Кинилэр оҕо саастара сут-кураан, уодаһыннаах сэрии сылларын кытта алтыһан ааспыттара. Оччолорго кырачаан уоллаах кыыһы “Микиитэкээн бокуонньук оҕолоро” диэн дьон-сэргэ аһынан-харыһыйан ааттыыра. Кинилэр абаҕаларыгар, Уйбаан оҕонньорго, эҥэрдэһэн олорбуттара, улааппыттара. Саҥастара сытыары-сымнаҕас майгылаах, үтүө санаалаах, мэлдьи кэпсии-ипсии сылдьар Өлөксөөс эмээхсин тулаайахтары хаһан даҕаны мөхпөккө, кэлин даҕаны санааларыгар тутар ордук-хос тыылы саҥарбакка, дьөрү улаханнык сэмэлээбэккэ, бэйэлэрин оҕолорун кытта тэҥҥэ ииппитэ.
Оҕолор абаҕаларын ааҕы кытта хоту Булуҥ оройуонугар көһүүгэ барбыттара, кинилэри кытта дойдуттан-сиртэн тэйии эрэйин-муҥун, аччыктааһын кыһалҕатын, тииммэт-түгэммэт диэн тугун, тоҥор-хатар хайдаҕын тэҥҥэ билбиттэрэ. Кэлиҥ өҥ дьыллар эргийбиттэрин кэннэ ийэ-аҕа туттубут дьоннорунуун дойдуларыгар эмиэ бииргэ эргиллибиттэрэ.
Үтүө санаалаах аймахтарыгар, амарах сыһыаннарыгар, өйөбүллэригэр тирэҕирэн кыракый Маайыс уонна Ньукулай балачча улааппыттара, ону-маны арааран, аттаран толкуйдуур дьон буолан, дьэ бэйэлэрэ “сай-сат” дииргэ быһаарыммыттара. Убайдыы балыстыы колхуоска үлэлээн барбыттара. Абаҕалара аах оҕолорбут син бэйэлэрин көрүнэр, ииттинэр дьон буоллулар диэн үөрэллэрэ. Сыыйа убайдаах балыс аймахтарыттан тэйэн туспа буруо таһаарыммыттара…
Николай Никитич Луковцев кэлин бэйэтэ колхуос туруу үлэһитинэн, дьиэ кэргэн тапталлаах аҕатынан буолбута. Кини туох үлэҕэ кыттыбытаҕа баарай! Отчут одьунааһа, масчыт маастара, сүөһү көрөөччү үтүөтэ, бостуук бэрдэ – кини. Ардыгар оҕуһун туора миинэн таһаҕас да таһара, ходуһа, мэччирэҥ сирдэрин бүтэйдиирэ, кыһыҥҥы фермалар ис-тас үлэлэригэр даҕаны сылдьара. Оннук тоҕо-хайа түһэр кыайыгас үлэһит буолбатар да, туохтан да иҥнэн-толлон турбат, сахалар этэллэринэн, бурҕалдьыны кэтэн баран төлөрүппэт буһуу киһи, кэтэмэҕэйдээбэт үлэһит.
Николай Луковцев Эрилик Эристиин аатынан сопхуос Хадаардааҕы отделениетыгар олорбута, үлэлээбитэ. Кини 1980 сыл сайыныгар, Кырыс арҕаа алаастарыгар кииннээн 160-ча субан сүөһүнү бостууктаабыта. Эмиэ итиннэ хас да алаас силлиһэ үс мас бүтэйинэн эргитиллибиттэрэ. Онон Николай Никитич көрөр-харайар сүөһүлэрэ Тойон Күөлүнэн, Олоххойунан, Төбөтүнэн, Дириҥ Күөлүнэн, Маалланан сылдьаллара.
Кинини ол сайын күн саҕахха түһүүтэ Нүөндэ өтөҕөр от охсо турдаҕына көрсөн кэпсэппиттэригэр: “Дьэ, уруккуттан даҕаны кыайыгас үлэһит буолбатах киһи, билигин сааһыран, өссө бытаардым, олох кыайан охсубат буолбуппун. Быйыл субан сүөһүгэ бостуукпун. Субу күннэргэ, үөн-көйүүр элбэҕинэн уонна куйааһырҕаан хаампаттар, соччо ырааппаттар. Онон өрүсүһэн бу оттуу сылдьабын. Сөрүүн түстэҕинэ, тото-хана мэччийиэхтэрэ, хаамыахтара. Оччоҕуна соло булбат курдук буолабын, күн ахсын көрдөххө-иһиттэххэ, мэччирэҥнэрин көрөн сотору-сотору уларыттахха табыллар. Быһата биир туспа түбүктээх, эппиэттээх үлэ”, — диэн эппиэттээбиттээҕэ.
Николай Никитич Луковцев ити курдук үлэни эрэ өрө туппут боростуой киһи этэ. Кини итиччэлээх күөх сайыҥҥа оттообокко олоруон санаата буолбатаҕа. Ол иһин даҕаны үлэтин быыһыгар илгэ сайын быйаҥын сомсустаҕа. Ити үлэтин түмүгүнэн 4 туонна кэриҥэ бастыҥ хаачыстыбалаах оту чөмчөтөн отделениеҕа туттарбыта. Оттон сөрүүн түһэн, түүнэ хараҥатыйар буолбутун кэнниттэн туппут сүөһүлэрин кэрийэрэ, хараҕын далыттан араарбакка буола сатыыра. Аны сүөһүлэрин майгыларын, хайдах бөлөхтөөх үөрдүһэллэрин, хайа диэки хайысхаланалларын, ханнык сүөһү үөрү баһылыырын-көһүлүүрүн билиэххэ наада этэ. Ол инниттэн Николай Никитич сүөһүлэрин күннэтэ сыныйан көрөрө-истэрэ.
Кини туппут сүөһүлэрин 100 бырыһыан тыыннаах иитэн, хас биирдии төбө күһүн 300 киилэттэн итэҕэһэ суох буоларын ситиһэр соруктааҕа. Ити тылын толорбута. Боростуой оробуочай ханнык даҕаны үлэҕэ сырыттаҕына наар үчүгэйгэ тардыһар үтүө үгэстээх, бэйэтин сэмэй ситиһиитинэн уопсай дьыалаҕа, кыра да буоллар, туһаны киллэрсэриттэн үөрэр амарах дууһалаах буолар.
Сэмэй киһи, туруу оробуочай Николай Никитич Луковцев элбэх оҕо амарах аҕата, дьонугар-сэргэтигэр үтүө майгытынан-сигилитинэн күн-бүгүҥҥээҥи диэри ытыктанар киһи. Кини сарсыарда эрдэлээн көстөн ордуктаах сиргэ тиийэрэ, күнүс онно эбиэттээн дьиэтигэр ыкса киэһэ биирдэ кэлэрэ. Күһүн сүөһү сүтүүтэ үгүстүр тахсара. Онон туппут сүөһүлэрин биири да энчирэппэккэ, хараҕын далыттан араарбакка, барыларын үрдүк уойуулааҕынан туттарарга сүрүн болҕомтотун уурбута.
Сэмэн Жендринскэй