Кытаанахтан “Сыккыс” түмсүү улууска бастакы улахан дьаһалын тэрийдэ

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон күнүн чэрчитинэн, нэһилиэкпит “Сыккыс” түмсүүтэ бастакытын улуустааҕы “Ускуустуба, култуура уонна тутулуга суох олох” дэкээдэтин аһыллыытын тэрийэн ыытта.

Манна “Үҥкүүлээ” инклюзивнай үҥкүү күрэҕэр Николай Суздалов “Өй — сүрэх мөккүөрэ” айымньыны туруоран, Роман Максимовы кытары гран- при, Михаил Пономарев быыстапкаҕа (чорооннор, кытыйалар) 1 миэстэ ыланнар үөрүүбүт муҥура суох.

Аҕа баһылыкпыт Егор Потапов бэйэтин эҕэрдэтигэр: 100 лиитэрэ гөрүүчэйи бэлэхтиибин”, — диэбитин, көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан уруйдаатылар. Бүгүн, Сыккыстар улахан махталбытын успуонсардарбытыгар: «Айылгы» НАдь-тин бүтүннүү туран биэрбит, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр, режиссер Иван Бушковка, “Түһүлгэ” НАДь-тин кэлэктиибигэр, дириэктэр Айталина Пономареваҕа, Кытаанах нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар, чуолаан баһылык Егор Потаповка, Василий Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуола-уһуйаан дириэктэригэр Вячеслав Яковлевка, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба Чурапчытааҕы филиалын профсойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Далбаевка уонна Кытаанахтааҕы учаастак кэлэктиибин маастарыгар Иван Винокуровка, Кытаанахтааҕы “Үйэн” дьахтар сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Ксения Гоголеваҕа,
Кытаанахтааҕы пенсионердар түмсүүлэрин салайааччыта Марфа Парфеноваҕа, урбаанньыт Акулина Копыринаҕа, биир дойдулаахпыт, Москуба куорат олохтооҕор Дмитрий Захаровка, РИК плюс генеральнай директорыгар, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахпыт, СӨ нотариальнай палататын бэрэссэдээтэлигэр, СӨ үтүөлээх юриһыгар Дмитрий Коркиҥҥа, улуустааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Саргылаана Хоютановаҕа, Мугудай, Хатылы, Арыылаах, Бахсы, Сылаҥ, Дириҥ, Мындаҕаайы, оскуола-интэринээт бибилэтиэкэлэригэр уонна билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, сааһын тухары Алаҕарага бибилэтиэкэринэн үлэлээбит Аксиния Поповаҕа, Николай Субуруускай аатынан Болтоҥотооҕу аҕыс кылаастаах оскуола 12-с выпуһыгар, Саина Алексееваҕа олохтоох урбаанньыппытыгар, икки бирииһи туруорбут урбаанньыт, биир дойдулаахпытыгар Анна Даниловаҕа, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ “Учууталлар учууталлара”, Кытаанах нэһилиэгин “Ытык киһитэ”, Үлэ, тыыл бэтэрээнэ Александра Сергеевна Иванова аатыттан кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ туруорбут бириистэригэр, чуолаан Екатерина Ивановаҕа, СӨ Ыччат политикатын туйгуна, СӨ Уопсастыбаннай хамсааһынын туйгуна, “Арыллыы” студия салайааччытыгар, биир дойдулаахпыт Дьокуускай куоракка олорор, “Чурапчы улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайкатыгар Байаана Бүөтүр кыыһа Дагдайга, Кытаанах нэһилиэгин урбаанньыттарыгар, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Ульяна Захароваҕа.

Кинилэри сэргэ улууспут быраастара кэлэн көрүүлэрин тэрийбит, улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһыгар Николай Сивцевкэ, биир дойдулаахпытыгар СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгунугар Александр Коркиҥҥа, бары кэлэн көрбут-истибит медперсоналга, социальнай харалта управлениетын начаалынньыгар Лидия Тосукаеваҕа, пенсионнай управление начаалынньыга Варвара Христофороваҕа, Чурапчытааҕы дьарыктаах буолуу кииниттэн Альбина Ефремоваҕа, олохтоох көҕүлээһини сайыннарар киин салайааччыта  Саргылаана Старостинаҕа, Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһигэр Мария Матвееваҕа, «Айылгы» НАДь уус-уран салайааччытыгар Иван Бушковка уонна кыттааччыларбыт сүргэлэрин улаханнык көтөхпүт улуустааҕы дьахтар сүбэтигэр, бэрэссэдээтэл Анастасия Афанасьеваҕа дьүһүн тупсаран, суһуохпутун барытын буор босхо оҥорон, кыттааччыларбытын үөрдүбүттэригэр улахан махталбытын этэбит.

Дьэ, бу курдук улахан, киэҥ улуус таһымыгар бастакы тэрээһиммитигэр көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка, тымныыны аахсыбакка, бириэмэлэрин аттаран кэлэн дьаһалбыт таһымын үрдэппит бары тэрилтэ салайааччыларыгар, балыыһа кэлэктиибигэр, социальнай харалта киинигэр, успуонсардарбытыгар улахан ис хоһоонноох бэлэҕи оҥорбуккутугар, баһылыкпытыгар Егор Потаповка киириини-тахсыыны тэрийбиккэр, сымнаҕас айаннаах суоппарбытыгар Альберт Собакиҥҥа улахан махталбын тиэрдэбин. Махталбын тиэрдэбин бары кыттааччыларга, кинилэр салайааччыларыгар, нэһилиэктэртэр социальнай үлэһиттэригэр, баһылыктарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун! Дьоллоох буолуҥ!

Парасковья Новгородова, Кытаанах нэһилиэгин “Сыккыс” инбэлииттэр уопсастыбаларын салайааччыта

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй