Кытаанахха “Мин дьиэ кэргэним — мин кириэппэһим” улахан тэрээһин буолла

Дьиэ кэргэн – бу сүдү суолталаах тыл. Оҕо олоххо бастакы хардыытын дьиэ кэргэҥҥэ оҥорор. Оҕо бастакы тылланыыта ийэ, аҕа диэн саҥарара дьиэ кэргэҥҥэ буолар, оҕо тулалыыр эйгэни кытта билсиһиитэ дьиэ кэргэҥҥэ саҕаланар, чугас дьонун, аймахтарын кытта билсиһиитэ, арыый улааттаҕына тулалыыр дьону-сэргэни сэҥээрэрэ, төрөөбүт нэһилиэгин историятын билиитэ, дойдуга таптала, бэриниилээх буолуута  – бу барыта дьиэ кэргэҥҥэ саҕыллар, онтон саҕаланар.

Ыам ыйын 14 күнүгэр, Василий Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын төрөппүттэрин Сүбэтин былаанынан “Мин дьиэ кэргэним — мин кириэппэһим” Бүтүн аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах дьаһал ыытылынна. Дьоро киэһэ Дойдуга “Дьиэ кэргэн”, өрөспүүбүлүкэҕэ “Оҕо саас” , улууспутугар “Ыал саргыта”, Кытаанах нэһилиэгэр “Илгэ” сылларын былааныгар тирэҕирэн буолла. Мустубут оҕолорго, төрөппүттэргэ уонна, Кытаанах нэһилиэгин администрациятын дьиэ кэргэни уонна ыччаты кытта үлэҕэ исписэлииһэ Луиза Барашкова эҕэрдэ тылы эттэ итиэннэ элбэх  оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ аналлаах уларыйыылар тустарынан билиһиннэриини оҥордо.

Ити күн оҕо аймаҕы кэрэни кэрэхсииргэ, үтүөнү үксэтэргэ, тулалыыр эйгэни харыстыырга, оҕо дьоҕурун сайыннарарга бары сатабылларын, үөрүйэхтэрин аныыр дьиэ кэргэттэр биэс көрүҥҥэ кыттан сатабылларын көрдөрдүлэр, мустубут дьону улаханнык сөхтөрдүлэр.

“Ырыа – тойук аргыстаах дьиэ кэргэн” конкурска кыайыылаахтарынан Эрхан, Харысхан, Арылхан Пономаревтар ийэлэрэ Розалия Андреевналыын “Оҕо саас” ырыаларынан таҕыстылар, Алик, Гоша Афанасьевтар төрөппүттэрин Альбина Эдуардовналыын уонна Иван Савельевичтыын  “Дьиэ кэргэн” ырыанан, Саргылана, Петр Бабиченколар үс кэрэчээн кыргыттарынаан (Ева, Эллэ, Эдалина) “Килэҥки, сайда тур туругур” Өрөгөй ырыанан олус үчүгэйдик кытыныллар.

“Үҥкүүлээн битийиэх” куонкуруска Виталий Яковлев ийэтинээн “Уһуктуу”  үҥкүүлэринэн көрөөччүлэри олус долгуттулар.

“Өбүгэ үгэһин утумнаан” куонкуруска Ксения Николаевна Гоголева оҕолорунаан уһуйаан иитиллээччитэ Эрсанныын, 3 кылаас үөрэнээччитэ Эльвиралыын “Өс хоһооннорунан” сценкаларынан, Лена Степановна, Амелия, Арсен Терютиннар хомус алыптаах дорҕоонун дьүрүһүтэн, Ольга Сергеевна, Дьулус, Күннэй, Ньургун Собакиннар норуот ырыаларынан папуррины сахалыы инструменнарынан доҕуһуоллатан ыллаан кыайыылаахтарынан ааттаннылар.

“Кэрэни кэрэхсиэх, үтүөнү үксэтиэх”  илии оҥоһуктарын быыстапкатыгар уопсайа холбоон 12 дьиэ кэргэн кытынна. Быыстапкаҕа дьон болҕомтотун ордук Екатерина Афанасьевна, Ванесса, Алисса Борисовалар, Сардаана, Сахая Потаповалар, Альбина Эдуардовна  оҕуруоларынан киэргэллэрэ, Гоша Афанасьев оҥоһуктара, Нарыйаана, Айталина Владимировна Пономаревалар макраменан оҥоһуктара, Лиза, Алтаана Винокуровалар эбэлэрин Елизавета Аммосовнаны кытта иистэрэ, баайыылар, киэргэллэрэ , Алина Неустроева ийэтинээн Тамара Николаевналыын эгэлгэ маскарадтара, Людмила Ивановна Монастырева боростуой харандааһынан портрета, Ксения Гоголева уруһуйдара дьон болҕомтотун тартылар. Үһүс кылаас үөрэнээччилэрэ аҕаларын, эһэлэрин кытта оҥорбут эти-хааны эрчийэр, сайыннарар снарядтара, оҥоһуктара үгүс көрөөччү сэҥээриитин ыллылар. Наина Дьяконова ийэтинээн Анисия Николаевналыын минньигэс тортарынан, пирожнайдарынан кытыннылар, атыыга таһааран оҕо-аймаҕы үөртүлэр. Бу көрүҥҥэ кыайыылаахтарынан Алисса, Ванесса Борисовалар, Алина  Неустроева, Лиза, Алтаана Винокуровалар, Сардаана, Сахая Потаповалар, Күннэй Лазарева, Нарыйаана Пономарева дьиэ кэргэттэрэ ааттаннылар. Кыайыылаахтарга Добун сурук, кубок, бары кыттыбыттарга туоһу суруктар, сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ “Түһүлгэ” норуот айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир “Алаас” дьахталлар вокальнай ансаамбыла (салайааччы Л.Н. Монгуш) уонна уран тарбахтаахтар “Уран” куруһуоктара  (салайааччы Е.Т. Миронова), нэһилиэк  Далбар Хотуттара үлэлээтилэр.

Бу дьоро киэһэҕэ “Оҕо саас” сылыгар анаммыт коллекциятын  “Түһүлгэ” норуот айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир “Иэйии”  түмсүү салайааччыта  Екатерина Гаврильевна Андреева билиһиннэрдэ. Кэлбит ыалдьыттар, оҕолор 70,80,90 сыллардааҕы оҕо оонньуурдарын, үөрэнэр малларын көрөн сүрдээҕин астыннылар, үөрдүлэр.

Елена Терютина

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй