Күн тэҥэ сырдык киһи (Бүгүн Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа Анастасия (Монастырева) Филиппова 95 сааһын туолла)

Кэрэспэдьиэн киһи сылдьарын тухары, туох эмэ сонуну суруйан, тугу көрбүтүн-истибитин дьоҥҥо, туһалаах буолаарай диэн, иһитиннэрэр аналлаах. Кыайыы 79 сылын бэлиэтээн, дьэ, арыый да уоскуйан, холкутуйан  олордохпуна, арай Альбина Иннокентьевна Поисееваттан: “Сэмэн, өссө төгүл бырааһынньыгынан! Быраатым тэҥэ саныыр киһибиттэн биир көрдүһүүлээхпин. Бу ыам ыйын 18 күнүгэр хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Анастасия Петровна Филиппова 95 сааһын туолар. Сүрдээх үчүгэй санаалаах, мындыр өйдөөх убаастанар киһи. Кинини кытары кэпсэтэн, тылын-өһүн истэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэриҥ буоллар”, — диэн илдьит кэллэ.

Эдьиийим кэриэтэ истиҥник саныыр киһим илдьитин быһа гыммакка, биэрбит төлөпүөн нүөмэрдэригэр эрийэ сатаатым да, кыайан тиийбэтим. Ол иһин “Куоҕалы” ТОС салайааччытыгар Федора Седалищеваҕа төлөпүөннээн туоһуластым. Самсоновна өр-өтөр гыммата: “15 чыыһылаҕа эбиэттэн киэһэ 14 чааска Анастасия Петровна бэлэм буолар. Чэ, кытаат!” – диэтэ. Болдьоспут күммэр Куохара аатынан уулуссаҕа бардым, ити күн ардах түһэн, таҥаһым ньылбы сытыйан тиийдим. Сэрэнэн киэҥ тэлгэһэ олбуорун аанын аргыый  астым.

Бу Филипповтарга мин сааспар үктэммэтэх ыалым, көрсүбэтэх-билсибэтэх дьонум. Киирдэ киирээт, уруккуттан билсэр дьон кэриэтэ дорооболоһон, соммун, бэргэһэбин устан көхөҕө ыйаан, сымнаҕас олох ыскамыайкаҕа олорунан, дьэ, ирэ-хоро кэпсэтэн-ипсэтэн бардыбыт. Номоҕон көрүҥнээх, холку майгылаах, эйэҕэс мичээрдээх, сэргэх көрүҥнээх бу алаһа дьиэ хотуна Анастасия Петровна намыын саҥата, наҕыллык туттара-хаптара, судургу тыла-өһө ис-киирбэх буолан биэрдэ – дьиҥнээх тыа сирин чиэһинэй, көнө, үлэһит киһитэ.

Кини 95 сыл анараа өттүгэр, Чурапчы нэһилиэгиттэн үс биэрэстэлээх хоту Түөйэ үрэҕэр Үөннээх диэн алааска төрөөбүтэ-үөскээбитэ. Аҕата Петр Николаевич Монастырев диэн эбит, оттон ийэтэ Елена Павловна Местникова кырачаан Настя өссө үс сааһын туола илигинэ, күн сириттэн күрэнээхтээбит. Онтон ыла, ийэ таптала диэни билбэккэ, алтыс кылааска диэри аҕатын кытары атахтаһа сытан борбуйун көтөхпүтэ. Монастыревтары даҕаны сут-кураан, аас-туор олох, сэрии сыллара тумнан ааспатахтара, хоту Эдьигээн улууһугар көһөрүллэн, Мэҥкэрэ диэн сиргэ ыыппыттара. Онно аҕалара Петр Николаевич ыарахан үлэттэн доруобуйата улаханнык айгыраан, “үлэлиир үөрүйэҕин сүтэрдэ” диэннэр, 1944 сыллаахха дойдуларыгар төттөрү ыыппыттар. Ити кэмҥэ Амма оройуонугар учууталлыы сылдьар эдьиийдэригэр кэлэн олохсуйаллар. Онно 1965 сылга диэри Анастасия Петровна эдэр сааһа ааспыта.

