Бэҕэһээ о.э. балаҕан ыйын 4 күнүгэр Кындалтан төрүттээх, үлэлээн ааспыт дьоннор дойдубутугар дэлэгээссийэ буолан тахсан оскуола-саад кэлэктиибин кытта көрүстүбүт. “Ахтылҕан аргыстаах кэлиэм мин Кындалбар” диэн аахсыйабытын түмүктүүр дьоро күммүт буолла.
Үлэһиттэр саламааттаах, алаадьылаах көрүстүлэр. Дьаһалбыт сүрүн чааһа эҕэрдэнэн, ахтыынан, билсиһиинэн саҕаланна. Эрдэ үлэлээбит дириэктэрдэр, “Учууталлар учууталлара” Анна Слепцова, Болтоҥо нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Матрена Монастырева эдэр үлэһиттэргэ сүбэ-ама биэрдилэр. Оскуоланы көрдүбүт. Дьокуускайтан, Амматтан, Чурапчыттан ыыппыт өйдөбүнньүк бэлэхтэрин уонна түмсүү аатыттан сэртэпикээт туттардыбыт, Аммаҕа олорор биир дойдулаахпыт Наталья Константинова «Мин таптыыр Кындалым» диэн өйдөбүнньүк бэлиэни, оскуола-саад таһыгар дьиэ кэргэнинэн оҥотторон туруоруохпут диэбит этиитин ытыс тыаһынан көрүстүбүт.
Харда тылы быйыл саҥа анаммыт дириэктэр Конфей Кимович Колесов, Кындал учаастагын кырдьаҕас олохтооҕо Варвара Кривошапкина эттилэр, махтаннылар. Төгүрүк остуол тула олорон истиҥ кэпсэтиһии, санаа атастаһыыта буолла. Биһиги түмсүү аатыттан: “Буола турар анал байыаннай дьайыыга тиийэн суорума суолламмыт, дириэктэринэн үлэлээбит Кындалтан төрүттээх Василий Красильников аатын үйэтитиэҕин, “Олоҥхо дойдута” мусуойу сөргүтүөҕүҥ, саҥа тыыннаан сэргэхситэн салгыы дьон-сэргэ сылдьар киинэ оҥоруоҕуҥ, араас бырагырааммаларга кыттан, өтөхсүйэн турар дьиэлэр тастарын хомуйуоҕуҥ, хаһаайыттар олбуордуулларын ситиһиэҕиҥ, субуотунньугунан көмөлөһүөхпүт”, — диэн этии киллэрдибит.
Үлэһиттэр оскуола-саадтарыгар “өрөмүөн харчыта көрүллэрэ, ыйга саатар иккитэ килиэп, бородуукта атыыта тэриллэрэ буоллар” диэн баҕа санаалаахтар. Кындал суола билигин даҕаны урут даҕаны тыын боппуруоһунан турар.
Өйдөбүнньүк пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн ууран, “Олоҥхо дойдута” мусуойу кэрийэн көрдүбүт. Чырыдаайыга сүөһү-ас тутан олорор Дария уонна Григорий Егоровтар эмис собо кэһиилээн ыыттылар. “Дойдубут аныгы олох тэтиминэн сайда үүнэ турдун, инникилээх буоллун!” — диэн санаанан салайтаран, көрсүһүүттэн астынан айаммытыгар туруннубут.
Түмсүү салайааччыта Людмила Егорова
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй