Киһи умнубат салайааччыта

Семен Яковлев Чурапчыга култуура управлениетын салайар сылларыгар саҕалаабыт үгүс дьаһаллара кэлин өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэргэ кубулуйбуттара. Ол туһунан Семен Иванович маннык ахтыыны суруйан хаалларбыта.

 

«Кытаатан оһуохайдааҥ!»

— Оҕо сааспыттан уус-уран самодеятельноска кыттар буоламмын, идэбин таларбар култуура эйгэтин тутуспутум. 1983 с. Илин Сибиирдээҕи култуура институтун бүтэрэн кэлэн, оройуоннааҕы култуура отделыгар иниспиэктэринэн анаммытым. Бу иннинэ сэбиэдиссэй Иван Кандинскайы Хоптоҕотооҕу култуура дьиэтигэр кыһын, дипломнай практикабар сылдьан түбэһэн көрбүтүм. Саал былаатынан тууна бааммыт, кырыа бөҕөтө буолбут, ханна эрэ командировкаҕа ааһан иһэр быһыылааҕа. Бэрт кырдьаҕас киһи курдук өйдөөн хаалбыппын. Атырдьах ыйыгар үлэбэр тахсыбытым. Кииннэммит библиотечнай ситим директора Татьяна Карпова сэбиэдиссэйи солбуйан олороро. Мин кэлэрбин кытары уоппускатыгар барбыта. Үлэбэр тахсыбыт бастакы күммэр Мэлдьэхси кулууба чаҕылҕантан умайда диэн илдьит кэлэн уолуппута. Култуура кырдьаҕас да, эдэр да үлэһиттэрэ олус сайаҕастык көрсүбүттэрэ, сэбиэдиссэйтэн саҕалаан “тоойуом” диэнтэн атыннык ааттаабаттар этэ. Онон бэрт түргэнник кэлэктиипкэ сыстан, бэйэ киһитэ буола охсубутум.

Улахан дьаһаллары тэрийиигэ үлэһиттэр бары саба түһэн үлэлиирбит. Ыһыахтары, улахан үбүлүөйдэри, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ кыттыыны сүрүн тэрийээччилэринэн, сценарийыттан саҕалаан Мария Герасимова, Валерий Герасимов, Надежда Заболоцкая, Анна Пудова, Василий Дьячковскай уонна сэбиэдиссэйбит Иван Кандинскай буолаллара. ССКП райкомун идеологияҕа сэкирэтээрдэрэ Алексей Шишигин, Агафья Птицына көмөлөһөллөрө.

Алексей Спиридонович улуус ыһыаҕын бэлэмнииргэ режиссердуу сылдьан стадиоҥҥа киирээччилэри: «Оттон билигин үөрбүт-көппүт сахалар киирэллэр», — диэн күллэрбитэ умнуллубат.

1986 с. муус устардааҕы сабыытыйалар кэннилэриттэн, сайын Дьокуускайга ыччат бэстибээлэ «Комсомольская правда» хаһыат күннэригэр түбэһиннэрэн ыытыллыбыта. Чурапчыттан биригээдэнэн киирбиппит, Валерий Герасимов Орджоникидзе болуоссатыттан саҕалаан Доҕордоһуу болуоссатыгар диэри тэппит атаҕын кубулуппакка оһуохай тылын таһааран тиийбитэ. Проспегы икки өттүнэн сэлэлии турбут дьоннор: «Оҕолоор, кытаатан оһуохайдааҥ!» — дэһэллэрэ. Онтон тэптэн, Доҕордоһуу болуоссатыгар хас да түһүлгэнэн оһуохай тэнийбитэ.

Дьон көҕөр тирэҕирэн

Кырыы учаастактар ыччаттарын көрсүһүүлэрин тэрийии ол кэм биир сэргэх дьаһала этэ. Спортка уонна уус-уран самодеятельноһы көрүүгэ күрэхтэһиилэр ыытыллаллара. Инники күөҥҥэ төлөйдөр, мэлдьэхсилэр, хахыйахтар анньыһаллара.

