Кини уһанан да көрбүтэ, оҕолору буоксаҕа да дьарыктаабыта, нэһилиэгин иһинэн оҕолорго аналлаах тэттик уус-уран киинэлэри да устубута. Аҕыйах сылтан бэттэх суруйааччы быһыытынан киэҥник биллиннэ. Саамай үчүгэйэ баар – ылсыбыт дьыалатыгар барытыгар ситиһиилээх. Биһиги бүгүн “Дьыллар уонна дьоннор” диэн сыһыарыыбытыгар Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕун олоҕуттан сырдаппыт Родион Лазерович Данилов-Ородьумаан биир кэпсээнин билиһиннэрэбит.
Тус бэйэм ааҕааччы быһыытынан Ородьумаан кылгас кэпсээннэрин, көрүдьүөс да суруйууларын сэҥээрэбин. Тоҕо диир эбит буоллахха, кини тыа сиригэр олорор, үлэлиир, элбэх оҕолоох, хаһаайыстыбалаах ыал аҕата буоларын быһыытынан, саха киһитин тыынынан, олоҕунан-дьаһаҕынан олорор киһи сиэринэн, биһиэхэ, хас биирдиибит дойдубутун санатар. Билиҥҥи уус-уран прозаҕа ураты, бэйэтин суолун тэлэн киирдэ. Инникитин саха баай тылынан, үрдүк таһымнаах уус-уран айымньылары бэлэхтиэ диэн эркин курдук эрэнэбин. Бассаап-суруйааччыта Родион Лазерович олоҕун олуктарын билиһиннэрдэххэ 1967 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1987 сыллаахха “Кыыллаах Арыы” сопхуоска үлэтин саҕалаабыта. 1990 сыллаахха Саргылаана Семеновна Хохолованы кэргэн ылан, уруу тэриммиттэрэ. 2014 сыллаахха “Хоһооннор” диэн бастакы кинигэтэ бэчээттэммитэ. Ол кэнниттэн “Алтан сэргэ”, “Олох араас эгэлгэтэ”, “Дьээбэ-хообо көрүдьүөстэр”, “Былыргы уонна быйылгы”, “Кэргэн кэпсэтии”, “Суох, эн кэпсиэ!” диэн суруйуулара тахсыбыттара.
Маҥнайгы уонна тиһэх таптал
(Дьиҥнээх олохтон. Ааҕааччы көрдөһүүтүнэн)
I чааһа
Таптал. Бу дьикти абылаҥнаах иэйии кимиэхэ эрэ дьолунан тосхойор. Кимиэхэ эрэ эрэйинэн эҥэрдэнэр,тоҕус сорунан дьиэлийэр. Ол курдук сүтэрсибит таптаһар сүрэхтэр, өр кэмҥэ истэригэр иитиэхтээбит, кистэлэҥ тапталларын хойутун, хаһыат нөҥүө булсубуттара. Хомойуох иһин көрсүбэтэхтэрэ. Кэрэ аҥар өттүттэн кэриэс-хомуруос, хараастыылаах сурук кэлбитэ. Ону эрэдээксиҋэ үлэһиттэрэ, хайдах да кистиир санаалара суох буолан, тустаах аадырыһы булбуттара. Сүтэрсибит сүрэхтэри булсалларыгар баҕараллара.
Сайаана 1979 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран,тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитэ. Ол күһүн Чурапчы улууһугар практикаҕа ыыппыттара. Таһаҕас массыынатыгар олордон, Чурапчыттан чугас баар, дэриэбинэҕэ аҕалан түһэрбиттэрэ. Ол күн ардахтаах баҕайы күн этэ.Кэллэхтэрин иккис күнүгэр,киинэ көрө барбыттара. Сайаана Владик диэн киномеханик уолу, онно көрсүбүтэ. Атын да кыргыттар, Владиктан харахтарын араарбат этилэр’. Сайаана кинини көрөөрү, киинэҕэ сылдьара. Киинэтээҕэр киинэ көрдөрөөччү уол, өйүттэн тахсыбата. Тапталга ылларан киинэни ээл-дээл көрөрө .Уол кини диэки көрдөҕүнэ, ханна да барыан билбэт гына кыбыстара, долгуйара. Ол да буоллар, көрсөллөрүн сэмээр кэтэһэрэ. Биирдэ үҥкүү буола турдаҕына Владиктаах үс буолан киирбиттэрэ. Владик радиолаҕа тиийэн, «белый танец» диэни холбоон баран, Сайаананы үҥкүүгэ ыҥырбыта. Ол онно Сайаана саҕа дьоллоох суоҕун курдуга. Киэһэни бииргэ атаарбыттара,үҥкүүлээбиттэрэ. Владик кыыһы, олорор сирдэригэр дылы атааран биэрбитэ. Ол курдук кинилэр доҕордоспуттара. Сайаана практикатын кэмэ кылгас да буоллар, дьоллоохтук ааспыта. Атаарар күнүгэр Владик Сайаананы, истиҥник уураан ылбыта. Кыыс буолан төрөөбүтүн билэн, кыталык нарын бэйэтэ, тапталыгар эрэнэн, ис иһиттэн үөрэн, дьиэрэҥкэйдээн иһигэр киҥинэйэн ыллаан ылара.
Владигыттан кэлэр суруга, күндү да буолара. Кинилэр ситимнэрэ халаан уута, эмискэ ханнан тардыбытыныы симэлийбитэ. Владик ханнык эрэ кыыстыын холбоһон ыал буолбутун, Сайаана дьонтон истибитэ. Сирдээх халлаана эмискэ, иҥнэстэн кини олоҕор ыас хараҥа бүрүүкээбитэ. Ол да буоллар кини Владигын өйүттэн ылан быраҕан, кыайан умнубутаҕа. Аҥардастыы син биир таптыыра. Атын уолаттар билсиһэ сатыылларын чугаһаппат этэ. Оннук өйүттэн суураллыбаттыы иҥпит этэ. Кэлтэй тапталы иһигэр иитиэхтээн, эрэй эҥэрдэммитэ. Биир улахан тэрилтэҕэ, исписэлииһинэн үлэлиирэ. Дьыллар, хонуктар элэҥнэччи ааһаллар. Сайаана ол тухары, кэккэлэһэ сылдьар кэргэн тахсан ыал буолбатаҕа. Дьиэтигэр оҕо саҥата чаҕаарбатаҕа. Ол курдук олорон 1992 сыллаахха, Сайаана куоракка ырыынак көрө сылдьыбыта. Арай кини Владигын курдук киһи, уоллаах кыыс оҕотунаан сылдьар эбит. Чахчы кини, күндүттэн күндүтүк саныыр, Владига эбит. Онно кини саатар хараҕынан көрөн үөрбүтэ. «Владик эҕэрдээ!» диэн сүүрэн тиийэр кыаҕа суоҕуттан, хараҕа сиигирэн, таммах уу мөлбөрүйэн иэдэһинэн сүүрбүтэ. Владик кинини билбэтэҕэ. Сайаана кинилэри күнү быһа кэтээн, батыһа сылдьыбыта. Кинилэр ханна олороллорун билбитэ. Кинини күн ахсын кэтиир идэлэммитэ. Көрдөҕүнэ уоскуйар курдуга. Онтон кэнники биллибэт, көстүбэт буолбутугар ыкса ыалларыттан ыйыталаспыта. Көспүттэр эбит этэ.
Ол курдук Сайаанаҕа аҥардастыы таптаабыт эрэйигэр, эбилик буолан ааспат арахпат ыарыы буулаабыта. Эмтэнэ сатаабыта даҕаны, ыарыы дэгиэ тыҥыраҕыттан кыайан төлөрүйбэтэҕэ. Ыһыктыбаттыы хам ылбыта. Быраастар эппит диагностара, кулгааҕар ыарыылаахтык хатыланан балталыыллара.
Сайаана барахсан «өлөр өлүү иинигэр аҥар атаҕынан үктэнэ сытан», арааһы санаабыта. Кини курдук таптал абылаҥар ылларан, эрэйи көрбүт баар буоллаҕына, баҕар олоҕун атыннык иэҕэн оҥостуо диэн уонна саатар анараа дойдуга аттанаары сытан, Былаадьыгар тапталын билинэрин хаһыат нөҥүө этиэн баҕарбыта.
Балтыгар этэн ити туһунан суруйарыгар көрдөспүтэ. Балтыта эдьиийэ күн сириттэн күрэниэ эрэ диэн, итэҕэйбэккэ уоскута сатаабыта. Эдьиийэ мас-таас курдук эппитин, соруммутун көрөн, сөбүлэһэригэр тиийбитэ. Уҥуох тирии буолбут эдьииҋэ, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сытан этэрин, кыыс аттыгар олорон суруйара. Хараҕа уунан бүрүллэрин соттон кэбиһэр уонна тохтоон ыла-ыла суруйар. Балта кыысчаан, таптал диэн күүстээх да буолар эбитин, эдьиийэ майгылаах үтүөтэ, дууһалаах ырааһа буолан, кыыс буолбут чиэһин харыстаан, тапталын иһигэр иҥэрэн анараа дойдуга илдьэ баран эрэрин биллэ. Кини эдьииҋэ саха кыыһын чиэһин харыстаан илдьэ сылдьыбытын киэн тутта санаата.
