Иван Николаевич Винокуров Саха сирин национальнай библиотекатын тэрийсибитэ

                                                          «Он, безусловно, будет очень ценным работником в Якутии»

                                                                                                                                                          И.Н.Барахов

 

 Иван Николаевич Винокуров (1893-1935)  автономиялаах өрөспүүбүлүкэбит атаҕар туруутугар, П.А.Ойуунускайы.И.Н.Бараховы, М.К.Аммосовы, С. М. Аржакову  кытта тэҥҥэ үлэлэспит бөдөҥ государственнай деятель буолар.

2021 сыллаахха «XX век. Якутия. История. Лица»  серия иһинэн  « Иван Николаевич Винокуров . Сборник архивных документов.»Л.М.Григорьева, А.А.Калашников, Н.С.Степанова хомуурунньуктара  бэчээккэ тахсыбыта. Кинигэгэ барыта 125 архыып докумуона киирбит. Манна И.Н.Винокуров дакылааттара, отчуоттара,  суруктара,  Саха сиригэр наркомунан, Совнарком бэрэстээтэлинэн, Москваҕа бэрэстэбиитэлинэн улэлээбит кэмнэринээҕи уураахтар, дьаһаллар киирбиттэр. Докумуоннарга М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай, И.Н.Барахов, С.М.Аржаков тыл этиилэрэ, суруктара, илии баттааһыннара баар.

Ити архыып докумуоннарыттан Иван Николаевич Саха Национальнай библиотекатын тэрийиигэ кыттыытын билистим.

Автономия бастакы сылларыгар республикабытыгар үөрэхтээх кадрдар тиийбэттэр этэ. Киинтэн кэлбит үлэһиттэр болдьохторун толороот төннөллөрө. Сорохтору күһэйии бэрээдэгинэн ыыталлара.

Исидор Никифорович Барахов Иван Николаевич Винокуровы Саха сиригэр үлэлии кэлэрин  туруорсан РК(б)П КК сэкэрэтээригэр В.М.Молотовка  сурук суруйбута – “ … Мы перед Вами ставили также вопрос о командировании в Якутск т. Винокурова из Самары. Он уроженец Якутии, великолепно владеет якутским языком и член РКП со стажем с 1918 г., служит в губернском союзе работников работников просвещения…. Он ,безусловно, будет очень ценным работником в Якутии.”

Иван Николаевич Винокуров уһаппакка сөбүлэҥин биэрэн, 1923 сыллаахха дьиэ кэргэнин илдьэ  саха сиригэр поеһынан, Иркутскайтан Качугаҕа диэри массынанан көһөн кэлбитэ.Айанын ороскуотун республика уйуммута.

Ити сыл Балаҕан ыйын 28 күнүгэр  үөрэх,сэтинньи 5 күнүгэр доруобуйа харыстабылын наркомунан анаммыта.Онон , ити икки салааҕа тэҥинэн дойдутугар үлэтин саҕалаабыта.

Бу кэмҥэ Саха сиригэр  нэһилиэнньэ икки эрэ бырыһыана сатаан ааҕар-суруйар этэ, ону даҕаны сүнньүнэн нууччалар. Онон  биир бастакынан норуоту   ааҕарга- суруйарга  үөрэтии соруга турбута.  В.И.Ленин «подлинная советская власть, как выражение подлинной демократии, осуществима только тогда, когда мы научим каждую кухарку управлять государством» — диэн этиитинэн сирдэтэн , ликбезтэри арыйыы саҕаламмыта. Партиялаахтары, профсоюзтаахтары улуустар олохтоохторун кытта тэҥҥэ хабан үөрэппиттэрэ.

1924 с. кулун тутар 30 күнүгэр Киин Ситэриилээх кэмитиэт 3-с сиэссийэтигэр Иван Николаевич  «Долой неграмотности!” обществоны тэрийэр наадатын , 10 сыл иһигэр ликбеһинэн 118965 киһи хабыллыахтааҕын  ыйбыта,ол гынан баран,  Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 10 сылыгар үөрэтэр кадр тиийбэтинэн, бу соругу толоруу кыаллыбатынан, 1932 с.Автономия 10 сылын туолуутугар ситиһэр сыаллаах былаанын ааҕан-суоттаан, 1056 учуутал наадатын, ол уопсай ороскуота 3074544 солк. буоларын  ыйбыта. Итини сэргэ   ааҕарга үөрэппит дьоммут биир-икки сылынан умнан кэбиспэттэрин наадатыттан,ликбеһи сэргэ сырдатар сирдэри:  ааҕар балаҕаннары, библиотекалары, кулууптары аһары наадалаҕынан аахпыта.

Сессия И.Н.Винокуров бу былаанын бигэргэтэн, өрөспүүбүлүкэ  Киин Ситэриилээх кэмитиэтин президиумун уонна совнаркому дойду  киин былааһыгар  бүттүүн уопсай үөрэхтээһиҥҥэ анаан биир ступеннаах оскуолалары (Единай трудовой оскуолалары) аһар туһунан дойду  киинигэр  хадаатайыстыба  түһэрэллэригэр сорудахтаабыта.

