Болугурга Фрунзе аатынан колхуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн олорбут Афанасий Семенович Романов 1941 сыл атырдьах ыйыгар саҥатыгар кэргэнин, үс оҕотун аҕалыы амарах тапталынан сүрэҕэр ыга кууһан быраһаайдаспыт, Ийэ дойду көҥүлүн уонна чиэһин фашистскай халабырдьыттартан көмүскэһэ аттаммыт күнүгэр кини кыра кыыһа Рита күн сирин өссө көрө илигэ.
Кыысчаан 1942 сыл тохсунньу 10 күнүгэр төрөөбүтэ. Онтон баара-суоҕа балтараа ый буолан баран, олунньу 23 күнүгэр Афанасий Семенович кыргыһыы хонуутугар хорсуннар өлүүлэринэн охтубута, көмүс уҥуоҕа Новгород ытык буоругар тутуллубута.
Улаханнара Сеня уон иккитигэр сылдьара, Марфа алталааҕа, Маша үһэ эрэ этэ. Ийэлэрэ Евдокия Федоровна кинилэри сэрии сылларыгар колхуоһугар ыанньыксыттаан, кэнники райпотребсойууска үлэлээн ииппитэ, бараммат түбүктээҕэ. Онон бэйэ-бэйэни көрсүү-истиһии, хардарыта көмөлөсүһүү дьиэ кэргэҥҥэ мүччүрүйбэт эбээһинэс курдуга. Кыракый Рита даҕаны ити эбээһинэстэн туора турбатаҕа. Чурапчы орто оскуолатыгар үөрэнэн сылдьан аны уопсастыбаннай үлэҕэ кыттан барбыта. Бастыҥ үөрэнээччи пионерскай этэрээт, онтон дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Оттон ленинскэй хомсомуол кэккэтигэр киирэн баран мэлдьи этэрээт баһаатайынан ананар буолбута. Хомуурдарга, араас биэчэрдэргэ бэлэмнэниини тэрийии, кыһыл хаалтыстаахтар уҕараабат романтикалаах үлэлэрин салайыы үгүс бириэмэни, күүһү-күдэҕи ылара. Маргарита Афанасьевна Романова киһи уонна үлэһит быһыытынан үтүөкэннээх хаачыстыбалара дьэ ити курдук силис-мутук тардыбыттара.
Олох уйгутун-быйаҥын бэйэ илиитинэн тутан-хабан оҥорортон ордук кэрэ ама туох баар буолуо? Ити иһин 1961 сыллаахха саас Чурапчы орто оскуолатын бүтэрбит оҕолор бары колхуос производстватыгар үлэлииргэ быһаарыммыттара. Рита бииргэ үөрэммит үс табаарыстарыныын ССКП XXII сийиэһин аатынан колхуос Болтоҥотооҕу учаастагар тахсыбыттара. Бу, туһугар, чобоо быһаарыныы этэ – урут ынах синньин тутан көрбөтөх киһи хаһан да билбэтэх-көрбөтөх дьоннорун ортолоругар ыанньыксытынан үлэлиэхтээҕэ. Оҕолор онтон муҥутахсыйбатахтара, бэртээхэй киһи, улахан уопуттаах ыанньыксыт Харитина Гаврильевна Слепцова курдук дьон көмөлөрүнэн, үөрэтиилэринэн үлэҕэ-хамнаска сыстыбытынан барбыттара.
Ити сыл учаастак сэбиэдиссэйэ М.М. Соловьев оройуоннааҕы хаһыакка маннык суруйбута: “96 ынахтаах, 8 ыанньыксыттаах племферма тэрилиннэ. Онтон биэстэрэ комсомолкалар. Коммунистическай үлэ кэлэктиибин аатын ылар иһин охсуһаллар. Ынах ахсыттан 1500 киилэ үүтү ыыр соруктаахтар”. Оччолорго, тыһыынчалаах кирбиини уҥуорадааччы тарбаҕынан ааҕыллар кэмигэр, ити уһулуччу улахан сорук этэ, ол эрээри кыргыттар толорбуттара. Оттон нөҥүө сылыгар күһүн “Саҥа олоххо”, “Ферманы механизациялааһын” диэн сурук бэчээттэммитэ. Онно ааҕабыт: “Уопуттаах уус Е. Егоров салалтатынан ферма иккис хотонугар навесной суолу уонна автопоилканы киллэриигэ үлэ ыытылла турар. Бу хотоҥҥо икки сүүсчэкэ тиҥэһэ баайыыта суох тутуллуоҕа. Манна комсомолка Б. Платонова, ааспыт сылга орто оскуоланы бүтэрбит ыччаттар М. Иванова, Р. Романова, Е. Тоскина үлэлииргэ баҕалаахтарын биллэрдилэр”. Ити кэмҥэ субаннары баайыыта суох иитии саҥардыы тэнийэн эрэрэ.
Учаастакка бастакы племенной ферма, үүт ыамын саамай үрдүк кирбиитин ыларга учааскаҕа аан бастакынан соруктаныы, механизация бастакы элеменнэрэ, саҥа ньыманан үлэлээһиҥҥэ бастакынан ылсыы… Бастакынан суол тэлэр хаһан да ыарахан. Ханнык да дьыала аан бастакыттан санаабыт курдук табыллан испэт, үгүс мэһэйдэри, күүтүллэбэтэх ыарахаттары туоруур наада буолар. Риталаахтан оччолорго наар бастакынан буоларга төһөлөөх хорсун санаа, дьыала хайаан да сатанарыгар эрэнии, сүрэх эдэрдии өрүкүйэр төлөнө наада буолбута буолуой! Аны уопсастыбаннай үлэ элбэҕэ, үлэһиттэр сынньалаҥнарын кинилэр, комсомолецтар, тэрийэллэрэ. Ити үтүө үлэ төлөбүрэ да боччум буолбута. Рита икки сыл үлэлээт коммунистическай үлэ удаарынньыгын аатын ылбыта, оттон саас Болтоҥо үлэһит дьонноро үлэ суолугар бэйэлэрэ киллэрбит ыччаттарын, ол иһигэр Ританы, үрдүк үөрэххэ атаарбыттара.
Сүөһү үлэтэ норуокка төһөлөөх туһалааҕын билбит, кини саҥаҕа, үрдүккэ угуйар романтикатыгар убаммыт кыыс сүөһү иитиитин исписэлииһэ буоларга быһаарыммытыгар туох да киһи муодаргыыра суоҕа. Рита Омскайдааҕы бэтэринээринэй үнүстүүккэ үөрэнэ барбыта.
Үнүстүүтүн ситиһиилээхтик бүтэрэн түөрт сыл эпизоотолог-бырааһынан үлэлээбитин кэннэ 1972 сыллаахха Маргарита Афанасьевнаны токсиколог-бырааһынан анаабыттара түбэспиччэ буолбатах этэ. Биохимическай анализтары оҥорон ханнык сопхуоска, ханнык отделениеҕа сүөһүлэр эттэригэр-хааннарыгар эттиктэр атастаһыылара хайдах барарын, туох тиийбэтин адьас чуолкайдык быһаарыахха, онон хаһаайыстыбаларга ханнык эбии препараттары туттары сүбэлиэххэ наада этэ. Холобура, аҥардас 1975 сылга үктэнэн баран Маргарита Афанасьевна 1500 сүөһүгэ итинник анализтары оҥорбуттааҕа. Чинчийиилэр сорох сирдэргэ кальций уонна фосфор бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара уларыйбытын көрдөрбүттэрэ. Ол ынах торбостооһунугар, мөлтөх ньирэйдэр төрөөһүннэригэр тиэрдиэн сөптөөҕө, ынахха бэйэтигэр да охсуулаах буолуохтааҕа. Ону утары уҥуох күлүн, гидропонканы, араас препараттары киэҥник туттарга сүбэлээбитэ. Лаборатория бэйэтэ 324 лиитэрэ мутукча уутун, 913 киилэ АПК препараты, 14 тыһыынча доза полисоллары о.д.а. бэлэмнээн биэрбитэ. Биохимическай анализ сүөһү сүһүрүүтүн биричиинэтин быһаарарга эмиэ туттуллара. Итини тэҥэ токсиколог-быраас сүөһү аһылыгар микрологическай анализтары эмиэ оҥороро. Онон буорту буолбут аһылыгы эмтээн туһаҕа таһаарар суолу ыйан, хаһаайыстыбаларга ночоот тахсыбат кыаҕын үөскэппитэ. Ити барыта биирдэ анализ оҥорон кэбиһэринэн муҥурадаммат этэ, хас да аналиһы оҥордоххуна эрэ чуолкайын билэн, ону ааһан чуолкайдыыр саҥа суолу-ииһи көрдүү сатыахха наада курдуга. Маннык улахан суолталаах чинчийэр үлэ дириҥ, киэҥ билиини, улахан дьоҕуру эрэйэрэ. Маргарита Афанасьевнаҕа дьэ итинник эппиэттээх үлэни итэҕэйбиттэрэ.
