“Чурапчы улууһа” МО баһылыга Степан Саргыдаев бар дьонун Ыам ыйын 1 күнүнэн – Сандал саас уонна Үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтэ.

Ытыктабыллаах Чурапчы улууһун олохтоохторо!

Чурапчы улууһун салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини, биир дойдулаахтарбын Ыам ыйын 1 күнүнэн – Сандал саас уонна Үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!

Бу ураты күнү араас көлүөнэ дьон бары үөрэн-көтөн, өрө көтөҕүллэн көрсөр. Бу бырааһынньык араас саастаах, араас идэлээх дьону сомоҕолуурун таһынан, айылҕа тыйыс тымныылаах уһун кыһын кэнниттэн уһуктуутун бэлиэтэ буолар. Ыам ыйын бастакы күнүн кытта биһиги үтүө уларыйыыларга, эйэлээх, дьоллоох уонна бигэ олоххо эрэлбитин ситимниибит.

Төһө даҕаны урукку сыллар курдук киэҥ далааһыннаах парааттар тэриллибэтэхтэрин иһин, бары сөбүлүүр бырааһынньыкпыт суолтата өлбөөдүйбэт. Бу күн биһиги үгэс быһыытынан үлэ дьонун – бэйэлэрин талааннарынан, идэлэригэр маастарыстыбаларынан төрөөбүт Сахабыт сирин аатырдар, өрөспүүбүлүкэбит этэҥҥэ буоларын уонна чэчирии сайдарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар үтүө дьоммутун чиэстиибит.

Күндү табаарыстар!

Саха сирин олохтоохторо көхтөөх, айымньылаах, умсугутуулаах үлэнэн эрэ олохпут дьиҥ суолталанарын, оҕолорбут сырдык кэскиллэрэ мэктиэлэнэрин өйдөөн, уопсай сыалы ситиһэргэ мэлдьи бииргэ түмсэн, сомоҕолоһон үлэлииллэр.

Бу сааскы кэрэ күҥҥэ эһиэхэ саҥа ситиһиилэри баҕарабын! Үүммүт саас саҥа санаалары сахтын, үлэҕит мэлдьи табылыннын! Эһигини уонна чугас дьоҥҥутун кытта эйэ эҥэрдэстин, үтүө санаа аргыстастын!

С.А. Саргыдаев, “Чурапчы улууһа” МО баһылыга