Сэттис кылааһы 1945 – Кыайыы сылыгар түмүктээн, Соморсун нэһилиэгэр олохсуйан олордоҕуна, Михаил Петрович Филиппов диэн Чурапчы оройуонун Хайахсыт нэһилиэгин уолун хомсомуол сэкирэтээринэн анаан үлэҕэ ыыппыттара. Ити кэмҥэ онно Чурапчыттан элбэх ыччат тиийбитэ. Дьэ, онно, 35 саастаах кыыһы эмиэ сааһыра барбыт уол кэргэн ылан, Дириҥҥэ түөрт отделениены хабар Эрилик Эристиин аатынан сопхуоска хомсомуол сэкирэтээринэн анаабыттар, төрөөбүт Чурапчыларын 1965 сыллаахха булаллар. Анастасия Петровна, Дириҥ балыыһатыгар дезинфектор идэлээх буолан арыт идэтинэн, арыт сиэстэрэнэн сэттэ сыл устата учаастактааҕы балыыһаҕа үрдүкү сиэстэрэнэн үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта. Оччолорго Семен Максимович Ананьев үлэлиирэ.

Аны бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, “тыаҕа олорор киһи хайаан даҕаны ынахтаах буолара сатанар” диэн санааттан, ол аҕыйах сыллааҕыта аҕатын эккирэтэ сылдьыбыт, ынах да диэни көрбөтөх, билбэтэх киһи бэйэтигэр кытаанах сыалы-соругу туруорунан, эрдэттэн былааннанан, бу кэлин 80 сааһын ааһыар диэри сүөһү көрөн, дьонун ииппитэ-аһаппыта. Билигин бэйэтэ кыра кыыһын көрүүтүгэр олорор. Үс оҕолонон, биир уолу иитэ ылан, икки кыыс, икки уол оҕолонон, барыларын атахтарыгар туруортаан, билигин бука бары талан ылбыт идэлэринэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

“Саамай үөрэрим диэн – бу 95 сааспар үктэнээри олорон, өйбүн-санаабын сүтэрэ илик буолан, дьону кытары алтыһабын, үчүгэйдик кэпсэтэбин, үөлэннээхтэрбин, дьүөгэлэрбин кытары төлөпүөнүнэн билсиһэ олоробун. Бэйэбэр үлэлиибин, толкуйдуур дьоҕурбун сүтэримээри, төлөпүөммүн кытары дуобаттыыбын, ырыаһыта суох эрээри, сөбүлээбит ырыаларбын нойосуус үөрэтэн, дьиэбэр ыллыыбын. Кырыйдахха, саҥарар дикция кытары кырдьар буолар эбит. Ол иһин ону тута сылдьаары, улаханнык доргуччу ыллыыбын”, — диэн Анастасия Петровна ис-иһиттэн сүрдээх үчүгэйдик мичээрдээн  кэбиһэ-кэбиһэ, күлэ-үөрэ  сэһэргиир.

