Киргиэлэй Алаҕарга быстар дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Кини 10 саастааҕар ийэтэ өлөн, оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ. Арай 17-18 саастааҕар Семен Новгородов алпаабытынан сахалыы ааҕар-суруйар буолбута.
Ол эрээри 30-с сылларга тыа сиригэр тахсыбыт сүүнэ уларыйыылар долгуннара Киргиэлэйи эмиэ таарыйбыттара. Дьэ ол курдук 1927 сылтан кини нэһилиэгин Сэбиэтигэр чилиэнинэн талыллан барыта 30-ча сыл үлэлээбитэ. Ол иһигэр 7 сыл устата нэһилиэгэр Сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн.
Өссө 1930 сыллаахтан Дүөлү диэн ТЗОС-ка киирбитэ. Онтон ыла колхуос үлэтигэр 11 сылы үлэлээн-хамнаан аһарбыта. Хас да сыл биригэдьиирдээбитэ, ҮТФ сэбиэдиссэйдээбитэ, бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
1963 сылтан ыла Чыаппара балыыһатыгар сопхуоһунан анаммыта. Кини итиннэ үлэлиэҕиттэн ыла балыыһа ис-тас өрөмүөнэ кэмигэр ыытыллар буолбута. Оттон сайынын кырдьаҕастары, оҕолоруд түмэн колхуоска оттоһорун сөбүлүүрэ. Итинэн кини сайын аайы колхуоһугар кырата суох көмөнү оҥороро.
Киргиэлэй хаһан да колхуос үлэлиттэн аккаастамматаҕа. Кырдьаҕас хомуньуус, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Григорий Егорович Турантаев олоҕун тиһэх күннэригэр диэри дьонун кытта тэтимнээхтик үлэлэһэ сылдьыбыта.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