ССКП Киин Кэмитиэтин от ыйынааҕы Пленумун уураахтарынан өрө күүрдүллэн уонна от хомууругар ыарахан балаһыанньа үөскээбитин учуоттаан, Эрилик Эристиин аатынан сопхуос Хадаардааҕы отделениетын кырдьаҕастара 1978 сыллаахха сүөһү аһылыгын соҕотуопкалааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттарга оройуон бары кырдьаҕастарыгар ыҥырыы таһаарбыттара.

Кинилэр ити дьыл атырдьах ыйын күннэригэр 6 туонна оту кэбиспиттэрэ. Дириҥ Күөлгэ 5 туонна хомуһу баайбыттара. Ону тас өттүнэн биирдии бэйэлэрэ иккилии туоннаны моой оттообуттара.

Оҕонньоттор онтон салгыы онуо буолан Өтөх Көлүйэҕэ хоно сылдьан үлэлээбиттэрэ. Кырдьаҕастар звеноларын Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, 74 саастаах Прокопий Степанович Григорьев салайбыта. Үлэ бэтэрээнэ, хомуньуус Д.П. Елисеев повардаабыта.

“Охсууга биэнсийэлээхтэр И.С. Андросов, Е.Н. Михайлов, О.О. Алексеев, П.И. Николаев бастаан сылдьаллар”, — диэбиттээҕэ звено биир чилиэнэ Иннокентий Иванович Давыдов. “Оттон үлэ инбэлиитэ М.Г. Алексеев, төһө даҕаны көрбөт-истибэт буоллар, илиитигэр хотуур тутан оттоһоро, көх-нэм буолара эмиэ махталлаах дьыала”.

Кырдьаҕастар Өтөх Көлүйэҕэ туруорбут балааккаларыгар киэһэ түмсэн сарсыҥҥы үлэлэрин, былааннарын кэпсииллэрэ, дьыл сиэринэн илиинэн охсор от син баарын этэллэрэ. Былааннаах 15 туонна отторунан муҥурдаммат санаалаахтара, эбии аһылыкка сорудахтарын эмиэ толоруохпут дэспиттэрэ.

Звено кырдьаҕастара уу отун оттооһуҥҥа баттаамалаах сирдэринэн Кубалааҕы ааттаабыттара. Иннокентий Сидорович Андросов уонна Егор Николаевич Михайлов эдэрдэригэр күҥҥэ балтараалыы гектарга түспэт охсооччулар эбиттэрэ үһү. Төһө даҕаны саас баттаатар, оҕонньоттор илиилэрин салааһына өссө да баара, звеноҕа бастыҥ этилэрэ.

Хомуньуустар П.И. Николаев, М.Г. Алексеев араадьыйанан истибит сонуннарын үөлээннээхтэрин кытта үллэстэр үгэстээхтэрэ.

Манна олохтоох сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлэ М.М. Мартьянов, отделение управляющайа Н.И. Дьячковскай, биригэдьиир Дмитрий Адамов чаастатык сылдьаллара. ССКП КК Пленумун матырыйаалларын, социалистическай куоталаһыы хаамыытын куруутун кэпсиир, быһаарар идэлээхтэрэ.

Сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрэ, Хадаар ытык кырдьаҕастара ылыммыт эбэһээтэлистибэлэрин чиэстээхтик толорбуттара.

 

Сэмэн Жендринскэй