Соторутааҕыта социальнай ситим нөҥүө: “Улахан оскуола оҕолоро мас хайытабыт, саһаанныыбыт, муус квартираларга киллэрэн биэрэбит уонна дьааһыннаан биэриэхпитин сөп ону таһынан атын да быстах үлэлэри оҥоробут. Б.т. 89241657971” ис хоһоонноох биллэрии тэлэһийэ көттө.

“Билиҥҥи үйэҕэ оҕолор хара үлэни толороллоро сэдэх” диэн санааттаан, кимнээҕин билээри, биһиги эрэдээксийэбит үөһэ ыйыллыбыт нүөмэргэ эрийэн сибээстэһэ сырытта.

Төлөпүөнү Эрчимэн Акимов диэн бэрт сэргэх уол ылан, ыйытыктарбытыгар бэрт улгумнук, “тып” курдук хоруйдаата: “Биһиги Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччилэрэ буолабыт. Биригээдэбитигэр үһүөбүт, миигин кытары Виталий Седалищев уонна Дамир Сотников бааллар. Кэлин маһы хайытыыга уонна муус киллэрээһинигэр сакаастар киирэллэр, холобура биир бортобуой массыына маһы 2000 солкуобайга оттон квартираҕа мууһу киллэрии 500 солкуобай буолар. Биһиги быйылгыттан саҕалаан үлэлииргэ сананныбыт, биир курдук харчы даҕаны наада ону таһынан дьоммутугар көмөлөһөбүт, үөрэхпит кэнниттэн үлэлии барарга тиэтэйэбит. Төһө кыалларынан элбэх клиеннэр баар буолаллара эбитэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт”.

Эрчимнээх, түргэн-тарҕан туттунуулаах улаатан эрэр уолаттар үөрэхтэригэр, үлэлэригэр-хамнастарыгар ситиһиилэри баҕарыаҕын.

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