«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академията» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтэ тэриллибитэ 30 сылын уонна Төрүт тыллары үөрэтии, харыстааһын, сайыннарыы киинэ аһыллыытын чэрчитинэн, «Арассыыйа Федерациятын өрөспүүбүлүкэлэригэр судаарыстыбаннай тыллар туттуллууларын туруга уонна сайдар кэскилэ» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы, атын дойду учуонайдара кыттыылаах, научнай-практическай кэмпириэнсийэ ахсынньы 7-8 күннэригэр буолан ааста.
Научнай-практическай кэмпириэнсийэни «СӨ Наукаларын академията» СБТ, Ил Дархан иһинэн үлэлиир Тыллар сайдыыларын сүрүннүүр сүбэ, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ тэрийдилэр, партнердарынан Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын института (ИГИ), М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет буоллулар.
РФ Конституциятын 68-с ыстатыйатын 2-с пуунугар олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нуучча уонна саха тыллара судаарыстыбаннай, хотугу омуктар (эбээн, эбэҥки, долгаан, чукча, юкагир) тыллара официальнай тылларынан бигэргэммиттэрэ. Аныгы олох хаамыытынан быһаарыыны эрэйэр боппуруостар суох буолбатахтар. Дьэ олору ырытыһар, уопут атастаһар сыалтан бу кэмпириэнсийэ тэриллибит.
Ахсынньы 7 күнүгэр үлэ алта сиэксийэнэн ыытыллан, саха тылын билиҥҥи туругун туһунан киэҥ кэпсэтии таҕыста. Онно өрөспүүбүлүкэ иһиттэн уонна онлайн-киэбинэн араас эрэгийиэннэртэн, тас дойдулартан (холобур, Монголияттан) 200-тэн тахса киһи кыттыыны ылла.
Пленарнай мунньах
Ахсынньы 8 күнүгэр Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар буолбут кэмпириэнсийэни түмүктүүр пленарнай мунньаҕы Төрүт тыллары үөрэтии, харыстааһын, сайыннарыы киинин дириэктэрэ педагогика наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Феодосия Габышева салайан ыытта.
Бастакынан тыл эппит Ил Түмэн судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ-Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Владимиров өрөспүүбүлүкэ тыл бэлиитикэтигэр ыытар үлэтин-хамнаһын сырдатта. 2019 с. бигэргэммит судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстааһын, үөрэтии уонна сайыннарыы Кэнсиэпсийэтин, Тыл сэбиэтин, тус сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраама уо.д.а. тустарынан кэпсээтэ.
– Үлэ биир хайысхата «Географическай эбийиэктэр ааттарын тустарынан» федеральнай сокуону олоххо киллэрии буолар. Былырыын Ил Түмэҥҥэ ыытыллыбыт нэһилиэнньэлээх пууннар ааттарын суруллуутун чопчулуур туһунан «төгүрүк остуол» түмүгүнэн, таатталар холобурдарынан улуустарга нэһилиэктэр ааттарын чөлүгэр түһэриигэ ылсарга этиллэн, улахан үлэ саҕаланна, – диэтэ вице-спикер уонна сиэксийэлэргэ киирбит этиилэри иһитиннэрдэ.
Төрүт дьарык – ийэ тыл тирэҕэ
Үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова оскуолаларга төрүт тылы үөрэтии туругун туһунан билиһиннэрдэ.
– Киэҥ сиринэн тайаан сытар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр барыта 633 оскуола баар, онтон 478-һыгар оҕолор төрөөбүт тылларынан үөрэнэллэр. Биһиги сорукпут оҕо бэйэтин ийэ тылынан үөрэнэрин хааччыйыы буолар. Былырыын ыытыллыбыт саха тылын учууталларын иккис сийиэһин түмүгүнэн Кэнсиэпсийэ ылыллан, үлэ онон салайыллар. Бу нэдиэлэҕэ хотугу омуктар тылларын учууталларын сийиэһэ ыытыллыаҕа, – диэтэ миниистири солбуйааччы.
СӨ Наукаларын академиятын бэрэсидьиэнэ, биология наукатын дуоктара Леонид Владимиров Ил Дархан Айсен Николаев 2022 сыл олунньу 21 күнүгэр таһаарбыт дьаһалынан, Наукалар академияларын салаатын быһыытынан быйыл тэриллибит Төрүт тыллары үөрэтии, харыстааһын, сайыннарыы киинигэр улахан эрэлин уурарын биллэрдэ:
– Тыа сирин улуустара норуот этническэй култууратын уонна тылын-өһүн араҥаччылыыллар. Ону учуоттаан, агрооскуолалар уонна көс оскуолалар тиһиктэрин, «Олоҥхо педагогикатын» уонна «Хоту дойду педагогикатин» уһуйааннарын уонна оскуолаларын ситимин салгыы сайыннарыахтаахпыт. Тыа сирин оскуолаларыгар үөрэнэр кинигэлэри, босуобуйалары уонна сыыппара ресурсаларын ырытан оҥоруу Киин биир сүрүн соруга буолар.