Стажировкаларга, сэминээрдэргэ сылдьан, аналлаах литэрэтиирэни хасыһан Маргарита Афанасьевна бэйэтин билиитин утумнаахтык үрдэтэрэ. Холобур, 1974 сыллаахха “ФЭК” диэн оборудованиены туһанан хааны чинчийии уонна гранозаны чинчийии саҥа ньымаларын баһылаабыта.
Тэрилтэ диэн, дьиҥэ, эн үлэлиир сириҥ эрэ буолбатах, кини кэлэктиибин кытары күннээҕи үөрүүҥ, хомолтоҥ, олоҕуҥ бүтүннүү сибээстээх, кинилиин кыайтарбаты кыайаҕын, ситиһиллибэти ситиһэҕин, ханнык баҕарар кыһалҕаны мүччү түһэҕин. Ол аата тус бэйэ эбээһинэһин лоп бааччы толоруу кыра, кэлэктиип үлэтин-хамнаһын, хас биирдии үлэһит иһин эппиэтинэһи эмиэ сүгэри хаһан да умнумуохха наада. Маргарита Афанасьевнаҕа ити хаһан да кэһиллибэт сокуон курдуга. Ол иһин ханнык отделга туох наадатын мэлдьи билбитэ-көрбүтэ, сүбэлэспитэ, тугунан эмэ көмөлөспүтэ эрэ баар буолара. Бэтэринээринэй үлэһиттэр сэминээрдэригэр дакылаат оҥоруу, быраактыка өттүнэн көмөлөһө сопхуостар отделениеларыгар үгүстүк кэлии-барыы – кини күннээҕи түбүктэринэн буолаллара.
Маннык үтүөкэннээх исписэлииһи көннөрү табаарыс, киһи быһыытынан дьон хайҕаан кэпсэтэллэрин үгүстүк истиэххэ сөп. Холобура, 1974 сыллаахха серолог-быраас кыра оҕотун көрүүтүгэр бэркэ эрэйдэммит. Маргарита Афанасьевна кини эбээһинэһин сүксүбэтэҕэ, көмөлөспөтөҕө буоллар, хайдах буолуо эбитэ буолла. Оттон ол көмө аҕыс ый устата салҕаммыта эбээт. Эбэтэр муоста сууйааччынан үлэлиир Анна Егоровна Башарина ыалдьыбытын бэйэтинэн сирдээн, кэпсэтиһэн икки сыл субуруччу Дарасуҥҥа тиэрдэн эмтэппитин да ылан көрүөххэ сөп. Кини табаарыстарыгар мэлдьи итинник болҕомтолооҕо.
Дьиҥнээхтиҥ астынар, таптыыр киһилэрин дьон “киһи киһитэ” диэн иккиэйэх тылынан сыаналааччылар. Үлэҕэ-хамнаска, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыаныгар даҕаны Маргарита Афанасьевна итинник киһи киһитэ этэ.
Сэмэн Жендринскэй