Кытаанахтар — өрөспүүбүлүкэтээҕи чабырҕах куонкуруһун II-с Үрдэл кыайыылаахтара

Бэҕэһээ, дьоллоох Дьокуускай куоракка Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын  дьиэтигэр  Арассыыйаҕа Уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ сылыгар аналлаах  “Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах” диэн сахалыы куттаах айар талааннаахтар мустан биир түһүлгэҕэ күөн көрүстүлэр. Бу туһунан Алексей Кулаковскай аатынан култуура дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Күөн күрэс дьүүллүүр сүбэтигэр Александра Архипова – “Юные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай Киин  үрдүкү категориялаах методиһа, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин уонна ыччат бэлиитикэтин туйгуна; Любовь Шишигина  – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна; Ларьяна Васильева  – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлииһэ үлэлээтилэр. Барыта 6 улуустан 20 биирдиилээн толорооччу уонна 16 фольклорнай бөлөх кыттыылаах 125 киһи кытынна.

Уопсай түмүккэ:

I Үрдэл – “Долун” фольклорнай бөлөх, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай үнүстүүтүн устудьуоннара. Салайааччы Айталина Мойтохонова.

II Үрдэл – “Кытаанах кыайардара” салайааччы, ааптар Любовь Монгуш. Кытаанах нэһилиэгэ, Чурапчы улууһа.

III Үрдэл – Федотов Айтал Оҕо ускуустубатын оскуолата. Салайааччы Зоя Кычкина.

Кылаан чыпчаал – “Талбаана” фольклорнай бөлөх. Салайааччы Мария Григорьева–Маайа, Нам улууһа.

 

Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска Айталина Аргунова