Норуот үгэс буолбут төрүт дьарыга кини тылыгар-өһүгэр уонна култууратыгар сүҥкэн сабыдаллаах. Саха дьоно сылгы уонна ынах сүөһү баайдаах буоланнар, бу тыйыс тымныылаах хотугу дойдуну баһылаан олорбуттара. Өбүгэбит сылгыны өрө тутара, олоххо уонна үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыстыытын Дьөһөгөй оҕотун кытары ситимнээн, ураты материальнай-духуобунай култуураны үөскэппитэ. Сылгы – саха омук култууратын-генетикатын куода буолар. Оттон Аартыка 13 улууһугар олорор хотугу омуктар төрүт дьарыктара – бултааһын, табаны иитии уонна балыктааһын. Тыл тирэҕэ – материальнай култуура уонна төрүт дьарык. Ол иһин, биһиги төрүт дьарыктарбытын аныгы олох ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр саҥа ньымаларынан байытан, духуобунаспытын уонна тылбытын-өспүтүн араҥаччылыахтаахпыт, салгыы сайыннарыахтаахпыт, – диэтэ.
Кииннээн быһаарыллар соруктар
Ыраахтан кэлбит ыалдьыттар дакылааттарыттан Татарстан Наукаларын академиятын бэрэсидьиэнэ, бэрэпиэссэр Рифкат Минниханов Татарстан холобуругар Арассыыйа субъектарыгар судаарыстыбаннай тыллары сайыннарыыга ыытыллар үлэ туһунан сырдаппыта болҕомтону ордук тарта. Татаар тылын харыстааһыҥҥа, сайыннарыыга Үөрэх сайдыытын института, Казаньнааҕы федеральнай университет, Наукалар академиялара ситимнээхтик үлэлииллэр. Ол эрээри, ханна да буоларын курдук, ыччат бэйэтин омугун уонна тылын билиммэккэ, «аан дойду киһитин» курдук сананара баар суол. Ити иһин, уһуйаан уонна алын кылаас оҕолоругар «Акыллы Уеннар» («Умные игры»), ортоку сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр «Туган Баатыр» («Родной богатыр») диэн ийэ тылга, төрүт култуураҕа интэриэһи үөскэтэр, оонньуунан үөрэтэр компьютернай бырагыраамалар оҥоһуллубуттар. Бу бырагыраамалар ханнык баҕарар тылга уларытыллан туһаныллыахтарын сөп буолан, бэл, арабтар кэрэхсээбиттэр. Дакылаатын түмүктүүрүгэр, бэрэпиэссэр федеральнай киининэн быһаарыллар кыахтаах маннык этиилэри киллэрдэ.
Бастакытынан, төрүт тылынан үөрэтии алын уонна уопсай орто үөрэх кыһатыгар эрэ көрүллэрэ тутаҕын учуоттаан, «Үөрэхтээһин туһунан» федеральнай сокуоҥҥа анал орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар төрүт тылы үөрэтэр туһунан уларытыы киллэрилиэххэ.
Иккиһинэн, үөрэх бырагырааматыгар нэдиэлэҕэ төрүт тылга 2, литератураҕа 1 эрэ чаас бэриллэр, ити көдьүүһэ олус намыһах, онон чааһы элбэтиэххэ.
Үсүһүнэн, Арассыыйа Федерациятын норуоттарын тылларынан үөрэтэр-методическай комплексы оҥорууга дойду үрдүнэн биир ситими тэрийиэххэ.
Төрдүһүнэн, төрөөбүт тылы үөрэтэр уопсай үөрэх тэрилтэлэрин сайдыытын уонна полилингвальнай, поликултуурунай үөрэхтээһин кэнсиэпсийэлэрин оҥорорго уолдьаста.
Бэсиһинэн, эрэгийиэннэргэ ыытыллар үлэни-хамнаһы сүрүннүүргэ федеральнай Үөрэх министиэристибэтин иһинэн этнокултуурунай үөрэхтээһин салаатын сөргүтүөххэ, Наука уонна үрдүк үөрэх министиэристибэтигэр билингвальнай үөрэхтээһин салаатын тэрийиэххэ, ону таһынан эрэгийиэннэргэ салаалардаах, этнокултуурунай үөрэхтээһин Бүтүн Арасыыйатааҕы институтун үлэлэтиэххэ наада.
Алтыһынан, төрүт тыллары үөрэтии үчүгэйдик чочуллубут методикатын оҥоруу – бу биһиги кэлэр кэскилгэ ананар сорукпут буолар. Бу хайысхаҕа идэтийэр научнай исписэлиистэри федеральнай кубуотанан эрэгийиэннэргэ миэстэ көрөн, аспирантураҕа уонна докторантураҕа кииннээн бэлэмниэххэ.
Бу этиилэри мунньах кыттыылаахтара биһирээтилэр, онно сиэксийэлэргэ киирбит этиилэри холбооннор, түмүк Быһаарыыны ылыннылар.
Раиса Сибирякова.