Уол оҕо барахсан ханна да бардын-кэллин, куруук илии тутуурдаах, кэһиилээх сылдьара былыр-былыргыттан суруллубатах сокуон буолар. Дьоҥҥор-сэргэҕэр кураанах, илиигин сиэпкэр уктан кэлэриҥ хайдах эрэ сатаммат курдук.
Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата көҕүлээн ыыппыт муҥхатыгар 100-кэ үөрэнээччи инчэҕэйинэн, куул аҥардыыта собону үллэстэн, дьиэлэригэр көмүс хатырык сүгэһэрдээх бардылар.
Айтал Захаров, Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 10 “в” кылааһын үөрэнээччитэ: “Муҥхаҕа аан бастакыбын, эһээбин кытары Сылаҥҥа биэс саастаахпар барсыбытым. Онно тиийэн бастакы сүрэхтэниибин ааспыппын өйдүүбүн, онно иккилии куул балыгы ылбыппыт. Күөх Боллох оҕонньор кыһыл көмүс хатырыктааҕыттан бэрсибитэ. Оскуолабытыттан 8 уонна 10 кылаастар диэбиттэрэ даҕаны кылаастан үстүү уол сырытта, бэйэм бүгүн анььыыһытынан, нырыыһытынан сырыттым. Муус саҕаланыытыгар халыҥ этэ онтон ортотуттан чарааһаабыта. Эрдэ муҥхаҕа сылдьыбыппыттан аҕыннахха, эһэбинээн биир күҥҥэ үстүү куул собону ылбыппын өйдүүбүн”.
Сергей Абрамов, Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын учуутала: “Биһиги 8-тан 11-с кылааска диэн 40-ча уолу илдьэ кэлбиппит. Сорох оҕолорбут муҥхаҕа аан бастакыларын кытыннылар, бүгүҥҥү күҥҥэ элбэҕи көрөннөр соһуйдулар, үөрдүлэр. Муҥхаҕа туһаныллар тыллары биллилэр, туттар тэриллэри тутан-хабан көрөннөр астыннылар. Саамай кылаабынайа балыгы үүрээһиҥҥэ сырыттылар, онон кэлбит балык барыта оҕолор бултара диэн буолар”.
Оҕолор, күнү быһа үлэлээн, буһан-хатан, бултаан-алтаан дьиэлэригэр кэлиилэрэ туспа үөрүү буоллаҕа. “Оҕобут улаатан, эр киһилии булан-талан аһатар киһи буолбут” диэн, ордук ийэлэр үөрэн эрдэхтэрэ. Сонно тута эмис собону хамсаппытынан быргыччы буһаран, бары остуол тула олорон үөрэ-көтө сапсырыйа аһаан, күө-дьаа кэпсэтиһэн, Чурапчы ыалларыгар дьоро киэһэ үүнүө турдаҕа.
Онон Чурапчы нэһилиэгэр оҕолору төрүт үгэскэ, сахалыы сиэргэ-туомҥа, эр киһи үлэтигэр үөрэтэр үтүө тэрээһин салҕанан барар. Оттон уол оҕо барахсан, ыраас хаарга, киэҥҥэ-куоҥҥа доҕотторунуун көҥүл ыстаҥалыы оонньообутун, балык бөҕө өрөҕөтө кытарбытынан, лаһыйбытынан тахсан эрдэҕинэ, бултуйуу үлүһүйүүтэ, омуна баһыйан, муҥура суох үөрүү сүрэҕин ыга кууспутун саныы сытан, улуу булчут, улахан киһи курдук санаммытынан, күннээҕи сылаалара тахсан, харахтара сабыллан, утуйан буккуруохтара турдаҕа…
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.