтигэр буолан, тута сөбүлэспэтэҕим. Кэргэним киэһэ сибээскэ тахсыбытыгар эрийэн эппиппэр, ылыммыта. Кырдьыгынан эттэххэ, онно улаханнык соһуйбутум. Тоҕо диэтэххэ, куонкурус оруобуна кус кэмигэр түбэһэр этэ. Аҕабыт  кыра оҕо эрдэҕиттэн бултуурун сөбүлүүр, ол иһин баччаларга наар тыаҕа сылдьааччы.

Күрэхпит бастакы түһүмэҕэ – бэйэни билиһиннэрии. Биһиги «дьиэ кэргэн – биир ситим” буоларын туһунан өйдөбүлү тиэрдибиппит. Сыанаҕа бастаан, аҕабыт ситии тутан киирбитэ, онтон  мин, онтон биирдиилээн оҕолорбут киирэн, биир ситии оҥорбуппут. Салгыы дьиэ кэргэммит үгэстэрин сырдаппыппат. Кыра кыыспыт кыбыстыбакка, толлубакка бэйэтин туһунан олус үчүгэйдик билиһиннэрбитэ. Түмүккэ пазл хомуйан, Ыал саргытын сылын эмблематын таһаарбыппыт.  Манна идиэйэтиттэн саҕалаан, хас биирдии хамсаныыбытыгар тиийэ барытын хореограф Изабелла Адамова көмөлөспүтэ.

Иккис түһүмэххэ аҕалар кус үргээһинигэр күрэхтэспиттэрэ. Аҕабыт сибиэһэй чыккымайы үргээн, бириэмэтинэн иккис бүппүтэ. Дьүүллүүр сүбэ үлэ хаачыстыбатын эмиэ көрөр буолан, аҕабыт бу түһүмэххэ эрэллээхтик бастаабыта.

Үһүс түһүмэх – “Уйа” куонкурус. Манна хас биирдии дьиэ кэргэн сорудах быһыытынан, бэйэлэрин фантазияларынан араастан быһыылаан-таһаалаан, киэргэтэн-симээн оҥорбут уйаларын аҕалбыттар. Ону оҕолор кэпсээтилэр, көмүскээтилэр. Биһиги оҕолорбутун кытта кумааҕыттан лабаалары оҥорон, чыычаахпыт уйатын киэргэппиппит. Түгэнинэн туһанан, биһиэхэ ыйан-кэрдэн биэрбит норуот маастарыгар Ирина Филипповаҕа уонна уран тарбахтаах иистэнньэҥҥэ Татьяна Дьячковскаяҕа махтанабыт.

Төрдүс түһүмэххэ ийэлэр  күөрчэҕи ытыйыыга сатабылбытын көрдөрдүбүт. Ирдэбилинэн, бары «Чурапчы» ТХПК 25 бырыһыаннаах сүөгэйиттэн оҥорбуппут. Онтукайбыт дьиэ иһигэр туран, сылыйан, күөрчэхпитин син уһуннук ытыйбыппыт. Миэнэ саамай хойуу буолан, бу түһүмэххэ бастаабытым.

  • Куонкурус туһунан тус санааҥ?
  • Куонкуруска сатабыллаах, ураты көрүүлээх ыаллар кэлбиттэрин бэлиэтии көрбүтүм. Бу бырайыак — олус интэриэһинэй. Дьиэ кэргэни түмэр. Холобур, киһи күннээҕи олоҕор сарсыарда туран, ким үлэтигэр, ким оскуолаҕа тарҕаһан хаалар эбит буоллахпытына, биһиги бу күрэххэ кыттаары, кыайаары, биир сонун түбүккэ, биир сыалга сырыттыбыт. Онон оҕону кытта тэҥҥэ үлэлэһэргэ, чугасыһарга туһалаах бырайыак дии санаатыбыт. Эһиил өссө да ыытылларыгар эрэнэбит. Быйылгы күрэххэ ардахтаах баҕайы күннэр тураннар, нэһилиэктэр суоллара дэлби алдьанан, элбэх дьиэ кэргэн кэлбэтэҕин истибитим. Биһиги хас да дьааһык сахалыы ас арааһын астаабыт, тэринии бөҕө тэриммит буолан, санаабытын түһэрбэккэ айанныырга санаммыппыт. Маннык суолга-иискэ сүрэх баастаах буолан айаннааччым суоҕа. Ону итиччэ сыралаһан баран, тиһэҕэр диэри тиэрдэр сыалтан туруммуппут. Сарсыарда эрдэ туран, сирбитин аһатан, айаммыт, сырыыбыт табылларыгар көстүбэт күүстэртэн көрдөспүтүм.
  • Алгыс сиэрэ-туома эһиги дьиэ кэргэҥҥэ оруола?