«Күндү тапталлаах доҕорум Былаадьык эҕэрдэ.Мин бу эйиэхэ тиһэх суругум буолуоҕа. Эн биллэххинэ сатанар. Эйигин эрэ таптаан, күүтэн-кэтэһэн, таҥара оҥостон, үҥэн-сүгүрүйэн кэллим. Ол да буоллар хаһан эрэ, атын дойдуга тииҋэн көрсүөхпүт оччоҕуна… диэн санаабын бөҕөргөтүнэ саныыбын. Ийэбэр эн тускунан кэпсээбитим. Наһаа соһуйбута, хараастыбыта. Тоҕо эрдэ кэпсээбэтэххиний?» — диэхтиир. Былаадьык аадырыспын суруйбаппын. Мин уҥуох-тирии буолан, эрэйдэнэ сытарбын көрүөххүн баҕарбаппын. Тиһэх төгүлүн көрөн барыам этэ эрээри. Чэ ити хааллын. Былаадьык мин тиһэх кэриэс тылбын иһит. Мин куоракка баар дьиэбин эйиэхэ анаатым. Эйигиттэн пааспарыҥ эрэ наада. Мин суох буоллахпына да, тиийэн кэлээр. Ийэм хайдах наадатын курдук оҥоруоҕа. Киниэхэ мас-таас курдук эрэнэбин. Мин олоро сылдьыбыт дьиэбэр, эн бааргыттан, эн саҥараргыттан, олороргуттан дууһам хайдахтаах курдук чэпчиэн, сатаан санаабаппын. Былаадьык бу орто дойдуга таптал диэн баар эбит. Улуу сор, эрэй-муҥ, ынырыктаах ыарыы диэн. Мин ол ыарыыттан суох буолан эрэбин. Күндүттэн күндү киһим, Былаадьыгым быдан дьылларга бырастыы.
Аадырыспын ыыппатым. Маны ааҕан баран Былаадьык, бэйэтин аадырыһын эрэдээксийэҕэ тиэрдиэ дии саныыбын. Ону ийэм баран, билсэн булуоҕа .Кини билэр…
Күндү эрэдээксийэ, сахалыы саҥабын кыайан сааһылаан, суруйбат буолан сытабын. Этиэх буолбуппун кыайан ситэ тиэрдибэтим. Дьиҥэр элбэҕи этиэхтээх этим. Бырастыы гыныҥ».
Дьэ итинник. Сайаана барахсан орто дойдуттан аттаныан тиһэх күнүгэр дылы, бастакы тапталын туһунан саныы сыппыта. Күндү киһитэ Былаадьыга кэллэҕинэ хайдах көрсүөхтээхтэрин тиийэ, бэриҋэн этэ сыппыта. Кини бастакы тапталын кэминээҕи өрүкүйбүт сүрэҕэ, тэппэт буолбута. Тапталын оннук илдьэ барбыта. Оо таптал, таптал эн ардыгар олус даҕаны холускун.
II чааһа
Владислав билигин кэргэнэ суох. Ойоҕо арахсан икки оҕотун илдьэ барбыта. Кинилэр арахсыбыт төрүөттэрэ диэн ойоҕо атын киһилиин сылдьыбытын билбитэ. Ол кэннэ айдаан, ытаһыы-соҥоһуу арахсыы.Былаадьык Сайаана кинини итинник ылларан таптаабытын, хойут билбитэ. Ол кини хаһыакка «Маҥнайгы уонна тиһэх таптал» диэни ааҕан баран Сайаана суруйбутун билбитэ. Дьылҕа хаан кинилэр дьиҥнээх тапталларын, кытылын тиксиһиннэрбэтэҕин билбитэ. Соҕотоҕун эрдиитэ суох, туос оҥочонон байҕалга хаалбыт курдуга. Былаадьык хойутаабыт этэ. Харааһыннар даҕаны харыһыйтарара эрэ хараҕын уута, кэмсиннэр эрэ көмүскэтэрэ көмүскэтин уута буолбута. Бастакы таптала кинини таптаабытынан күн сириттэн күрэммит этэ. «Эрдэ билбэтэхпин ньии. Тимири дьэбин сиир, киһини санаа сиир» өс хоһооно баар. Баҕар кинилэр эрдэ көрсүбүттэрэ буоллар Сайааната баар буолуо этэ.
Владислав хаһыакка суруйан хоруйдуурга сананна.
