Болтоҥо нэһилиэгэ, эмиэ атын сирдэр курдук, бастакы пятилетка сылларын күүрээннээх үлэнэн көрсүбүтэ.

Нэһилиэккэ 1927-1928 сылларга аҕыйах хаһаайыстыбалардаах ТСОЗ-тар үөскээбиттэрэ. Онтон 1929 сыллаахха Николай Субуруускай көҕүлээһининэн бөдөҥсүйбүт Сталин аатынан колхуос тэриллибитэ. Кини үс сылынан хайыы үйэ 280 хаһаайыстыбалаах, 266 гектар ыһыы сирдээх, 2 тыһыынча гектар оттонор ходуһалаах, 1037 ынах уонна сылгы сүөһүлээх тол иһигэр 400 ыанньыктаах үүт табаарынай фермалаах улахан колхуос буола үүммүтэ итиэннэ бастакы пятилетка сылларыгар үгүс бөдөҥ тутуулары ыыппыта.

Сталин аатынан колхуоска 1930 сыллаахха Саха сиригэр аан маҥнайгы 250 сүөһү киирэр “Субуруускай хотоно” диэн ааттаммыт типовой хотон тутуллубута. Ону олоххо киллэриигэ колхуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Матвей Турнин, биригэдьиир Петр Кривошапкин, активистар Филипп Жебсаин, Михаил Догдонов, Николай Кривошапкин, Никита Новгородов о.д.а. үгүс сыраларын биэрбиттэрэ. Хотон аныгылыы дириҥ траншеятын хаһыыга Михаил Догдонов уонна Филипп Жебсаин күҥҥэ 7-лии кубометр буору хаһар күүс-уох дьон этилэрэ.

Эмиэ ити сыл арыы собуота аһыллыбыта. Онно маастардарынан Дмитрий Никитич Сиссин улахан көрдөрүүлээх үлэни ситиспитэ. Собуот аҥардас арыы эрэ астаабакка, сыр, творог оҥорон оройуон киинин олохтоохторун хааччыйбыта. Сылга 1300 центнергэ тиийэ үүтү астыыра.

Колхуос производствотыгар 250 киһи хабыллара, кинилэртэн 41 бырыһыаннара дьахталлар этилэрэ. Нэһилиэккэ 15 баартыйа чилиэнэ, 20 чилиэннээх комсмольскай ячейка бааллара.

1932 сыллаахха колхуос 80 үлэ удаарынньыктарын үүннэрбитэ. 20 чилиэннээх дьахтар дэлэгээттиир бөлөҕө нэһилиэк иһигэр ыыытыллар бары үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттара. Активист дьахталларынан Саха АССР Үрлүкү Сэбиэтин дьокутаата Февронья Бетюнова, нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаата Александра Кривошапкина уо.д.а. буолбуттара.

1931 сыллаахха дьиэтэ саҥа тутуллан түөрт кылаастаах оскуола аһыллыбыта. Ол кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын, атын тээбириннэри туруорар, уурар улахан массыына сарайа тутуллубута. Оройуон киинин кытта быһаччы төлөпүөнүнэн сибээс олохтоммута.

Сталин аатынан колхуос бастакы пятилетка сылларыгар элбэх өрүттээх ситиһиилээх үлэтин иһин түөрт төгүллээн Саха АССР бырабыыталыстыбатын бириэмийэтин ылбыта. Ол курдук, 1930 сыллаахха социалистическай куоталаһыыны түргэн тэтимнээхтик ыытан молотилканан, 1931 сыллаахха бурдук соҕотуопкатын болдьоҕун иннинэ аһара толорон соҕурууҥу боруода атыыр оҕуһунан ити нөҥүө сылыгар Саха АССР 10 сыла туолар үбүлүөйдээх сылыгар, ылыммыт былаанын аһара толорон, түүлээҕи бултааһыны үчүгэйдик тэрийэн уонна Алдан көмүһүн бырамыысалыннаһыгар оробуочайдары сөптөөхтүк тэрийэн ыытан самоскидынан итиэннэ үһүс большевитскай ыһыыны болдьоҕун иннинэ аһара толорон эмиэ молотилканан бириэмийэлэммитэ.

Бастакы пятилетка удаарынньыктара уонна төһүү үлэһиттэрэ колхуос, нэһилиэк дьулурҕатык сайдалларыгар айымньылаахтык үлэлээн, социализмы тутууга дьоһун кылааты киллэрсибиттэрэ. Кинилэр ааттара уонна үтүө дьыалалара үүнэр көлүөнэҕэ холобур буола туруохтара.

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