Адаам алааһыгар биир тыһыынча сүөһү киирэр аарыма хотоно тутуллан дьэндэс гына түспүтүгэр оччотооҕу сөҕүү-махтайыы улахан этэ. Итинник тутууга сүөһүнү көрүү-истии да уратылаах буолуо диэн саныахха сөп. Маннык сыанабылы ити дьыл хотон биир кынатыгар кыстаабыт 413 бороону иитэр ыччат хомсомуолун кэлэктиибин үлэтэ-хамнаһа ылбыта.

Сүөһү иитиитигэр тугун-ханныгын билбит тоҕус чилиэннээх звенону Лазарь Степанович Платонов салайара. Кыстыкка киириигэ баар көтүтүүнү бэркэ ырытан, кыстык бэйэтэ хайдах балаһыанньалаах буолуохтааҕын ырыҥалаан көрөн баран, хас биирдии оробуочай чопчу эбэһээтэлистибэ ылыммыта. Сопхуос бары бороон көрөөччүлэрин кинилэр бачыымнарын батыһарга ыҥырбыттара, социалистическай куоталаһыы былааҕын көтөхпүттэрэ, уотун сахпыттара. Оттон ССКП Киин Кэмитиэтин баартыйаҕа, сэбиэскэй норуокка Ыҥырыытыгар быһаччы дьыаланан эппиэттииргэ быһаарыммыттара, хардары былааны халбаҥа суох толорорго бары, биир киһи курдук, туруммуттара.

Бэлиэтэммит кирбиилэри да балачча үрдүгэ: кыстык устата хас биирдии бороон тыыннаах ыйааһына ортотунан 120-лии киилэ улаатарын ситиһэргэ диэн этэ. Ол аата 1974 сыллааҕы 23-түү киилэнэн элбэх привеһи ыларга диэн өйдөнүллэрэ. От кырыымчык дьылыгар эбии аһылыгы күүскэ оҥорон сиэтэргэ тэриммиттэрэ. Кормокухняҕа үс КВ-200 хочуолу тигинэччи үлэлэтиини, онон балачча үчүгэй састааптаах көөнньөрбөнү бэлэмнээһини комсомолецтар Иван Николаев, Василий Егоров уонна Семен Васильев хара маҥнайгыттан кыайа-хото туппуттара. Убаҕас утаҕы уонна оҥоһук үүтү эмиэ астыыр буолбуттара. Оттон ферма бары оборудованиетын эҥкилэ суох үлэлэтэри механик, хомуньуус М.М. Дьячковскай хааччыйбыта.

Кытаанах кыстык алта ыйын түмүгүнэн дьулуурдаах эдэр кэлэктиип ботуччу ситиһиилэммитэ. Сууккатааҕы орто эбиллии 493 грамм буолбута, хас биирдии бороон 86-лыы киилэ улааппыта. Сорох борооннор икки центнертэн быдан ордугу үктээбиттэрэ.

Көрүү-истии, аһатыы-сиэтии ыйтан ыйга тупсан иһэрэ. Оннук да буолан звеновод Л.С. Платонов туппут 50 бороонун ахсыытын 102-лии киилэ улаатыннарбыта, сууккаҕа эбиллии 569 грамынан тупсубута. Оттон комсомолка Ульяна Говорова 46 сүөһүлээҕэ. Онтукаларыттан 101-дии киилэ привеһи ылбыта. Комсомолец Анатолий Христофоров оскуоланы бүтэрэн, ол кэнниттэн Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалаан буспута-хаппыта. Онтон кэлэн бу фермаҕа сүөсүһүттээн – 48 бороону туппута. Анатолий кулун тутарга биирдии бороон төлөһүйүүтүн 25 киилэҕэ тириэрдэн, алта ый устата 95-тии киилэ улааталларын ситиспитэ. Иккис сылын сүөсүһүттээбит комсомолка Мария Егорова 42 бороонун бүөбэйдээн 96-лыы киилэҕэ тиийэ төлөһүппүтэ.

Итинник үчүгэй үлэлээх эдэрдэр фермаларын кэлэктиибэ оройуон бороон көрөөччүлэрин социалистическай куоталаһыыларыгар кыстык алта ыйын биэтэгэр үсүһүнэн тахсыбыта.

Бороону көрүү-истии бодьуустааҕынан биллэрэ. Ол да буоллар эдэр сүөсүһүттэр иллэҥ чаастарыгар киэҥ-куоҥ уонна тупсаҕайдык киэргэтиллибит кыһыл муннуктарыгар мусталлара. Манна пропагандист, бэтэринэриийэ үлэһитэ М.Т. Николаева экономическай куруһуогун кэмигэр ыытан иһэрэ. Манна баян тыаһа, көрдөөх ырыа иһиллэрэ. Ферма кэлэктиибэ нэһилиэк иһинэн уус-уран самодеятельноһы көрүүгэ уонна агитзона үлэтигэр көхтөөхтүк кыттан улаханнык биһирэнэрэ. Өссө бэйэлэрэ биригээдэ тэринэн кэнсиэрт кэһиилээх гастроллаан кэлэллэрэ.

Карл Маркс аатынан сопхуос Болугурдааҕы отделениетын ыччат хомсомуолун ферматын бороон көрөөччүлэрэ, “Бэйэм уонна ол уол туһугар” диэн девиһинэн фашистскай Германияны кыайыы сылын чиэһигэр 100 күннээх үлэ вахтатыгар киирсэннэр, куоталаһыы уотун өссө күүскэ сириэдиппиттэрэ.

 

Сэмэн Жендринскэй