Кытаанах оскуолатын үөрэнээччилэрэ Дьоруойдарга тэҥнэһэ үөрэнэллэр

Чурапчы улууһун үрдүнэн Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн чэрчитинэн араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Ол курдук, ахсынньы 8-9  күннэригэр Василий Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын иһинэн “Дьоруойдарга тэҥнэһэбит” сонун дьаһал ыытылынна.

Маныаха “Аҕа дойду Дьоруойа – кини кимий?” диэн ааттаах  5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр анаан устуоруйа учуутала А. Кардашевскай презентациянан бэсиэдэтэ, үгүс интириэһинэй матырыйааллаах ыытылынна. Итини таһынан 11 кылаас үөрэнээччилэрэ “Дьоруойдарга тэҥнэһэбит”  интеллектуальнай оонньууну тэрийэннэр үгүс оҕоҕо элбэҕи биллэрдилэр, кэпсээтилэр. Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ, “Килэнки кэскилэ”  оҕо тэрилтэтин парламена “Билиҥҥи кэм дьоруойдара — биһиги биир дойдулаахтарбыт”  презентацияларын сэҥээрэ көрдүлэр.

Билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтара Ф.А.Барашков кэргэнигэр тимуровскай көмө оҥоһулунна. Дьаһал барыта “Барс” байыаннай-патриотическай кулууб тэрийиитинэн “Инники эрэллэрбит”   5-11 кылаас уолаттарыгар үс көрүҥҥэ күрэхтэһиинэн түмүктэннилэр. Күрэхтэһии икки бөлөҕүнэн ыытылынна.  Уолаттар буулдьалаах саанан ытыыга, “АК-47” автоматы бириэмэҕэ ыһыыга, хомуйууга, сиртэн тирэнэн анньыныыга илин-кэлин түһүстүлэр. Кыайыылаахтар көрүҥ аайы грамотанан бэлиэтэннилэр. Үс көрүҥ түмүгүнэн кыайыылаахтар  Д.Жирков, М.Пономарев, С.Дьяконов, А.Терютин, Нь.Собакин, Э.Барашков мэтээллэринэн, хайҕабыл суруктарынан бэлиэтэннилэр.

 

Сэмэн Жендринскэй. Хаартысканы Кытаанах орто оскуолатын пресс-киинэ тиксэрдэ