Кытаанах орто оскуолатыгар “Саллаат паартатын” туруордулар

Бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр Саха норуотунай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан аатынан Кытаанах художественнай хайысхалаах оскуолатыгар бойобуой дьайыы кыттыылааҕа Илья Владимиров сырдык аатын, кини хорсун быһыытын үйэтитэр, ыччакка патриотическай иитиини күүһүрдэр сыалтан, “Саллаат паартата” оҥоһуллан турда. Бу тэрээһин Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы кыттыылаахтарын Сэбиэтин көҕүлээһининэн, улуустааҕы үөрэх салаатын “Боотур Уус сыдьааннара” бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар.

Бу күн Хотугу Кавказ эригиэйинэгэр хас даҕаны контртеррористическай эпэрээссийэлэргэ кыттыбыт саллаат, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара, доҕотторо, үөрэппит учууталлара кэлэннэр кытыннылар, Илья Егорович туһунан ахтан-санаан аастылар, кини олоҕун, оҕо сааһын, хорсун быһыытын туһунан үөрэнээччилэргэ кэпсээтилэр. Тэрээһин дьоро чааһыгар Кытаанах нэһилиэгин баһылыга Егор Потапов, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, Илья тастыҥ убайа, “Дорожник” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Гаврил Владимиров, Кытаанах нэһилиэгин олохтооҕо Альберт Собакин, улуустааҕы бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сэмэн Жендринскэй, Илья оскуолатааҕы учуутала, кылааһын салайааччыта Галина Аммосова кыттыыны ыллылар.

ЫСПЫРААПКА

Владимиров Илья Егорович

(28.08.1980-01.05.2008)

Илья Владимиров атырдьах ыйын 28 күнүгэр Кытаанах нэһилиэгэр Мария Ильинична уонна Егор Егорович Владимировтан дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. 1987 сыллаахха Александра Егоровна Потапова уонна Марфа Николаевна Захарова салайааччылаах Кытаанах орто оскуолатын алын сүһүөх онтон Галина Михайловна Аммосова салалтатынан 11 кылааһы түмүктүүр.

1997 сыллаахха Василий Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн Дьокуускай куоракка култуура кэллиэһигэр туттарсан киирэр. Орто үөрэҕи ситиһиилээхтик түмүктээн кэлэн төрөөбүт Килэҥкитин НАДь-гэр  судаарыстыбаннай быраактыкатын үчүгэйдик ааспыта.

2000 сыллаахха Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэригэр аармыйаҕа ыҥырыллар. Маҥнай 52924 нүөмэрдээх чааска тиийэн байыаннай үөрэҕи ааһар онтон кэлин 02901 нүөмэрдээх чааска старшай наводчигынан сулууспатын түмүктээбитэ. 2001 сыл атырдьах ыйын 14 күнүттэн 2002 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр диэри РФ Хотугу Кавказ эригийиэнигэр байыаннай чаастар холобоһуктаах бөлөхтөрүн (ОГВ) састаабыгар киирэн хас даҕаны контртеррористическай эпэрээссийэни толорууга кыттыбыта.

Аармыйаттан сулууспалаан кэлэн баран бааһынай хаһаайыстыбаҕа үлэлиир ол сылдьан олоҕун аргыһын Туяраны көрсөн утуу-субуу икки уол оҕолоноллор. 2008 сыллаахха, ыам ыйын 1 күнүгэр, бэрт эдэр сааһыгар, сырдык олоҕо соһумардык быстыбыта.

“За службу на Кавказе”, “Участник боевых действий” мэтээллэрдээх.

Кытаанах нэһилиэгин Аҕа баһылыга Егор Потапов бу курдук кэпсээтэ:

Бүгүн биһиги биир дойдулаахпыт, оҕобут Ылдьаа Быладьыымырап паартата оскуолабыт бибилэтиэкэтигэр кэлэн турбутунан улаханнык үөрдүбүт. Инньэ диэн тураммыт нэһилиэкпит дьонун-сэргэтин аатыттан улууспут бойобуой дьайыытын түмсүүтүгэр махталбытын тиэрдэбит. Биһиги нэһилиэкпит Бүтүн Сойуус, билигин Арассыыйа ханнык даҕаны буолар хамсааһыннарыгар нэһилиэкпит дьоно туора турбаттар, ол курдук Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кытаанах нэһилиэгиттэн 157 киһи кыттыыны ылбыта онтон ааспыт Чеченскэй хампаанньаҕа уонна араас локальнай конфликтарга биһиги уонунан ахсааннах дьоммут сулууспалаан кэлбиттэрэ, аны билигин буола турар анал байыаннай дьайыыга Килэнки бөһүөлэгиттэн 6 киһи ыҥырыллыбыта, икки уол төннөн кэлбиттэрэ, түөрдэ күн-бүгүн кыттыыны ыла сылдьаллар. Ону инникитин оскуолам кэлэктиибэ кимнээх баран кыттыыны ыла сылдьалларын туһунан үөрэнээччилэргэ кэпсээн, нэһилиэкпит ханнык даҕаны балаһыанньаҕа Арассыыйа чиэһин түһэн биэрбэт, Арассыыйаны кытары бииргэ, инники Сэбиэскэй Сойууһу кытары тэбис-тэҥҥэ хамсаммыта диэн өйдөбүлү оҕолорго тиэрдиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Килэҥкибит баай, киэҥ устуоруйалаах ол ону барытын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр сыалтан араас элбэх пааматынньыктар, искибиэрдэр турдулар, кинигэлэр бэчээттэннилэр. Итинтэн биирдэстэрэ бу бүгүн “Саллаат паартата” биһиэхэ кэлбитэ, патриотическай өй-санаа хас биирдиибитигэр баар буолуохтаах. Биһиги нэһилиэктэн элбэх патриоттар, элбэх саллааттар Аҕа дойдуну көмсүкүү сылдьаллар. Бэйэбит нэһилиэкпит устуоруйатын, бэйэбит биллиилээх дьоммутун бука барыларын билиэхтээхпит уонна үөрэтиэхтээхпит. Бу паартаҕа биһиги биир дойдулаахпыт Илья Владимиров туһунан элбэх информация баар, кини туһунан суруйуулары ааҕыахха, көрүөххэ сөп. Саллаат аатын үйэтитиигэ оскуолаҕа, бибилэтиэкэҕэ үлэлэр салгыы ыытыллыахтара.