«Маҥнайгы уонна тиһэх тапталым ханнаҕыный?» диэн тохсунньу 11 күнүгэр хаһыакка тахсыбыт сурукка хардаран эрэбин. Бу суругу ааҕан баран харааһынным, улаханнык долгуйдум. Сайаана бука диэн баалаабаккар көрдөһөбүн. Эйигин суоҕа буолуо диэн итэҕэйбэппин, баар курдук санаан суруйан эрэбин. Хайдаҕын да иһин, эн дьылҕаҥ манныкка тиийиэ диэн күүппэтэҕим. Ол иһин олус соһуйдум уонна хомойдум. Кырдьык 27 сыл анараа өттүгэр, кылгас да буоллар дьоллоох, умнуллубат күннэри бииргэ атаарбыппыт. Оччолорго эдэр да этибит. Олохпут маннык эргийиэ диэн санаа, хайабытыгар да суоҕа биллэр. Эн кэрэ бэйэҥ туоһута, ыра санаам ымыы чыычааҕа буолан көстүбүтүҥ. Үтүөнү эрэ ыраланан кэпсиириҥ. Мин баҕар эдэр ахсым санаабар, ситэ өйдөөбөтөҕүм буолуо. Эйигин мин эмиэ олус сөбүлүү көрбүтүм. Бастаан суруйсан испиппит. Миэхэ итинник кэрэ куону атын уолаттар, син биир көрөллөрө буолуо диэн, аны санаатахха акаары санаа киирбитэ. Буруйум диэн эн суруккар хоруйдаабат буолбутум. Бииргэ үөрэммит кыыспын кэргэн ылбытым. Биири сатаан өйдөөбөтүм, Сайаана эн итиччэ күүскэ таптыыр эрээригин, тоҕо миигин көрсө сатаабатаҕыҥ буолуой сэгэрим. Сайаана эн миигин буруйдуур диэмэ. Буруйдаах мин бэйэм буолабын. Ол аата мин эйигин таптаабыт эрээри ситэ өйдөөбөтөхпүн. Дьылҕам үөйбэтэх өттүбүттэн салаллыбыт.Мин билигин ол буруйбар эбитэ дуу. Чороҥ соҕотох сылдьабын. Эн дьылҕаҕын истэн бараммын, этэргэ дылы доҕорун сүтэрбит туруйалыы сананан, дууһам хаһыытыы-кыланар.
Сайаана эн иннигэр, буруйдаах курдук сананан бырастыы көрдөһөбүн»
* * *
Владислав хаһыакка Сайаанатын суругун, ааҕан баран хараастыбыта. Куоракка киирэн кинилэр олорор дьиэлэрин булбута. Ааны ханнык эрэ эдэр дьахтар арыйбыта, бука таайдахха били Сайаана суруттарбыт балтыта эбитэ дуу.
Кэнники билбитэ, бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр эбит. Ийэлэрэ били кыыһа таптаан таҥара оҥостубут, киһитэ кэлбитин билэн, уолун ыҥыттарбыта. Сайаана быраата Уйбаан тута кэлбитэ. Билсибиттэрэ уонна Сайаана көмүллэ сытар, көмүс уҥуоҕар барбыттара. Былаадьык элбэх сибэккини атыылаһаары гыммытын Уйбаан «биир эбэтэр үс сибэккини ылаҕын» диэбитигэр үс устууканы ылбыта.
Кылабыыһаҕа тииҋэн Саҋаана уҥуоҕун буллулар. Хаартыскатын көрөн Былаадьык эбии уйадыйда. Били кинилэр билсибиттэрин саҕанааҕы хаартыска. Саҋаана туох эрэ ырааҕы анааран эрэрдии көрөн түспүт. Нарын чараас уостарын сэгэппит. «Ама маннык кэрэ бэйэлээх, хараҥа ииҥҥэ сытара буолуо дуо?» диэн киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Былаадьык Уйбаан аймаммыт үөхсэр саҥатыттан, санаатын ситимэ быһынна. Онтуката Уйбаан этэринэн тимир аҕырааданан эргиппиттэрин уонна туох баар веноктарын барытын суйдаан илдьэ барбыттар эбит. Кылабыыһаны манааччыларга Уйбаан тиийэн ытыы-ытыы айдаарда, саҥартаата. Төлүүр эрэ дьон уҥуохтара киһилии хараллан тураллар эбит. Былаадьык Уйбааны «барытын бэйэм оҥоруом» диэн нэһиилэ уоскутта.
Дьэ буолар да эбит. Өлбүт киһини сүгүн сытыарбакка, аҕыраадатын веноктарын тууран илдьэ барар диэн ама даҕаны харчыга наадыйбыт иһин айыыта бэрт.
Былаадьык дойдутугар арыый даҕаны чэпчээн төннүбүтэ. Арай Сайааната эппитин курдук, киниэхэ анаммыт дьиэни ылбатаҕа.
Кинилэр Сайыыналыын тапталлара баҕар атыттарга,тапталларын харыстаан сыһыаннаһалларыгар төһүү күүс буолуо диэн Былаадьык ааптары көрдөһөн суруттарда. Киниэхэ тапталларын туоһута диэн эргэ хаһыат барытын кэпсиир. Сайыына тапталыттан хаалбыта диэн бу эргэ “Кыым” хаһыат. Былаадьык хаһыаты кичэллээхтик уура сылдьар.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй