Кыайыы скверин уларытары утарабыт

Улуу Кыайыы 80 сыла туолара улам чугаһаан иһэр. Сир аайы онно бэлэмнэнии  киэҥник ыытыллар.Оттон биһиэхэ, Чурапчыга, бу улуу күнү көрсө туох үлэлэр ыытыллаллара былааннанар эбитий?

Олортон саамай сүрүннэрэ Чурапчыбыт сэлиэнньэтин хабыллар-хаба ортотугар, 20 сыллааҕыта бүтүн улуус күүһүнэн оҥоһуллубут, соҕотох Кыайыыга анаммыт, баар-суох сквербитин суох оҥорор, уларытар былаан баар эбит.

Ол хайдах?!

 

Ааспыт ыйга улууспут «Үйэтитии хамыыһыйатын» чилиэннэрин быһыытынан, ол хамыыһыйа уочараттаах мунньаҕар сырыттыбыт.

Бу хамыыһыйа сүрүн соругунан кырдьаҕас үлэ бэтэрээннэрэ мустан, улууспутугар урут үлэлээн ааспыт биллиилээх дьоммутун  уонна сэрии, көһөрүллүү курдук барыбыт олоҕор улахан суолталаах түгэннэри (сабыытыйалары) умнууга хаалларбат туһугар, үйэлээх өйдөбүнньүктэри оҥорууга сүбэлэри биэрии, санаа атастаһыыта буолар. Хамыыһыйа салайааччытынан  улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников үлэлиир.

Ааспыт мунньахха сүрүннээн Кыайыы 80 сылынан туох үлэ-хамнас ыытылларын туһунан кэпсэтии буолла.

Онно аатырбыт артиллерист  Г.Д.Протодьяконов Сталинград кыргыһыытыгар сэриилэспит буускатын таһыгар турар пааматынньыгын оҥорторуу уонна ону Дьокуускай куоракка ханан туруортарар туһунан кэпсэттибит. Онно пааматынньыгы оҥорторуу саамай сөптөөҕүн уонна ону элбэх этиилэртэн талан, авиапортан кэлиигэ аатырбыт снайпер И.Н.Кульбертинов табалаах турар пааматынньыгын аттыгар кэккэлэһэ туруорарга көрдөһөргө  эттибит.

Иккиһинэн, кураанах турар урукку байаҥкамаат, кэлин казначейство дьиэтигэр Аҕа дойду сэриитин түмэлин тэрийэргэ бары сөбүлэстибит.

Оттон Чурапчы нэһилиэгин бэрэстэбиитэлэ Кыайыы скверин уларытан «Дьикти саас» диэн ыччат сынньанар паарката оҥорорго үлэлии сылдьалларын истэн соһуйан эрэ хааллыбыт. Кинилэр онно сквер сорох оҥоһуктарын  Кыайыы тумуһугар таһааран (онно кыра да миэстэ суох курдук),  букатын ыччат аһыыр, сынньанар дьиэлээх, атын да оҥоһуктардаах 100 мөл.солк.бырайыак оҥорон былырыын граҥҥа киирсэн тиксибэтэхтэр. Быйыл ону салҕаары сылдьаллар эбит.

Ону биһиги төрүт утарсабыт.

Тоҕо?

Бу сквер миэстэтэ былыр Тыһаҕас Күрүөтэ диэн ааттаах саас куска сытар кыра күөл курдук эбит. Сквер тутуллуон иннинэ манна сайыны быһа сытар ньамахтаах, сытыйбыт уу  халыйан сытар буоларын үгүстэр өйдүүргүт буолуо.

Оттон 20 сыллааҕыта, Кыайыы 60 сылын көрсө, бу миэстэҕэ Аҕа дойду Улуу уонна Японияны утары сэриилэргэ биһиги оройуонтан олохторун толук уурбут 2 тыһ.тахса саллаат уонна эргиллэн кэлэн эйэлээх олоҕу тутуспут сэрии бэтэрээннэрин кэриэстиир өйдөбүнньүк-сквер тутарга былааннаммыта.

Оччолорго үп-харчы кырыымчыга, үөһэттэн көмө көрүллүбэтэҕэ. Үлэ үксэ анал пуонда тэриллэн нэһилиэнньэттэн, биирдиилээн дьонтон, куоракка олорор биир дойдулаахтарбытыттан үп-харчы хомуйан, улууспут дьоно бары  турунууларынан, көмөлөрүнэн, субуотунньук бэрээдэгинэн ыытыллыбыта. Ордук улахан көмөнү араас тиэхиньикэ үлэтинэн, тутуу матырыйаалынан, көрүүчэйинэн көмөлөһөн, улуус киинин хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэрэ оҥорбуттара. Ол курдук, олохсуйбут уута носуоһунан үрэххэ быраҕыллыбыта.

Икки этээстээх эргэ орто оскуола дьиэтин маһын барытын ол уу оннугар тэлгэтэн баран, буор бөҕө таһыллан дэхсилэммитэ. Ыраастааһыҥҥа, мас, сибэкки олордуутугар, атын да үлэлэргэ нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттыбыта.

