Ленинграды көмүскэспитэ (Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланыытыгар Николай Иннокентьевич Захаров “Кыһыл иитиэх” колхуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон сэриигэ барбыта.

1942 сыл үүнэр түүнүгэр блокада ыар тыына бүрүүкээбит Ленинград буоругар үктэммитэ, өрөбөлүүссүйэ биһигин көмүскээччилэр ыстаал кэккэлэригэр холбоспута.

  • Таанканы утары охсуһар 158-с ротаҕа автоматчигынан анаммытым, — диэн ол туһунан кэнники кэпсиир буолара. – Бойобуой доҕотторум, төрөөбүт Ийэ сирбит бырааттыы норуоттарын уолаттара, саха норуотун туһунан улаханнык ытыктаан кэпсэтэллэрэ, сахалар көнө майгылаах, барыга-бары мындыр дьон, дьиҥнээх доҕоттор, олус тулуурдаахтар уонна бэргэн ытааччылар дэһэллэрэ. Ротаҕа суос-соҕотох саха төрөөбүт норуотум ситиспит итинник үрдүк сыанабылынан толору туһаммытым. Араас уустук бойобуой сордуахтарга, разведкаҕа тиийэ, эрэнэн илдьэ бараллара.

Биирдэ уон бэһиэ буолан разведкаҕа барбыппыт. Тыа быыһынан эрийэ-буруйа өр хаампыппыт. Онтон тыа саҕатыгар тахсарбытын кытары, өстөөхтөр билэннэр ытыалаан барбыттара. Хаптас гыныахпытын икки ардыгар тоҕус киһибитин өлөрбүттэрэ. Икки түүннээх күн ытыалаһыыга түөрт киһибитин эмиэ сүтэрбиппит. Онон Прокопьев диэн Кыһыл Знамя уордьаннаах табаарыспынаан иккиэйэх ордубуппут. Күнүс көрдөххө, иннибитигэр уруккута обургу дэриэбинэ урусхалламмыта баар эбит. Баара-суоҕа иккиэйэх дьиэ дьардьамалара эрэ ордон тураллара. Немецтэр землянкалартан уонна ДЗОТ-тан ытыалыыллара. Үһүс түүммүтүгэр, ытыалаһар сэппит баранан, төннөн чааспытыгар кэлбиппит. Хамандыырбыт, дакылааппытын истээт, ротаны сирдээн төннөн тиийэрбитигэр бирикээстээбитэ. Сарсыарда халлаан сырдыыта тиийбиппит, немецтэр көһөн хаалбыт этилэрэ. Өстөөх 38 саллааттара уонна офицердара өлө сыталларын көрбүппүт. Рота хамандыыра ити иһин Прокопьев биһиккигэ махталы биллэрбитэ.

Николай Иннокентьевич 1942 сыл муус устар 12 күнүгэр Кондуев дэриэбинэни босхолуур иһин кыргыһыыга уҥа тоҥолоҕор бааһырбыта. Дойдутугар эргиллэн кэлэн баран Кытаанах нэһилиэгэр Сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, райсовет исполкомун инструкторынан, колхуоска биригэдьииринэн 1962 сыллаахха диэри үлэлээбитэ.

Хорсун буойун Ийэ дойду иннигэр өҥөлөрө хас да бойобуой мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.

А. Захарова

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй