Кытаанах оскуолатыгар тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах тэрээһин ыытылынна

Биһиги алын сүһүөх оскуола оҕолоро төрөппүттэрбитин кытта тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах «Сэбиэскэй сойуус кэмигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үлэлээбит тимир көлөлөр уонна туруу үлэһит дьон» диэн бырайыагы үлэлэтэн кэллибит. Бу күннэргэ ССРС кэминээҕи тыа хаһаайыстыбатын үлэтин бэйэбит аймахтарбыт, чуолаан эһэлэрбит, үлэлэрин нөҥүө билсистибит. Сэбиэскэй сойуус кэмигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үлэлээбит тимир көлөлөр,   тэриллэр тустарынан билиибитин хаҥаттыбыт. Бу үлэҕэ биһиэхэ аҕаларбыт көмөлөрө улаханнык туһалаата. Ол курдук, К-700, «Беларус» трактордар, КПКУ 75 комбайн, сеялка, ГАЗ-АА  грузовой массыына, самосвал, молоковоз макеттарын аҕаларбытын кытта оҥорон историяларын үөрэттибит.

Салгыы оҕолорбут тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үлэлээбит тимир көлөлөрү уонна туруу үлэһит дьону билиһиннэрэллэр:

1.Лазарева Кюннэй:

Эһэм Семен Семенович Лазарев «Чурапчы» совхоз бэриниилээх тракториһа, механизатора. Ол курдук, 1982 сыллаахха «Чурапчы»  совхозка К-700 тракторынан бааһыналары хорутуунан, кыһыҥҥы кэмҥэ комбикорм тиэйиитигэр, кэлин 1987 сыллаахха эһэм анал звенота сиилэскэ 2,9 тыһыынча тонна оҥорон оройуон рекордун олохтообута. Ону таһынан   1981, 1984,  1985, 1986, 1987, 1991 сыллардаахха үрдук үүнүүнү, элбэх оту таһан 100 бырыһыан былааны толорон, рекорд олохтоон эһэм Семен Семенович элбэх бочуотунай грамоталардаах уонна дипломнардаах.  Эһэм үлэлээбит сыралаах үлэтинэн киэн туттабын.

Т-150 тракторынан Кэбээйиттэн от тиэйиитигэр, спт-60 от кэбиһэр агрегат  (от кэбиһиитэ), комбайнынан үлэ, комбикорм таһыыта, таас чох таһыытыгар эһэм күүскэ үлэлээбитэ. К700 трактор 1962 сыллаахха Лениградскай уобалас Кировскай заводугар оҥоһуллубута.

  1. Бабиченко Ева:

1980 сылларга бурдук быһыы, сиилэстээһин кэмнэрэ этэ. Тракторист, механизатор Лазарев Семен Семеновичка биһиги эһэбит Пономарев Михаил Николаевич көмөлөһөөччүнэн үлэлээбит.

Бу КПКУ комбайн К-700 тракторга иилиллэр эбит. 1826 сыллаахха Шотландияҕа Патрик Беллен бастакы  комбайны айбыт.

1868 сыллаахха Андрей Романович Власенко Российскай империяҕа комбайн айан хонууга таһаарбыт. Комбайн 3 үлэни толорор эбит: быһар, мэлийэр уонна салгынынан үрдэрэн туораҕы оттон арааран массыынаҕа кутар.

  1. Борисова Алисса:

2014 сыллаахха Түөйэгэ аҕам Трофим Григорьевич Борисов эбиэс ыспыт. 2015 сыллаахха Намылдьыга эбиэс ыспыт.  Сеялка —почваҕа туорах ыһар техника. Былыр туораҕы илиилэринэн ыһар этилэр. Бастакы тимир сеялканы Кытайга биһиги эрабыт иннинэ 2-сс үйэҕэ айбыттар.

  1. Гоголева Эльвира:

Мин кырдьаҕас таайым Москвин   Семен Яковлевич Субуруускай аатынан совхозка, сайынын от звенотугар мунньааччынан сааһын  тухары үлэлээбит. Бастыҥ үлэлээх Болтоҥо отделениетын отчуттара чемпион аатын өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да ылбыттар.  Билигин аҕам атынан буолбакка тракторынан мунньар.

  1. Яковлева Снежанна:

ГАЗ-АА    (Грузовой автомобиль Полуторка) – саамай биллиилээх сэбиэскэй грузовик. Кини эйэлээх уонна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр саамай элбэҕи сүүрбүт легендарнай массыына.

Бу массыынаны 1932 сылтан саҕалаан Горьковскай автозаводка оҥорбуттар.

  1. Собакин Дьулус:

Эһэбит Петр Иванович Собакин  1986-1991 сылларга совхозка бастаан ДТ-75, онтон Беларусь трактордарга суоппарынан үлэлээбит. 1992 сылтан «Кытаанах» ассоциацияҕа трактористаабыт. 2001 сылтан бэйэтэ чааһынай үүт таһыытынан дьарыгырбыт. 2011 сылтан бу сылга дылы «СахаСпецТранс» тэрилтэҕэ тракториһынан үлэлиир. «Белару́с» трактор 1952 сыллаахха Минскэй тракиорнай заводка оҥоһуллубут эбит.

Потапова Сахаайа:

Самосвал – бэйэтэ сүөкэнэр механическай массыына.  1930 сыллаахха диэри самосваллары Америкаттан ылар эбиттэр. Онтон 1948 сылтан Минскэй автозаводка оҥорор буолбуттар. МАЗ уонна 1969 сылтан Камскай автозаводка КАМАЗтары оҥорор буолбуттар.

  1. Лыткин Титомир:

Молоково́з — үүтү  таһарга аналлаах массыына. Бу массыына цистернатыгар үүт 10 чааһы быһа аһыйбакка сылдьыан сөп, таһырдьа +35 кыраадыс да буоллаҕына. Маҥнайгы молоковоз-ЗИС-5 1934 сыллаахха оноһуллубута.

Мин эбэлээх эһэм Елизавета Аммосовна уонна Василий Титович Захаровтар бааһынайдаабыттара 31сыл буолбут, кинилэр 15 ыанар ынахтаахтар. Биир сылга үүт собуотугар 15 тонна үүтү туттараллар.

Наталья Игнатьева, 3-с кылаас үөрэнээччилэрэ, Кытаанах