Бу сквери тутууга шефтээх Нерюнгри куорат тэрилтэлэрэ эмиэ көмөлөспүттэрэ. Оччолорго мин, Иван Пономарев, Чурапчы сэлиэнньэтин кырдьаҕастарын аатыттан уонна бу үлэлэри барытын сүрүннээбит, ол саҕана Улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Г.В.Смирников буолан, Нерюнгрига командировкаҕа баран, шефтээх тэрилтэлэрбитин кытта кэпсэтиилэри ыыппыппыт. Ол түмүгэр кинилэр сквер чугуун олбуорун бэйэлэрин собуоттарыгар оҥорон сыанатын аҥаарыгар биэрбиттэрэ. Ону биир дойдулаахпыт, оччолорго «Якутагроснаб» тэрилтэ дириэктэрэ  В.Н.Филиппов бокуонньук босхо тиэйтэрэн аҕалтарбыта.

Бу сквери оҥорууга биһиги оройуоммутуттан сэрии кыттыылаахтарын туһунан элбэх кинигэлэри суруйан, испииһэктэрин оҥорон, чуолкайдаан  үйэлэргэ үйэтиппит ытык киһибит И.М.Павлов улахан үтүөтүн умнуо суохтаахпыт. Бу – Иван Михайлович баҕата, кэриэһэ этэ. Кини этиитинэн «Мин мантан сэриигэ барбытым» диэн пааматынньык оҥоһуллубута. Кырдьык, бу пааматынньык турар сириттэн бары сэриигэ барааччылар бүтэһиктэрин устуруойдаан фроҥҥа атаарыллыбыттар. Олортон, биллэрин курдук, үгүстэр төннүбэтэхтэрэ. Кинилэр ортолоругар мин аҕам Петр Петрович Пономарев маҥнайгы хомуурга түбэһэн, 1941с.Москва аннынааҕы кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыт. Бу кырыыстаах сэриигэ аҕалара, чугас аймахтара өлбөтөх, оҕустарбатах биир да ыал суоҕа чахчы.

Онон бу сквер миэстэтэ-  ЫТЫК СИР!

Ону уларытан, ыччат ыллыыр, үөрэр-көтөр, сынньанар  сирин тэрийии киһи өйүгэр баппат. Биһиги бүгүҥҥү олохпут иһин кыргыһыы хонуутугар охтубут, сэриилэспит дьоммут кэриэстэрин умнууга, хараардыыга тэҥнээх дьайыы диибит. Маннык саарбах дьаһаныыны кинилэр салгын куттара сөбүлээбэттэрэ, хомойоллоро эрэбил буолуо.

Сквер маҥнайгы сылларыгар  көрүүтэ-истиитэ үчүгэй этэ. Фонтан дьааматыгар толору уу кутуллан, күүскэ тыгара, сибэкки бөҕө олордуллара, ыраастанара. Сайынын анал үлэһит көрүллэрэ. Онтон кэнники сылларга фонтан түгэҕэр эрэ уу кутуллар, көрүү-истии мөлтөөн иһэрэ харахха быраҕыллар. Ордук тулатыгар олордуллубут мастар төрүт кэриэтэ үүммэтилэр.Түмүгэр сквери төрүт да уларытарга туруммуттар. Итинтэн сиэттэрэн…

 

Биһиги этиилэрбит

 

-Ыччат паарката оҥоһулларын төрүт утарбаппыт. Биһиги саныахпытыгар, сынньалаҥ паарката диэн дьон, ыччат сынньанарыгар, күүлэйдииригэр кэм тыалаах, ойуурдаах, мастаах-оттоох, арыый тэйиччи турар чуумпу, киэҥ сир буолуохтаах. Атын сирдэргэ барыларыгар оннук буолбатах дуо?

Онтон биһиги Кыайыыбыт скверин оннугар,  дэриэбинэ ортотугар, тула өттүттэн аһаҕас кыра сиргэ паарка оҥоһуллара төрүт барсыбат, сөбө суох.

Паарканы бэлэм Барахсанов аатынан урукку стадион оннугар оҥорор сөп этэ. Кэм тыалаах, мастаах-оттоох, эрдэ оҥоһуллубут тутуулардаах, өссө көлүччэлээх, чуумпу, ойуччу турар бэлэм сиргэ.

Түмүгэр, өссө төгүл Кыайыы скверин уларытары букатын утарабыт. Ол оннугар Кыайыы 80 сылынан сквери тупсарар  үлэлэри ыытарга туруорсабыт.

Бу этиибитин улууспут дьоно, салалтата өйүүргүтүгэр ыҥырабыт. Ону тэҥэ Кыайыы скверэ аҥаардас Чурапчы нэһилиэгин эрэ бас билиитэ буолбатаҕын, бүтүн улуус ҥэһилиэнньэтин күүһүнэн тутуллубут, харыстыыр, ытыгылыыр сирэ буоларын умнар сатамматын өйдүөҕүҥ. Уопсайынан даҕаны улуус суолталаах улахан өйдөбүнньүктэри биир нэһилиэк, аҕыйах киһи, дьокутааттар быһаарыыларынан оҥорору, тутары тохтотуохха сөп этэ.

 

Григорий Смирников, Иван Пономарев