Биһиги дьиэ кэргэн сахалыы сиэри-туому, өбүгэ үгэһин тутуһабыт. Алгыс дьиэ кэргэни биир санааҕа түмэн, сыалы ситиһэргэ, иллээх-эйэлээх буоларга көмөлөһөрө саарбахтаммат. Өбүгэлэрбит айылҕалыын алтыһан, төрөөбүт дойдуларын харыстаан, ытыктаан олордохторо. Аҕабыт дьиҥ сахалыы иитиилээх, оҕолорун эмиэ оннук уһуйар. Кини оҕо эрдэҕиттэн булка-аска сылдьар буолан, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, сиэри-туому тутуһар. Хас биирдии оттон-мастан көрдөһөр, дьыл түөрт кэмигэр хайаан да эбэтин киирэн аһатар, уотун айах тутар. Мин 40 сааспар кэлэн, сахабыт итэҕэлэ дириҥин, мындырын өйбүнэн-санаабынан, куппунан-сүрбүнэн ылыннным. Быйыл арыллан, хоһоон суруйар буоллум. Биир хоһооммун биир кыыс билэр дьонум статуһугар көрөн, ыйыталаһан, миэхэ сибээскэ тахсыбыта, алгыс көрдөһөн суруйтарбыта. Онтон саҕалаан дьоҥҥо алгыс суруйабын. Араас кыһалҕалаах дьон кэлэн көрдөһөөччүлэр. Алгыс диэн – көрдөһүү буолар. Арчыламмыт күҥҥүттэн күн аайы, сарсыарда аайы махталынан уһуктуохтааххын. Көрө-истэ, араҥаччылыы, арчылыы сылдьар Үөһээ Үрдүк Айыыларбытыгар, ытык өбүгэлэрбитигэр махтаныахтаахпыт. Дойдум дьонугар-сэргэтигэр сарсыарда аайы махтанабын. Бу дьон суоҕа буоллар,  мин эмиэ манна суох буолуом этэ. Бу дойду ытык иччилэригэр, улуу кырдьаҕастарыгар эмиэ махтанабын. Кинилэр сылаас харахтарынан көрөн, хоннохторугар уктан, дьиэбитин- уоппутун туттан, һай-һат диэн саха буолан сандааран олордохпут. Алгыс суруйуутун этэр буоллахха, арааһа, итинник буолуохтаах быһыылаах. Түүлбүнэн-биппинэн да көҥүл ылан турабын диэхпин сөп.

  • Иллэҥ кэмҥитигэр тугунан сөбүлээн дьарыктанаҕыт?
  • Саамай сөбүлүүрүм – өрөбүлгэ дьоммор бурдук аһын астаан күндүлүүбүн. Ону таһынан кыралаан иистэнэбин. Халадаайбын, хаһыаччыкпын бэйэм тиктибитим. Маны сэргэ кыргыттарым халадаайдарын, этэрбэстэрин, оҕолорбор араас маскарааттары, үҥкүү таҥастарын тигээччибин. Ииһим хаачыстыбалаах буоларыгар дьулуһабын, кыһаллабын.

