«Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхону туруорууга 250 киһи кыттыаҕа

Аҕыйах хонугунан, сэтинньи 30 күнүгэр  «Айылгы» НАДь айар сезонун аһыллыытынан, П.М. Решетников аатынан народнай театр 55 сылын бэлиэтээн, олоҥхоһут И.Г. Тимофеев-Теплоухов төрөөбүтэ 155 сылыгар ананан «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхону туруоруохтара.  Онуоха сыанаҕа 250-ча киһи кыттара күүтүллэр. Бу Чурапчытааҕы народнай театр историятыгар буола илик түгэн. Сүдү олоҥхону туруорбут талааннаах режиссер Иван Бушковы көрсөн кэпсэттим.   

Быйыл, саҥа дьыл кэнниттэн И.Г. Тимофеев-Теплоухов төрөөбүтэ 155 сылынан «Куруубай хааннаах Кулун куллустуур» олоҥхотун туруоруохха баара диэн эппиттэрэ, оччолорго мин режиссердаан бүппүт кэмим, ол иһин эдэр режиссерга соруйаары сылдьаллара. Онуоха бу айымньыны туруоруу олус уустугун өйдөөн, бэйэм туруорарга санаммытым. Манна үс үйэ сырдатыллар. Отут сыл анараа өттүгэр Мария Андреевна Герасимова бастакы үйэтин туруорбута. Өссө биир уратыта диэн – бу олоҥхо классическай  олоҥхоттон сюжета олох атын. Классическай олоҥхоҕо орто дойдуга бухатыыр төрөөһүнэ,  абааһы уола кэлэн кыыһы уоруута, онтон дьэ, орто дойду бухатыыра абааһы уолун кытта охсуһан, орто дойду бухатыыра хотон, бүтэһигэр ууруунан түмүктэнэр эбит буоллаҕына, бу олоҥхоҕо киһи олоҕо барыта көстөр. Бастакы үйэтигэр Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур, аатыгар этиллэрин курдук, кырдьык, куруубай – кими даҕаны, тугу даҕаны сэргээбэт, истибэт, кимҥэ да бэһирбэт сүрдээх тимир — тамыр киһи. Иккис үйэтэ дьахтар киһиэхэ, Күн Толомон Ньургустайга ананар. Кини Кулун Куллустууру сөбүлүү көрөн таптыыр, онтон киниттэн сириллэн баран охсуһаллар. Ол кэмҥэ үөһээттэн тоҕус айыы ойууттар түһэн, Күн Толомон Ньургустайга көмөлөһөн, Куруубай хааннаах Кулун Куллустууру өлөрөллөр уонна бу киһигэр бэйэҥ тыынна уган тилиннэр диэн этэллэр. Дьахтар киһи эр киһини хайдах баҕарар тыынныыр, үчүгэйгэ-кэрэҕэ угуйар аналлаах диэн өйдөбүллээх. “Саха таҥарата – дьахтар” дииллэр: Аан Алахчын, Иэйиэхсит Хотун. Саха норуотугар дьахтар – олоххо тардыһыылаах, олоҕу оҥорор киһи. Эр киһи буоллаҕына булчут, сэрииһит, дьиэ кэргэнин иитээччи-аһатааччы, көмүскээччи. Дьэ онон, үһүс үйэҕэ Куруубай Хааннаахпыт тиллэн баран, сири-дойдуну атын хараҕынан көрөр, кини дьиэлээҕин-уоттааҕын, дойдулааҕын саныыр. Күн Толомон Ньургустайдыын дойдуларыгар тиийэн олохсуйаллар, олохторун оҥостон үс уол оҕолоноллор. Олоҥхоҕо Күн Толомон Ньургустай үстэ оҕолонор. Онуоха биһиги үс игирэ уолу төрөтөр  гына уларытан туруордубут.

