Кытаанах нэһилиэгин олохтооҕун тиэргэнигэр ымыйахтаах култууратын артефага көстүбүтүн туһунан бэҕэһээ о.э. балаҕан ыйын 4 күнүгэр Максим Аммосов аатынан ХИФУ историческай факультетын магистрана Дмитрий Скрябин иһитиннэрдэ.
Өссө бэс ыйын саҕатыгар Кытаанах нэһилиэгин Нама диэн алааһыгар дьиҥнээх археологическай булумньу бэлиэтэммитэ – ол курдук бөһүөлэк олохтооҕун тиэргэнигэр түҥ былыргы Ымыйахтаах култууратын артефактара көстүбүттэрэ. Бу маннык сэдэх булумньу олохтоохтор эрэ интэриэстэрин тардыбатаҕа, манан профессиональнай археологтар дьарыктаныахтара.
Дьиҥ иһигэр Ымыйахтаах култуурата эрдэтээҥҥи неолит култууратыгар бэрт аҕыйахтык үөрэтиллибит хайысха буолар. Бу култуура сүрүннээн тэнийбит сиринэн Өлүөнэ өрүс эргинэ буолар. Ону таһынан ымыйахтаах култуурата эрдэ Охотскай муора кытылыгар, Таймыр Заполярьетыгар уонна Эвенкийкаҕа көстүбүтэ биллэр.
Ымыйахтаах култууратын сүрүн уратытынан “вафельнай” керамика буолар ол эбэтэр бу керамическай оҥоһуктар киһи илиитинэн туойтан сыбаан оҥоробута ааттанар. Онон 2024 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр көстүбүт булумньу Чурапчы улууһун устуоруйатыгар археология саҥа арыйыытын быһыытынан суруллуоҕа. Ити күн, кыраайы үөрэтээччи, историктар Сойуустарын чилиэнэ Владислав Николаевич Владимиров бэйэтин тиэргэнигэр бузина талаҕы уонна хатыҥ маһы олордо сылдьан – бу дьикти оҥоһуктары хостоон таһаарбыт. Наһаа дириҥэ суох сиртэн керамика тахсан кэлбит, ону кытары история эйгэтигэр сыһыаннаах киһи тута интэриэһиргээн тутан-хабан көрбүт. Улаханнык толкуйдуу барбакка онно тутатына Дьокуускайдааҕы Археологическай научнай-чинчийэр киин үлэһиттэригэр быһа сибээскэ тахсыбыт. Киин сотрудниктара, Владислав Николаевич ыыппыт хаартыскатын көрөн бараннар туох да кэтэмэйдээһинэ суох ити булумньу Ымыйахтаах култууратыгар быһаччы сыһыаннааҕын туһунан бигэргэппиттэр. Ити аата бу биһиги, 4,1-3,3 тыһ.сыл анараа өттүнээҕи кэм туһунан кэпсиибит.
Инньэ гынан учуонайдарга Кытаанах нэһилиэгин сирэ-уота бэрт ураты, саҥа хайысха арыллыытын бэлэх уунна диэхпитин сөп.
Сэмэн Жендринскэй