Хороҕор муостаах инньэ колхуос саҕаттан хойдон мустубут, үөскээн-тэнийэн субуспут аххан Сугулаан диэн ферматын кэккэлэһэ күндү түүлээх гиэнэ талыытынан ааттаммыт кырамахтаах хара саһыл фермата төрүттэммитэ. Онтон бэттэх бу ферма үлэһиттэрэ уонунан тыһыынча солкуобайдаах дохуоту сыллата киллэрэн кэлбиттэрэ.
…Таһыттан көрдөххө оннук улахан хаһаайыстыба сыллааҕы үлэтин сыымайдыыр сиригэр төһө даҕаны майгыннаабатаҕын иһин, дьиэ иһигэр киирдэххинэ, кыраһа хаары ыспыттыы толбоннуран хара саһыл тириилэрэ кэккэлэччи ыйанан туралларыгар хайа да бэйэлээх хараҕа иҥнэ түһэрэ. Оттон кутуругун төбөтүгэр симэммит курдук электолампа уотуттан эбии сырдаан кылбаҥныыр маҥан ойуута дьыбардаах сарсыарда чараҥ үрдүнэн быкпыт үрүҥ күнүн санатара.
Манна Сидор Иванович Христофоров мотуордары холбооттоон кнопканы баттаатар эрэ, эти уҥуохтары-байдары үлтү мэлийэр массыына тигинээбитинэн барара эбэтэр саһыл аһын астатаары ханнык эбит оборудованиены үлэлэттэҕинэ, биир оннук тыас-уус буола түһэрэ. Кини ол хам тоҥмут сүөһү төбөтүн, сылгы этин хайдах ириэрэн, туох састаабы эбэн астыырыттан, нуорма быһыытынан үллэрэриттэн хас биирдии саһыл куҥа-тааһа, ол аата тириитэ туох-ханнык сыанбылы ылара быһаччы тутулуктааҕа.
Бу кыракый кэлэктиип бүтүн биир сыллаах сырата-харата солкуобайынан суоттанара, төһө барыһы ылбытынан быһаарыллара, дойду валютнай пуондатын хаҥатыыга төһө-хачча сууммалааҕы киллэрбитинэн сыаналанар кэмэ сыл бүтэһик ыйыгар – ахсынньыга буолара.
Ол да иһин оройуон чөмпүйүөн саһыл көрөөччүтэ Мария Родионовна Неустроева, кини бииргэ үлэлиир дьүөгэтэ Мария Семеновна Козлова, повардар Дмитрий Семенович Яковлев, Айталина Дмитриевна Терютина саһыл тириитин кытта астаһаллара, сыалаах субатын ыраастыыллара.
Саһыл тириитин таҥастааһын эппиэттээх күннэригэр ферма дьонугар көмөлөһө биэнсийэлээхтэр Егор Ильич Попов уонна Николай Яковлевич Сибиряков кэлэллэрэ. Оҕонньоттор илиилэрэ сыстаҕас буолан, бэрт имигэстик тириини сүлэллэрэ, тимир көхөҕө таҥнары ыйаан сулбурута тыыталлара, тыҥыраҕыттан, кулгааҕыттан араара охсоллоро. Оттон ферма сэбиэдиссэйэ Михаил Авксентьевич Иванов харытын ньыппарынан баран сымнаабыт, ыраастаммыт тириилэри тиирэрэ. Онтукаларын куурда уурталыыра эбэтэр бэйэлэрэ оҥорбут мотуор күүһүнэн эргийэр барабааннарыгар уган бензин, эрбии көөбүлэ кутан эргиттэрэрэ. Ити барабаан саас аҥардыыта үлэлээн дыыгынаатаҕын ахсын саһыл тириитин өҥө, кылаана эбии тупсара, мэктиэтигэр кырдьык да үрүҥ көмүһүнэн ыһыахтана оонньуура.
“Аһы-үөлү бэлэмнээһиҥҥэ механизация киллэриллэн, тиэхэньикэ күүһүн туһанабыт. Оттон бу тириитин сүлүүтэ, таҥастааһына барыта илиинэн оҥоһуллар. Арай ити барабаан оҥостон үлэбитин арыый чэпчэтинэ түстүбүт. Эһиил ити сытар улахан барабааны ситэрэн туһаныахпыт”, — диэбиттээҕэ ферма сэбиэдиссэйэ Иванов.
Кини тириитин куурдар, уурар, харайар аныгылыы дьиэ-уот – дьиэ-сыах хайаан да наадалааҕын этэрэ. “Аһылыкпыт да бэрт бөрүкүтэ суох, наар сүөһү төбөтө, туйаҕа, көнньүнэн өлбүт ынах сүөһү, сылгы этэ буолар. Өскөтүн үөрэх, быраабыла этэрин курдук ас арааһын хаһаанар, астыыр уонна минеральнай эбиликтэри туттар буоллар, төрүөҕү ылыыга да, тирии хаачыстыбатыгар да бэрт элбэҕи сүүйэрбит хаалла”, — диэн быһаарбыттааҕа Михаил Авксентьевич.
Субуруускай аатынан сопхуос Хатылытааҕы отделениетын кыылы иитээччилэрэ тохсус пятилетка сылларыгар 2957 саһыл оҕотун ылбыттара, судаарыстыбаҕа 259,6 тыһ.солкуобай суумалаах кырымахтаах хара саһыл тириитин туттарбыттара. Ити түөрт сыллаах сорудахтан 15,6 тыһ. солкуобайынан ордуга.
1975 сыл бүтэһик күннэригэр 508 саһыл тириитин тутар пууҥҥа киллэрбиттэрэ. Оттон түмүктээһиннээх сылга 69 тыһ.солкуобайдаах саһыл тириитэ судаарыстыбаҕа туттарыллыбыта.
“Ийэ дойду валютнай пуондатын хаҥатыыга тохсус пятилеткатааҕы былааммытын толоруохпут диэн эрэнэбит. Онно хаачыстыба иһин бары да ордук кыһанабыт. Оттон иитиигэ хаалар 230 тыһы саһылларбытыттан аны саас үчүгэй, элбэх төрүөҕү ылар туһугар күннэтэ сыралаһабыт. Эбии түөрт кыыс быраактыкаларыгар кэллилэр. Кинилэргэ хас да сыл мунньуммут баай үөрүйэхпититтэн туох эмэ туһалааҕы иҥэрэн ыыттарбыт”, — диэн оччотооҕуга баҕа санаатын ферма салайааччыта тиэрдибиттээҕэ. Хатылы кырамахтаах хара саһылы иитээччилэрэ фермалара хара эстиэр диэри итинник түбүктээх үлэҕэ сылдьыбыттара.
Сэмэн Жендринскэй