Артыыстар бу олоҥхону олус үчүгэйдик ылыннылар, актердарбыт  эдэрдэр. Мин бэйэм, режиссер киһи буоларым быһыытынан, олоҥхону классическай көрүҥүнэн көрөөччү ылыммат диибин, сүрдээх ыарахан. Ол курдук, бастатан туран, олоҥхо тылын-өһүн  көрөөччү өйдүү охсубат. Иккиһинэн, биһиги туруоруубутугар бухатыыр киһи куйаҕа, сэбэ-сэбиргэлэ суох. Ыччат киһиэхэ өйдөннүн, тас көрүҥнэрин  да ылынныннар диэн дьоруойдарбыт таҥастарын-саптарын арыый да аныгылыы истииллээтибит. Куйахтаах, сэптээх-сэбиргэлээх хамсанарга сүрдээх ыарахан. Онон артыыстар хамсаналларыгар, оруолларын арыйалларыгар табыгастаах гына толкуйдаатыбыт. Кулун Куллустуур Күн Толомон Ньургустайдыын үс уоллаахтарыттан бастакы уоллара тоҕус сыл устата Бэдэрдээх Бэбиэрэ хотуҥҥа буор кукка – сиргэ иитиллэр. Орто уолу абааһы кыыһа уоран истэҕинэ, кинини чыычаах оҥорон, үөһээ Үрүҥ Аар тойоҥҥо көтүтэннэр, онно халлааҥҥа – салгын кукка иитиллэр. Оттон кыра уол бэйэлэригэр иитиллэн улаатар. Онон үс дьиэ кута уолаттар таҥастарыгар –  халлаан күөх, кыһыл, от күөх өҥнөрүнэн бэрилиннэ.

 

Түмүгэр абааһы уола кэлэн Куруубай хааннаах Кулун Куллустууру кытта охсуһар уонна хотон истэҕинэ, уолаттара кэлэн көмө буолан кыайаллар уонна дьиэ кэргэн быһыытынан дьэ, түмсэллэр. Иннокентий Гурьевич бу олоҥхонон дьиэ кэргэн үс куттаах буоллаҕына, ол эбэтэр ийэ, салгын, буор кутун илдьэ сылдьар буоллаҕына, бу дьиэ кэргэни туох даҕаны кыайбат диэн өйдөбүлү иҥэрэр. Маныаха улууспутугар биллэриллибит  Ыал саргыта сылбытыгар олус сөп түбэһэр, ол иһин түмүкпүтүгэр экраҥҥа үс кут бэлиэтэ тахсар.

 

Классическай туруоруу хабааннаах оҥорботум, дьиҥинэн, экраны туһанарбын сөбүлээбэппин эрээри, бу сырыыгар визуализация наада буолан ону туһанныбыт. Манна кынаттаах аттаахпыт, чыычаахтаахпыт, үүнэн тахсар ураһалар эҥин бааллар.

Улуус дьаһалтата 1 мөл. 600 тыһ. тахса сууманы көрөн, таҥаспыт-саппыт, конструкциябыт толору үбүлэнэн үлэ эрдэттэн саҕаламмыта. Дьиҥэр, саас туруохтаах этибит, ол эрээри үлэҕэ ыктаран уонна иэйиим уһукта илик буолан кэмигэр туруоруллубатаҕа. Күһүн устата идиэйэлэрим киирэн,  ситэн-хотон, орун-оннугар хомуллан туруоруубун саҕалаабытым. Репетициялары кыра-кыра түһүмэхтэринэн тэрийбитим, ону  барытын холбоон,  билигин уопсай хартыына таҕыста. Олоҥхобут олус киэҥ, — биир чаас иһигэр барытын батарыахха наада, наһаа элбэҕи быстыбыт-оттубут. Саамай куттанарым – көрөөччү сюжеты өйдүө суоҕа диэн. Ол иһин кэлин репетицияҕа дьону киллэрэн, өйдөөбүттэрин-суоҕун туоһуласпытым. Өйдөөбүттэрин билэн үлэбитин салҕаабыппыт.

 

Артыыстарбыт төһө да култуура үөрэхтээхтэрин иһин, эдэрдэр,  артыыс быһыытынан саҥа холоноллор. Күн Толомон Ньургустай оруолугар Марианна Диодорова, оттон Куруубай хааннаах Кулун Куллустууру Иннокентий Поисеев оонньоотулар. Агротехническай колледж «Дайан»  үҥкүү ансаамбылын үҥкүүһүттэрэ киэргэтиэхтэрэ. Бу туруоруу саамай интэриэһинэйэ диэн – народнай туруоруу буолар. Олоҥхо сылыгар бэлэмнэнэн, улуустааҕы бэстибээл балаһыанньатыгар кыл инструменнары киллэрбиппит. Ол түмүгүнэн билигин 20-чэ киһилээх кырыымпаһыттар бөлөхтөрө тэрилиннэ: Кытаанахтан, Чакыртан, Болтоҥоттон, Хатылыттан, Чурапчыттан, Хайахсыттан бааллар. Бу бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэҕэ олорон, талааннаахтары көрөн, нэһилиэктэртэн артыыстары ыҥыртаабытым.