Күрэхтэһии, кэнсиэрт кэнниттэн түүннэри маассабай оонньуу оройо аһыллара. Кыра учаастак кыаҕын таһынан элбэх кыттааччы, көрөөччү хонор уонна аһыыр усулуобуйалара олохтоохтор күүстэринэн хааччыллара. Көрсүһүүлэр дьон көҕөр тирэҕирэр буоланнар, бүддьүөттэн үбү-харчыны эрэйбэттэр этэ.

Киэҥ ыырдаммыт куонкурустар

Аныгы ырыаны толорооччулар куонкурустара хамсааһыны таһаарбыта. Бастаан улуус киинигэр ыытыллара. Сыанабытын киэргэтээри, уоспут хабыллыар диэри шарик үрэрбит. Чурапчы култуурата сайдарыгар элбэх сонун сүүрээни киллэрбит Тарас Тарасов Хайахсыт кулуубуттан киирэн, сэпэрээтэр күөрчэҕин хараҕынан өҥнөөх музыканы оҥороро. Билигин баай киэргэтиилээх кэнсиэртэргэ сырыттахпына, оччолорго сыанабытын оҥорон баран: “Сан Ремо курдук буолла!” — дэһэрбитин саныыбын. Куонкурспут иккис сылыттан ыыра кэҥээбитэ, тэрээһин өттүнэн чопчу ыытыллар күннээх, миэстэлээх буолара ирдэммитэ. Онон сүбэлэһэн баран, бастыҥ дьиэлээх-уоттаах Хайахсыт кулуубугар көһөрөргө быһаарбыппыт. Дьэ ити кэмтэн ыла куонкурус “Сааскы кылыһахтар” диэн аатынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, сураҕырар аартыга арыллыбыта.

Бу куонкурус “Ыллаа-туой, эдэр саас,” “Кыыс Амма” курдук өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустар Чурапчыга, Мындаҕаайыга ыытыллалларыгар тирэх буолбута. Манна мин чурапчылар биир алҕаспытыгар тохтуом этэ. Айылҕаттан сэмэйбититтэн туормастанан туох эмит үчүгэйи, саҥаны саҕалыыр буоллахпытына ханна да сырдатыммакка бэйэбит ыырбытыгар хаалларан иһэр үгэстээхпит, ол түмүгэр батыһааччыларбыт иннибитигэр түһэн, арай, кинилэр кыайбыт-хоппут курдук буолааччылар.

Сайынын – отчуттарга

Биир умнуллубат өйдөбүлүнэн “Саһарҕа” диэн агиткултуура биригээдэтин үлэтэ буолар. Кураан буолан, Уус Маайа Нуотаратыгар, Кэбээйи Сииттэтигэр тиийэн оттуур звеноларга сылдьыталаабыппыт. Дойдуларыттан тэйэ сылдьар дьон олус үөрэ көрсөллөрө. Биһиги кэнсиэринэн эрэ муҥурдаммакка, от мунньуутугар көмөлөһөрбүт. Сииттэҕэ барарбытыгар тиэхиньикэ саппаас чааһын, дьонноро ыыппыт кэһиилэрин сүкпүтүнэн тиийбиппит.

Өр сылларга улуус култууратын тутан олорбут В.Н. Дьячковскай, М.Е. Васильева, М.Н. Старостин, Н.В. Захаров, В.Д. Пинигина, Н.И. Протодьяконов, М.Г. Оллонова, Н.П. Аммосова уо.д.а. ааттара мэлдьи махталынан ахтыллыахтаах. Кыра хамнаска үлэлэригэр эттэринэн-хааннарынан бэриниилээх буолан олохторун анаабыттара. Кинилэр курдук дьон баар буоланнар, күннээҕи олохпут киэркэйэр. Култуураҕа үлэлээбит сылларым миэхэ умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларбыттара.