Сыл аайы оскуола биир выпускнигар бэриллэр бойобой дьайыы бэтэрээнэ Илья Владимиров аатынан 10 тыһ. сууммалаах стипендия аймахтарын ааттарыттан олохтонно. Харчыны ханнык баҕарар оҕо ылыан сөп. Сүрүн ирдэбилэ — үчүгэй үөрэх, хорсун быһыы, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһүү, дойдуга бэриниилээх буолуу.

“Илюшкабыт наһаа амарах санаалаах, аһыныгас уол этэ. Биһиги ийэбит кинилэргэ кырдьаҕас саҥаспыт буолар. Эмээхсин куоракка кыстаан баран сайынын Дьаарбаҥҥа сайылыктарыгар ааһааччы. Онно биирдэ күһүн тэллэйдии сылдьан мунан хаалбыт. Арай, Нама диэн сайылыкпытыгар ынахпытын ыы олордохпутуна уолбут биһиэхэ тиийэн кэллэ, ыксаабыт аҕай. “Эдьиэй, эбээ баар дуу?” – диэн ыйытта, “Суох, эһиэхэ барбыта дии”, — диэтим. Онуоха Илюшкабыт дэриэбинэҕэ ыстаннарда, суоҕун билэн баран эмиэ сайылыгар элээрдэ турбут. Сотору буолан баран киһибит, көрбүт-истибит аҕай, омуннаах соҕус этэ: “Хараҥарда, эбээбит суох, муппут быһыылаах”, — диэн баран туох баар аймахтарын барыларын мунньан, биэс тыраахтырынан тигинэтэн ол эмээхсини көрдүү Дьаарбан эҥин диэки бара турдулар… Ханна даҕаны суох… Онтон эмиэ кэлэн ааста, Илюшка ыксаабыт аҕай. Эбэтэ суох, ол быыһыгыгар “Эбэм ханна тиийэн муннаҕай, охтубута буолуо”, — диэн ытамньыйар. Түүн үөһэ тыраахтырдарбыт булбаккалар Дьаарбаҥҥа кэлэн олордохторуна, матассыыкыллаах уолаттар уот-күөс буоланнар эмээхсиммитин буланнар аҕалан бырахпыттар, букатын ыраах үүтээҥҥэ тиийэн хаалбыт этэ. Инньэ гынан бырааппыт наһаа аһыныгас, аймаҕымсах бөҕө этэ. Кэлин наһаа үчүгэй Туйаара диэн учуутал кыыһы ойох ылан, икки оҕолонон баран ити кылгас үйэлэнэн хаалаахтаабыта. Туох даҕаны барыбытыгар мааны уол этэ. Сулууспалаабытын туһунан олох биир даҕаны тылы кэпсээбэт этэ. Мин “хайа, хайдаҕый?” эҥин диэн ыйытар этим, “ээ, ол онно тулх үчүгэйдээх буолуоҕай” диэн олох кэпсээбэтэҕэ, “дьэ уонна барыта үчүгэй буолуоҕа” диэн тыллаах буолара. Эйэҕэс-сайаҕас, аймаҕымсах уол этэ”, — диэн эдьиийэ, Кытаанах нэһилиэгин олохтооҕо Татьяна Григорьевна Потапова ахтар.

Дьэ, онон Чурапчы улууһун хоту сытар нэһилиэктэригэр Кытаанахха, бастакынан “Саллаат паартата” туруорулунна. Үйэтитии үлэтэ нэһилиэккэ салгыы даҕаны ыытыллыа турдаҕа. Гаврил Владимиров быраатын кэриэһигэр дьоһуннаах ахтыыны оҥордо, оскуола үөрэнээччилэригэр үчүгэй үөрэҕи, туйгун доруобуйаны баҕарда.

 

Сэмэн Жендринскэй – гвардия сержана. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.