Өссө биир ситиһиибитинэн Елена Чепалова Иннокентий Гурьевич «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотуттан алгыс тойугун  нотаҕа киллэрэн, матыып айан, Екатерина Лыткина нотаҕа таһааран, Александр Кузьмин оркестры туруоран, 200-чэкэ киһилээх хор турда. Чыаппараттан, Дириҥтэн, Хатылыттан, Мугудайтан, Чурапчыттан кэлэн, билигин бэлэмнэнэ сылдьаллар.

 

Көрөөччү спектаклы ылынарыгар 40-60% оруолу муусука  ылар –киэргэтэн, ситэрэн-хоторон  көрдөрүллэ турар хартыынаҕа көрөөччүнү киллэрэр. Олоҥхобут муусукатын Василий Николаевтыын таҥныбыт, бастаан, толору традиционнай муусуканы толкуйдаабыппыт. Ол эрээри бэйэм этии киллэрэн, сахалыы инструменнар тыастарын киллэрэн, ситэрэн-хоторон биэрдибит. Таптал муусуката олус табылынна диэххэ сөп – хомус, кырыымпа тыаһа киирдэ.

Театральнай туруоруу – кэлэктиибинэн үлэ буолар, олус элбэхтэн тутулуктаанар: уот-күөс, тыас-уус, муусука, көстүүм. Инньэ гынан бөлөҕүҥ, ансаамбылыҥ, биир идэлээхтэриҥ биир ситимҥэ киирбэтэхтэринэ, олус ыарахан буолар. Аны актерскай састааппыт бары тус-туһунан олохтоох, майгылаах дьоннор. Ол эрээри, театрга кэллэхтэринэ, барытын умнан, оруоларыгар, туруктарыгар киирэн хаалаллар. Биһиги театрбыт улахан ситиһиилэрин кистэлэҥэ итиниэхэ сытар. Артыыс бэйэтин партнерун толорон, ситэрэн биэрэр. Ол туһугар сүрдээх элбэх үлэ барар. Манна режиссер  сүбэлиэн, хаһыытыан, ардыгар мөҕүөн-этиэн да сөп.

Биһиги, театр чилиэннэрэ улууспут баһылыгар Степан Анатольевичка олус махтанабыт, норуот кэлэктииптэрин, театр туруорууларын өйүүр баһылык сүрдээх аҕыйах. Биһиги театрбыт аан бастаан тахсарыгар Иннокентий Николаевич Аммосов үбүлээн, Хабаровскайга тиийэн «Ойуун түүлүн» туруоран, Гран При аатын ылан кэлбиппит, онтон саҕалаан ааммыт-суолбут арыллан, Андрей Тимофеевич Ноговицын хаста да үбүлээн, Сочига, Иркутскайга тиийэ сылдьыбыппыт. Быйыл көрүллүбүт үбү таҥаска-сапка эрэ матайдаабакка, “Айылгыбыт” матырыйаалынай-техническэй базатын хаҥаттыбыт. Ол курдук, сыана уотун-күөһүн, мусукаалынай сахалыы төрүт инструменнары, вокальнай – инструментальнай установкалары, ыһыахтарга туттуллар иһиттэри-хомуостары атыыластыбыт.

Спектаклбыт 16-ларыттан үөһээ саастаах көрөөччүлэргэ ананар. Ол эбэтэр, бу дьүһүйүүгэ эр киһи уонна дьахтар сыһыана көстөр, аҥаардас платоническай,  духуобунай эрэ сыһыан буолбакка, имэҥи дьүһүйэр хартыынаны киллэрдибит, онон таайтарыылаах түгэннэр бааллар. Көрөөччү сэҥээриэ дии саныыбын. Хаһан даҕаны, ханна да даҕаны  хоһуйуллубатах  Иннокентий Тимофеев-Теплоухов айбыт “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотун дьон-сэргэ кэлэн көрдөҕүнэ, өйдүөхтэрэ дии саныыбын. Бу маннык туруорууну хатылыыр сүрдээх ыарахан, онон билигин баар түгэни мүччү туппакка, кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабын.

Людмила Горохова.