Хаарыан киһибит, хаарыан талааммыт….

Дьэ ити курдук Семен Яковлев Чурапчы улууһун култуурата сайдарын туһугар айымньылаахтык үлэлээбитэ, умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыта. Дойду бэлиитикэтэ уларыйа-тэлэрийэ, сатарыйа турар сылларыгар эдэр киһиэхэ төһөлөөх ыарахан сүгэһэр сүктэриллэн ааспытын билигин сааһыран олорон сыаналыыбыт.

Семен Иванович хайдах эрэ киһи өйдөөн көрбөккө да сылдьарын наһаа кыраҕытык көрө-билэ охсон, бэрт сытыы ойуулуур-дьүһүннүүр тыллары туттан күллэрэр уратылааҕа. Кинини кытта туох да кэтэх санаата суох, чэпчэкитик сэһэргэһэр, күлэр-үөрэр буоларбыт. Биһиги, оччотооҕу култуура үлэһиттэрэ, бэйэбит икки ардыбытыгар наар сахалыы-махалыы уус-уран тылы-өһү төрөтөн, бэйэ-бэйэбитин көҕүтүһэн-күөттэһэн, сэһэммитин-сэппэммитин сиэллээн-кутуруктаан, араастаан фантазиялаан көрө-көрө күлэр-үөрэр буоларбыт. Дуоһуйа сэлэһэн, күлсэн, хайдах эрэ санаабыт чэпчээн, кыайтарыа да суох үлэлэрбитин саба тутарга күүс-уох ылан тарҕаһарбыт. Бары биир уопсай интэриэһинэн үлэлиирбит. Ол иһин тэрийэр үлэбит-хамнаспыт түмүктээх буолара, барытын орун-оннугар ыпсаран-хопсорон, кэмигэр бүтэрэн-оһорон иһэрбит.

Мин Семен Ивановиһы эһэтигэр, саха биллиилээх суруйааччыта Эрилик Эристииҥҥэ, маарыннатарым. Мэктиэтигэр дьүһүнэ-бодото, быһыыта-таһаата, бөдөҥө-садаҥа барыта эһэтин санатар курдуга. Аҥардас тас көрүҥэ эрэ буолбакка, өссө сатаан дьүһүйэр дьоҕура уонна айан суруйар талаана толору баара. Хаһыакка суруйар ыстатыйалара дириҥ ис хоһоонноох, туспа көрүүлээх, ырытыылаах, барыта сөрү-сөп, киһини ылыннарар гына суруллубут буолара.

Култуураҕа өссө уһуннук үлэлээбитэ буоллар, араас дириҥ санаалары үөскэтэр туспа көрүүлээх режиссер, айар үлэһит буолуохтааҕа хааллаҕа. Эбэтэр суруйааччы да буолар кыахтааҕа. Ону баара идэтин букатын атын хайысхаҕа уларытан, ис айар кута кыайан арыллыбакка хаалбыта хомотор. Хаарыан киһибит, хаарыан талааммыт…

Дьыл-хонук аастаҕын аайы олорон, үлэлээн ааспыт дьоммут олохторо, үлэлэрэ-хамнастара умнуллан-тэмниллэн, саҥа көлүөнэ дьон араскы курдук үүнэн иһэллэрэ, урукку көлүөнэ дьон суох буолан иһэллэрэ түргэнэ сүрдээх буолар эбит. Семен Иванович курдук дьон үйэтийэллэрэ хайаатар да наадалаах. Дьиҥэр кини суруйар талааннаах буолан бэйэтин бэйэтэ үйэтиппит эбит. Бэйэтин эрэ буолуо дуо, оччотооҕу көлүөнэ дьонун үлэтин-хамнаһын. Ону дьаныһан олорон улуус хаһыатыттан хомуйустахха, кини үлэтин, олоҕун туһунан толору өйдөбүлү ылыахха сөп

Мария Герасимова