  • Дьон эйигин “быйыл аҕыс ырыаны үөрэттэ” диэн кэпсиир.
  • Ол чахчы! Ааптардарыгар адьас кыһаммаппын, араас үчүгэй билсэр дьонум ырыа бөҕөнү ыыталлар. Ону сөбүлээбит ырыабын талан ылан, өйтөн ааҕа үөрэнэбин. Аны барыта аныгы ырыалар, өссө ааттарын даҕаны чопчу билэттээбэппин. Холобур, “Мин бүгүн ыллыахпын баҕардым”, “Үрдүбүнэн кубалар көтөллөр”, “Оҕонон киэн туттуҥ”, Тойбохойдор сайыҥҥы отторун үлэтин туһунан, “Кыраһыабайдык кырдьыахха”, “Ыллыыр кэмҥэр ыҥыр, миигин” ити Афанасий Дмитриевич Аммосов ыллыыр ырыатын, “Махтаныахха, бу дойдуга олорорго”, “Үчүгэйгэ, сүрэх таптыыр кэрэтигэр тардыһыахха”, чэ, ити курдук ырыалар тылларын наһаа сөбүлээн, барытын нойосуус үөрэттим  уонна ыллаатым. Ону барытын, дьэ адьас хайдах да буоллун, үөрэ-көтө истэ олоруҥ диэн дьүөгэлэрбэр ыыталыыбын.
  • Билсэр хас дьүөгэлээххиний?
  • Элбэхтэр. Кэбээйигэ, Намҥа, Ньурбаҕа, куоракка да бааллар. Бары, аны туран, эдэрдэр, бэйэм саастыыларым өлөн-сүтэн бүттүлэр. Аҕыйах дьүөгэбинээн бассааптаһабын.
  • Анастасия Петровна, эрдэрдэргэ анаан уһун үйэлэниигэ биэс сүрүн сүбэҕин ааттыаҥ буолаарай?
  • Мин санаабар, уһун үйэлэниигэ, бастатан туран, дьиэ кэргэниҥ үчүгэй олохтоох буолуон наада. Туох даҕаны этиһиитэ-охсуһуута суох, бэйэ-бэйэни хаарыйсыбакка, көҥүл олох буолуохтаах. Бэйэм эмиэ көҥүлү таптыыр киһи быһыытынан этэбин. Дьиэ кэргэттэргэр, чугас дьоҥҥор улахан кыһалҕа кыһарыйан, улахан охсууну ылбаттара наада, аныгылыы эттэххэ, стресс. Ону таһынан, өрүү ыраас өйдөөх-санаалаах, олоххо көхтөөх буолуу наһаа улахан суолталаах. Мэлдьи куһаҕаны эҥин ырытар олох сатаммат, “куһаҕан куһаҕаны, үчүгэй үчүгэйи тардар” диэни тутуһа сатааҥ. Эрдэ эппитим курдук, олоххо-дьаһахха актыыбынай буолуохха – барытын ылынан, үлэлээн-хамсаан, туох эрэ туһалааҕы оҥорон. Оннук дьон ортотугар сылдьар киһи, бу остуол, орон икки ардыгар сылдьар киһитээҕэр ордук буоллаҕа. Онно-манна кыттан, баран-кэлэн иһиэххэ наада. Саамай кылаабынайа, бэйэҥ күүстээх санаалаах, бэйэҕин таптыыр, кимтэн даҕаны тутулуга суох, барар сиргэр баран, кэлэр сиргэр кэлэн, кимтэн да тутуллубакка, көҥүллүк сылдьа сатааҥ. Бэйэм ити курдук өйдөбүллээхпин.

Урут да, билигин да үчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһа сылдьаллар дииллэринии, ону барытын ыарырҕаппакка, өйдүү сатааҥ, үчүгэйи эрэ баҕарыахха наада. Оттон бу үйэ – оҕолоруҥ, ыччаттарыҥ, сиэттэриҥ олохторо. Биллэн турар үчүгэйи эрэ баҕараҕын. Өйдөбүллэрим барыта итинник көҥүллэр, аҕа ииппит оҕото буолан эбитэ дуу, харса суох буоларга иитиллибитим. Инньэ гынан кыра эрдэхпиттэн бэйэбин көрүнэ, бэйэм иннин быһаарына үөрэммитим кэлин наһаа туһалыыр эбит.

