Бүгүн Чурапчы улууһугар биир эмиэ бэлиэ күн үүннэ. Ол курдук, педагогическай наука кандидата, Максим Аммосов аатынан ХИФУ доцена, биир дойдулаахпыт Любовь Семеновна Пахомова салалтатынан, улуустааҕы географтар холбоһуктарын көмөлөрүнэн “Край родной Чурапчинский” диэн 5 кылаас оҕолоругар аналлаах үөрэнэр кинигэ бэчээттэммитин, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Посельскай билиһиннэрдэ.

Эрдэ этиллибитин курдук улууспут географтара түмсэннэр, былырыын уонна быйылгы сыллаахха күүскэ ылсан туран үлэлэспит үлэлэрин үтүө түмүгэ буолар. Чурапчы нэһилиэгэ тэриллибитэ 375 сылыгар анаммыт үөрэх босуобйата кыратык да буоллар хойутаан, ол эрэн ситэриллэн-хоторуллан, сорох алҕастара туоратыллан бу билигин кытаанах тастаах, дьэрэкээн өҥнөөх, киһи илиитигэр балай эмэ биллэр ыйааһыннаах дьоһун кинигэни тутан олоробут.

“Биһиги улууспутугар “Боотур Уус сыдьааннара” бырагырааммабыт былаанынан сылын ахсын, чуолаан үөрэнэр кинигэ тахсыытыгар үп-ас көрүллэр. Ол онно сөп түбэһиннэрэн, бастакы сылбытыгар оҕолорбутугар анаан күннүктэр (дневник) бэчээттэнэн тарҕаммыттара онтон быйыл “Край родной Чурапчинский” диэн Любовь Семеновна салалталаах географтар айар бөлөхтөрө үлэлээтилэр. Өр сыллаах үлэ түмүгэ диэн ааттыахпытын сөп. Бүгүҥҥү күннээххэ 500 ахсааннаах кинигэ бэчээттэнэн кэллэ, маны биһиги оскуолаларбыт бибилэтиэкэлэринэн тарҕатыахпыт. Инньэ гынан анаммытын курдук 5 кылаас үөрэнээччилэригэр учууталлар үөрэнэр босуобуйа быһыытынан туһаныахтара. Маны туспа предмет быһыытынан диэн өйдөөбөккө, эбии дьарыктарыгар итиэннэ үөрэхтэрин бырагырааммаларыгар аттаран биэрэннэр көмөлөһүннэриэхтэрэ, оҕолорго төрөөбүт дойдуларын туһунан билиини иҥэриэхтэрэ диэн эрэнэбит. Босуобуйа туһунан кылгастык сырдаттахха, улууспут бары хайысхаларынан, устуоруйа дааннайдара, бүгүҥҥү күҥҥэ улууска үлэ-хамнас хаамыытын, нэһилиэктэр ааттарын о.д.а. барытын төһө кыалларынан толору киллэрэ сатаатыбыт. Ааптардар кыһаллыбыттара тутатына көстөр, улууспут салалтата улаханнык үөрдэ, биһирээтэ. Онон оҕолорбутун иитигэ биир улахан үлэ таҕыста диэн сыаналыыбыт. Биллэн туран, үөрэнээччилэр дойдуларын туһунан билиэхтээхтэр. Былааммыт өссө даҕаны киэҥ, улууспутугар учууталлар методическай холбоһуктарын үлэлэрэ үгүс онон өссө даҕаны атын предметтэргэ босуобуйалар суруллан тахсалларыгар эрэниэҕин. Маны таһынан, бэйэбит испитинэн “Чурапчы улууһун учууталлара” диэн сиэрийэбит тиһигин быспакка бэчээттэнэн тахсар, бүгүҥҥү күҥҥэ биэс кинигэ күн сирин көрдө уонна быйылгы сыллаахха өссө эбии үс кинигэни оҥотторон таһааттарыахтаахпыт. Бу үөрэхпит кинигэтэ кэлэр үөрэх дьылыттан оскуолаларга үөрэтиллэн барыаҕа”, — диэн үөрэх управлениетын начаалынньыга Юрий Павлович кэпсээтэ.

Үөрэнэр кинигэ ааптардарынан А.Аржакова, А.Борисова, Н.Дагданча, З.Дьячковская, Л.Илларионова, М.Колесова, Т.Лазарева, Л.Макарова, М.Монастырева, Л.Пахомова, Е.Софронова, И.Федосеев буолаллар.

Кинилэри сэргэ кинигэ редакциятыгар улуус нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин методическай холбоһуга үлэлэстэ. Үөрэнэр кинигэ киирии тыллаах, барыта холбоон 7 бастан турар, манна Чурапчы улууһун уруккута, билиҥҥитэ, төрөөбүт дойдубут айылҕата, улууспут нэһилиэктэрэ уонна нэһилиэнньэтэ, Чурапчылар киэн туттар биир дойдулаахтарбыт, улуус олоҕо-дьаһаҕа, үлэһит дьоно, киһи уонна айылҕа ситимнэһиитэ, Чурапчы сирин-уотун инникитэ суруллубут.

Манна даҕатан эттэххэ, Любовь Пахомова салататынан, улууспут географтарын холбоһуга өссө 2014 сыллаахха “Атлас Чурапчинского улуса” кинигэни таһааттаран турардаахтар.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