Анна Григорьева 1972 сыллаахха орто оскуоланы бүтэриэҕиттэн Агафья Тарасовна Кузьмина старшайдаах “Юбилейнай” ыччат-комсомольскай фермаҕа ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Эдэр үлэһит оройуоҥҥа, ону ааһан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник сураҕырбыт, бэрт үгүс уопуттаах ыанньыксыттардаах кэлэктиипкэ түбэспититтэн улаханнык үөрбүтэ. Олох киэҥ аартыгар саҥа үктэммит кыыс билбэтэ-көрбөтө үгүс этэ.
Ол иһин бэрт элбэхтик ыйыталаһара, сүбэлэтэрэ-амалатара. Ити кини үлэтин бастакы күннэриттэн киэҥник сураҕырар эйэлээх кэлэктиип чиэһин үрдүктүк тутар баҕалааҕыттан төрүттээҕэ
Үлэҕэ-хамнаска сыстаҕас, үтүө майгылаах Аня ыанньыксыттарга улаханнык сөбүлэппитэ. Улам сыстыһан, оҥоруохтааҕын билэн атыттартан бэрт соччо хаалсыбат көрдөрүүллэммитэ. Үлэтин бастакы сылыгар туппут хас биирдии ынаҕыттан 1760-нуу киилэ үүтү ыырга кырата суох соругу туруоруммута. Уопуттаах үлэһиттэр көмөлөрүнэн 1972 сылга ынаҕын ахсыттан 1967-лии киилэни ылан, оройуон үрдүнэн биир бастыҥ көрдөрүүлээхтэр ахсааннарыгар киирсибитэ.
Тохсус пятилетка үһүс, быһаарыылаах сылыгар, төһө да саҥа үлэлээтэр, биригээдэ биир уопуттаах үлэһитин быһыытынан, бэйэтин иннигэр өссө үрдүк кирбиини ыларга эбэһээтэлистилэммитэ. Ити сыл ынах ахсыттан үүтү ылыыга 2000-лаах кирбиини аһарбыта, онон оройуон Бочуотун дуоскатыгар тахсар, оройуон салайар тэрилтэлэриттэн, колхуоһуттан Бочуотунай грамотанан наҕараадаланар чиэстэммитэ. Эдэр үлэһит ситиһиитин мэктиэтэ – бэйэ үлэтигэр саҥаны, бастыҥы олохтооһун, туруоруммут соругу ситиһэргэ дьулуур, аҕа табаарыстар көмөлөрүгэр тирэҕирии. Ити түмүгэр пятилетка быһаарыылаах сылыгар биирдии ынаҕыттан 2153-түү киилэ үүтү ыабыта. Бу кини иккис сылыгар үлэлээт оройуон үгүс уопуттаах ыанньыксыттарын иннигэр аан бастаан тахсыыта этэ.
1974 сыллаахха, оройуон бары ыанньыксыттарын икки ардыларыгар тэнийбит социалистическай куоталаһыыга киирсэн уонна сайыҥҥы түөрт ыйга кини сопхуоһа ынах ахсыыттан 1100-түү киилэ үүтү ыырга үрдэтиллибит эбэһээтэлистибэни ылынан оройуон бары ыанньыксыттарыгар ыҥырыытын биир көҕүлээччинэн буолан туран, үрүҥ илгэни дэлэтиигэ бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсибитэ. Онуоха кинилэр эбии аһылыгы сайыннары дэлэйдик оҥорон сиэтиилэрэ сүрүн мэктиэнэн буолбута. Бу түмүгэр “Юбилейнай” ыччат-комсомольскай ферма кэлэктиибэ 1974 сылга үүтү валовой ыаһын сорудаҕын 46409 киилэнэн аһаран, ынах ахсыттан ортотунан 2600 киилэни ылары ситиспитэ. Оттон Анна Григорьева бэйэтэ туппут хас биирдии фуражнай ынаҕыттан 2179-туу киилэни ыан, ити иннинээҕи сылтан көрдөрүүтүн өссө тупсарбыта.
Ленинскэй хомсомуол чилиэнэ бэйэтин үлэлиир кэлэктиибин ыччаттарын ортотугар биир уопуттаах ыанньыксыт быһыытынан биллэрэ, улахан аптарытыатынан туһанара. Кини ону баай уопуттаах эйэлээх кэлэктиипкэ сыстан үлэ-хамнас мындырдарын кэбэҕэстик баһылаабытынан, бэйэтин сырдык өйүнэн-санаатынан, дьулуурунан, уопсастыбаннай үлэҕэ-хамнаска, уус-уран самодеятельноска көхтөөх кыттыытынан ситиспитэ. Итиниэхэ книи тоҕус оҕолоох ыал үһүс кыыстара буоларын уонна аҕалара колхуостаах тутуу бэтэрээнэ, уран тарбахтаах мас ууһа Никита Сидорович Григорьев эрдэ өлөн тулаайах хаалларбыттарын, онон үлэҕэ-хамнаска олох кыра саастарыттан эриллэ үөрэммиттэрин эбиэххэ сөп.
Эдэр ыанньыксыт бэйэтин кэлэктиибин өйүн-санаатын, кинилэр интэриэстэрин үрдүктүк тутара. Ити ферма старшайа ыалдьан уһуннук балыыһаҕа сыппыт кэмигэр уопсай үлэ-хамнас хаамыытыгар кыһамньытыттан, бэйэтин кытта саастыы, ол гынан баран саҥа кэлбит кыргыттара ыарыйдахтарына олохтоох салалтаҕа туруорсан, сүүрэн-көтөн балыыһаҕа бэрт түргэнник тиэрдэргэ кыһанарыттан даҕаны көстөрө.
Итинник киһи Эрилик Эристиин аатынан сопхуос Хадаардааҕы отлелениетын эдэр ыанньыксыта этэ.
Сэмэн Жендринскэй