  • Оннук буоллаҕына, олус сөптөөх сүбэлэр
  • Бэйэм, дьиҥинэн ыллахха, олох кыра сааспыттан, баҕар ас-таҥас тиийбэтиттэн да буолуо, уопсайынан, сүрдээх ыарыһах этим. Сүүрбэччэбэр, киһи барыта хаптарда да, өлөр ыарыытыгар – сэллигинэн ыалдьыбытым. Эдэр сааспыттан, ис-испиттэн тардыһан туран учуутал буолар улахан баҕалаах этим. Дьиҥэр, оскуолаҕа куһаҕана суохтук үөрэммитим. 1945 сыллаахха сэттис кылааһы бүтэрэн баран бу Чурапчытааҕы педучилищеҕа учуутал үөрэҕэр киирбитим, иккис кууруһу бүтэрээри сылдьан, “сэллигинэн ыалдьар” диэн, үөрэхпиттэн устан кэбиспиттэрэ. Ону өссө райздравка киирэн үҥсүһэн, биир сыл кэриҥэ устата үөрэммитим ээ. Онтон ол дьыл сааһыгар тиийэн баран, ыарыы барахсан ханна ыытыай, бэргээн, букатыннаахтык үөрэхпиттэн уураппыттара. Санаторийга эмтэнэн, 36 сааспар биирдэ учуоттан таһаарбыттара. “Ыалдьабын, куһаҕаммын” диэн маҥнай утаа, олох санаам түһэр этэ. Онуоха куоракка Харсаарыскай диэн сэллиги эмтиир наһаа үчүгэй быраас баара. Кини олох тоҥ нуучча оҕонньоро эрээри, уу сахалыы саҥарар, билэр этэ. Кинини көрсөн, эпэрээссийэлииллэригэр көрдөспүтүм. Ол быраас онно улаханнык бэркиһээн, анаан-минээн олордон эрэ, кытаанахтык сүбэлээбитэ: “Эдэр киһигин, хаһан даҕаны үйэҕэр эпэрээссийэҕэ баҕарыма, эпэрээссийэ диэн эмп кыайбатаҕын, күүс өттүнэн, тыын эрэ уһатаары буолар. Ыалдьабын диэн санаарҕаабакка, үчүгэйдик аһаа, быраастар этиилэрин толоро сырыт, эмтэн”,— диэбитэ. Оннук күүскэ эмтэнэ сылдьан, куоракка тиийэ бэстибээлгэ үҥкүүлээн кыттыбыттааҕым. Бэйэҥ өйүҥ-санааҥ күүһэ, эрэлиҥ улаханнык көмөлөһөр.
  • Сорох дьон тоҕо түргэнник түөһэйэрэ буолуо дии саныыгын?
  • Мин бэйэм кэтээн көрдөхпүнэ, түөһэйэр дьон үксүн наар өрө тутуллубут, мэлдьи сэҥээриллибит дьон буолаллар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр наар ытыс үрдүгэр сылдьыбыт буолан, кырдьан, сааһыран баран, мэлдьи өрө туттара, өрүү бэйэлэрин иннин эрэ көрдөрө сылдьаары гыналлар. Туох барыта – кыыл-сүөл буоллун, киһи буоллун, мөлтөөтүҥ да туора анньаллар. Өскөтүн эн үлэлээн уурайан олордуҥ да, урукку курдук сүүрэ-көтө сылдьарыҥ курдук буолбатах. Кэпсэтэр эйгэҥ быдан кыарыыр – ону барытын бэйэҥ уларыта сатыыгын. Ону өйдүөххэ наада. Ону баарынан ылынан, аахайбат буолан үйэбит уһуур. — Бириэмэҕин атааран, тугунан эмэ дьарыктанаҕын дуо, холобур, ииһинэн?
  • Үйэбэр олох иистэммэтэх киһибин. Дьэ, ол 1944 сыллаахха, учуутал балта буолан күннээн, туһунан таҥастанан, туһунан ороннонон – онтон ыла киһилии киһи буолбутум (күлэр). Аҕам ол үс оҕолоох тулаайах хаалар. Ийэм барахсан олох эдэригэр өлбүт, онтон ыла аҕам кэргэн ылбатах. Аны кыра кыыһын хоонньоһон сытар, онтубут сэттэ сааһыгар муҥурдааҕа ыалдьан өлөн хаалбыта. Ол балтым өлбүтүн да кэнниттэн аҕам миигинниин хоонньоһон сытыарбатаҕа, атахха сытар этим. Онон оҕо эрдэхпиттэн судургу соҕустук иитиллибитим. Аҕам барахсан уҥуоҕун бэйэм тутан,  ытык иэспин толорбут курдук сананабын.
  • Туох эмэ аат-суол иҥэрбиттэрэ дуо?
  • Бу кэнники оройуон бочуоттааҕа буолбутум, “СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ”, “Сцена бэтэрээнэ” аат иҥэриллибитэ. Коммунистическай Үлэ удаарынньыга ааты ылыым улахан наҕараадабынан ааҕабын. Оннук улахан үөрэҕэ суох киһи араас быстах-остох үлэлэргэ үлэлээтэҕим. Холобур, ол партийнай да бибилэтиэкэбэр икки эрэ сыл үлэлээбитим. Үһүс сылбар аҕам өлөн, эдьиийим аах оҕо көрөр киһилэрэ суох хаалан, миигин көҥүллэтэн,  онно балыыһаҕа повардаабытым, биир кэмҥэ ньирэй көрө сылдьыбыттааҕым. Онон бары үлэни барытын боруобалаабытым. Сүөһүнү бэйэбит айахпытыгар эрэ ииттэрбит –  муҥутаабыта, үс ыанар ынахтаах этибит, барыта холбоон, уонча буолара буолуо. Оҕонньорум наһаа үчүгэй киһи этэ. Миэхэ мэлдьи көҥүлү биэрэрэ. Аны ол сылдьан, 15 сыл устата Дириҥнээҕи кырдьаҕастар хуордарыгар киирэн, араас тэрээһиннэргэ, нэһилиэктэргэ кэнсиэрдии барарбыт. Аны ол кэнниттэн одьулууннар “Иэйэхсит” түмсүүлэригэр биир көхтөөх чилиэннэрэ буолан, 10-ча сыл сылдьыбытым.