Уолбут Англия тылын интэриэһиргээн үөрэтэр, инникитин учуутал буолуон баҕарар. Оскуолаҕа сүүрүүнэн дьарыктанар, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилэрдээх. Билигин аны мас тардыһыытыгар дьарыктанан эрэр. Көмпүүтэргэ бэйэтэ үөрэнэн, араас чаастары холбоон, быйыл компьютернай блогу оҥорон үлэлэтэр. Табаарыстарын  алдьаммыт көмпүүтэрдэрин  дьиэтигэр аҕалан  өрөмүөннээччи.

Алина уһуйааныгар ыллыыр-үҥкүүлүүр, Быйыл улуустааҕы олоҥхо күрэһигэр бөлөҕүнэн кыттан, бочуоттаах иккис миэстэ буолан кэлбиттэрэ. Биһиги кыыспыт Айыы Умсуур удаҕан ырыатын толорбута. Кыра кыыс кыралаан хоһоон ааҕар, уһуйааныгар ситиһиилэрдээх. Эдьиийин туйаҕын хатаран  ыллыыр, үҥкүүлүүр буолан эрэр.

  • Марфа Семеновна, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабын. Дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, ситиһиилэри баҕарабын уонна түмүккэ улууспут дьонугар-сэргэтигэр алгыстаах баҕа санааҕын тиэрдэргэр көрдөһөбүн.

 

  • Сырдык санаабынан, айылҕам анаабытынан, сахалыы саймаархай саҥабынан, тартарыылаах тылбынан бүгүҥҥү күн үтүөтүгэр Чурапчым дьоһун-мааны дьонугар-сэргэтигэр анааммын Алгыс тылларбын амалыйдаҕым буоллун:

 

Тоҕус хаттыгастаах

Толуу маҥан халлааҥҥа олохтоох,

Үүт-аас олбохтоох

Үкэр былыт үктэллээх

Үөһээ Үрдүк Айыыларым!

Ааттара ааттаммат

Улуу кырдьаҕастарбыт,

Сир түннүктэрэ

Хотун эдьиийдэрбит,

Бэттэх буолан мичик гыныҥ даа,

Үс хара бараа күлүккүтүгэр

Үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн:

 

Тоҕус томтордоох Чурапчы улууһун

Туруу үлэһит, ытык-мааны

Дьонун-сэргэтин, үүнэр үнүгэһин

Үтүө хараххытынан көрөҥҥүт

Анал тустаах аартыктарыгар

Алгыскытын түһэриҥ даа…

Үрдүлэриттэн үргүөр үргүйбэтин,

Анныларыттан аргыар аргыйбатын,

Охтоохтон охтубат оҥоһуулааҥ,

Саалаахтан самныбат соргулааҥ!

Үс бүтэй күрүөлээҥҥит

Бөҕө, чиргэл туруктааҥ,

Санааларын саргылааҥ,

Толкуйдарын тобулларыҥ,

Сатабылларын салайсыҥ,

Саргы-дьаалыны үксэтин!

Тоҕус үйэ томтойорун тохору

Аҕыс үйэ арыаллыырын тохору

Өлбөт-сүппэт үөстээҥ,

Кэтит-кэрэ кэскиллээҥ,

Чулуу ыччаттарбытын

Үүнэр үнүгэстэрбитин

Сылаас ытыскытыгар тутаҥҥыт

Көрө-истэ сылдьыҥ,

Арыаллыы-араҥаччылыы туруҥ,

Ил-эйэни түстээҥҥит

Дьоллоох-соргулаах

Олоҕу уһансыҥ! — диэммин

Көрдөстөҕүм-ааттастаҕым,

Махталым маанытын анаатаҕым

Тапталым талбатын тиэртэҕим..

Этэр тылым эйгэлээх буолуохтун,

Саҥарар саҥам саргылаах буолуохтун!

 

Дом! Дом! Дом!

Дом ини Дом!

 

Алтаана Кэрэ.

 

 

Марфа Петрова

Читайте дальше