Өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттө, кэлэр нэдиэлэ ортото хаарынан бүрүллэрин, оттон билиҥҥи туругунан хоту оройуоннарга хаардаабытын туһунан ТАСС ссыылкатыттан “Якутия 24” портал иһитиннэрэр.
“Саха сирин хоту өттө номнуо хаарынан көрө сытар, температура нуорматтан үрдүк. Кэлэр нэдиэлэ ортотуттан эрэгийиэн 2/3 өттүгэр хаар түһүөҕэ” – диэн Арассыыйа Гидрометкиинин научнай салайааччыта Роман Вильфанд этэр.
Роман Менделевич эбии, өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүн күүстээх ардах түһэрин туһунан эмиэ эттэ.
Арассыыйа Гидрометкиин дааннайынан биһиги эрэгийиэммитигэр өрөбүл күннэргэ күнүһүн +6+8С онтон түүнүн 0С буолуоҕа.
Сэмэн Жендринскэй