Мин саха аһын астыырбын сөбүлүүбүн, онон ханна тиийэбит, да саха таҥаһын таһынан, саха аһын кытары кэпсиир, тэнитэр соруктаах сылдьарбыт. Кэлин сааһыран, олорбуттан тохтообутум. Онон дьиэҕэ да олорон уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанан, оскуолаҕа төрөппүт кэмитиэтигэр киирэн үлэлээбиттээҕим, оннооҕор ыарахан иитиилээх оҕолору көрөр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыттаахпын. Ол тухары оҕонньорум “Чэйгэ суоххун!”, “Тоҕо хойутаатыҥ?”, “ханна сырыттыҥ?”диэн хомуруйбат этэ. Ол иһин мин киниэхэ үлэтигэр, биэнсийэ тахсан баран көмөлөһөр этим. Урукку кэмҥэ Чакырга биэс сыл сэбиэттээбитэ. Онно бэкээринэ астарбыта.  Онно кэлбит ыалдьыттары, тойоттору, хотуттары барытын бэйэм аһатан-сиэтэн, эмиэ оҕонньорбор көмөлөһөөрү, дьахтар кэмитиэтигэр киирэн үлэлэспитим. Ол барыта дьиэ кэргэҥҥэр өйөбүл буолар. Суруйааччы бөҕөтүн аһатарбыт, үгүс кэпсээннээх-ипсээннэх дьон буолаллара. Сэбиэт миниистирин Маркины ыалдьыттапыттаахпын, маннааҕы оройуоннааҕы Сэбиэт салайааччытын Субботин олох дьиэтин курдук киирэр этэ. Наһаа  судургу дьон этилэрэ. Биһиэннэрэ сорох-сорохторо улахан саҥата суох, наар үлэлэрин туһунан буолара.

Кэлин эдьиийим тулаайах оҕолорун ииппитим. Ол иһин ити барыта үөһээ айыыларынан өрө көтөҕүллэн, баччаҕа сылдьабын диэн бэйэм-бэйэбэр итэҕэллээхпин. Урут баартыйата да суох буолларбыт, хомуньуус бөҕө этибит. Урукку олохпун олох сирбэппин, уруккубутун хаалларбакка эрэ, уларыта тутуу буолбута буоллар диэн саныыбын. Онно Кытайдары холобур тутабын. Оннук суолу тутуспуппут буоллар, биһиги даҕаны ырааппыт буолуохпутун сөп этэ.

Сиэри-туому тутуһар буоллум – хас улахан бырааһынньыктарга, үчүгэй түгэннэргэ дьиэбин-уоппун, тэлгэһэбин аһатабын, үөһээ айыыларбар да махтанабын. Билиҥҥи олох сайдыытын батыһа сатыыбын, хаалсыбаппын.  Үчүгэйэ бөҕө. Араас туһааннаах көмө бөҕө оҥоһуллар. Ону барытын киһи хайдах сотон кэбиһиэй. Чэ, итинник өйдөбүллээхпин.

Кэпсэтиибит бүтүүтүн саҕана, ардахпыт тохтообута. Барытын мэлдьэһэн кэбиспиттии, күөх халлаан урсунугар абына-табына былыттар унаарыһа устубуттара, сандаархай күн чэмэличчи тыкпыта.  Анастасия Петровна аан айаҕар диэри атааран баран: “Чэ, кытаат!” диэбит кылгас гынан баран үтүө баҕа санаата элбэҕи этэргэ дылылара.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