Иван Николаевич кылгас кэм иһигэр үөрэхтээһин,доруобуйа харыстабылын, промышленность наркомунан үлэлээн республикаҕа ыарахан экономическэй балаһыанньа кэмигэр  бэйэтин  эрдэ үлэлээбит уопутунан, үөрэҕинэн, билиитинэн . араас мөккүөрдээх түгэннэргэ туруорсуута кытаанаҕынан, салалта эргимтэтигэр боччумнаах миэстэни ылбыта.

Республикабыт сайдыытын тыын   боппуруостарын таһынан М.К.Аммосов Национальнай библиотека тэриллиитин боппуруоһун туруорбута.

Историяҕа төнүннэххэ, Дьокуускайга публичнай библиотека губернатор И.И. Крафт көҕүлээһининэн өссө 1891 с музейы кытта холбуу   Гостинай двор дьиэтигэр  тэриллибитэ. Кинигэ  араас улуустартан, Халыматтан тиийэ, политсыылынайдартан, араас тэрилтэлэртэн хомуллубута. Кинигэ фондата быһа барыллаан 11.500 тиийбитэ .Баай библиотека анал дьиэтэ суох буолан, кинигэлэри харыстыыр сыалтан, И.И. Крафт 1908 с. атыыһыттарга публичнай библиотекаҕа анаан таас дьиэ тутуутугар үбүнэн көмөлөһөллөрүгэр көрдөһүү суруйбута. Атыыһыттар И.И.Семенов.Н.Д.Эверстов,А.И.Громова,Кушнаревтар, Г. В.Никифоров, о.д.а. бу суолталаах көрдөһүүгэ сөбүлэҥнэрин биэрэн илии баттаабыттара

1911 с. Архитектор А. И. Лешевич  бырайыагынан  ирбэт тоҥҥо  биир уһулуччу тутуулаах кэрэ дьиэ аана куорат олохтоохторугар тэлэччи арыллыбыта. Малааһыҥҥа киин куораттартан элбэх улахан ыалдьыттар сылдьыбыттара. Бу дьиэҕэ куорат музейын эмиэ киллэрбиттэрэ.

Революция кэнниттэн Саха сиригэр баар ахсааннаах чааһынай библиотекалар , кинигэ атыылыыр ларектар национализацияламмыттара- государствоҕа бэриллибиттэрэ.

1925 с ыам ыйыгар Национальнай библиотеканы тэрийиигэ  бэлэмнэнии үлэтэ саҕаламмыта.

1925 сыл Бэс ыйын 11к. П.А.Ойуунускай илии баттааһыннаах Саха сирин Киин Ситэриилээх комитетын  уурааҕынан И.Н.Винокуровы Совнарком председателин дуоһунаһыттан босхолоон, Москваҕа  бэрэтэбиитэлистибэҕэ  үлэлэтэ ыытарга быһаарбыттара. Совнарком председателинэн М.К. Аммосов анаммыта. 20-с сылларга буола турар балаһыанньаттан уонна үөрэхтээх кадр аҕыйаҕыттан  салайааччылары уларытыы 2, ардыгар  1,5-сылынан буолуталыыра.

Бу иннинэ 1922  сыл бэс ыйыттан Москваҕа бэрэстэбиитэл  Андрей Илларионович Мордвов этэ. Кини  Аптаныамыйаны  туруорсууга  үлэлэьэн бэйэтин  улахан кылаатын киллэрсибит биир эмиэ бөдөҥ салайааччы буолар

Иван Николаевиһы Москваҕа бэрэстэбиитэлинэн анааһын- бу киниэхэ  үрдүк итэҕэл туоһута буолбута. Өрөспүүбүлүкэбит  Киини кытта  быһаччы сибээһэ бэрэстэбиитэлистибэ  нөҥүө салгыы сайдыбыта.  Винокуров Саха сирин  аатыттан республикабыт олоҕун тыын боппуруостарын: Алдан көмүһүн, суол, телеграф, нолуок, учебниктар,таһаҕас тиэйиитин сыаната у.д.а.  бырабыыталыстыба , суут , профсоюз тэрилтэлэригэр , Орджоникидзеҕа, Свердловка  туруорсара,.Балаьыанньаны П.А.Ойуунускайга суруйан кистэлэҥ грибинэн  билиһиннэрэн иһэрэ, М.К.Аммосовы кытта прямой проводынан балтараа чааска тиийэ уһуннук кэпсэтэрэ.

Национальнай библиотеканы тэрийии ымпыгын-чымпыгын  Бэс ыйын 25 күнүгэр САССРы үөрэтэр комиссия сэкэрэтээрэ П.Витин М.К.Аммосовка Саха национальнай библиотеканы  тэрийии бэлэмнэнэр үлэлэр хаамыытын билиһиннэрэр суругуттан көрөбүт.

Ол курдук, кинигэни хос ыытыы  тахсыбатын туһуттан  куоракка баар библиотека кинигэлэрин инвентарын кинигэтин куоппуйатын көрдөтөн ылбыттара.   Быһа барыллаан, Россия наукатын академиятыттан,Ленинград, Москва научнай  у.д.а тэрилтэлэриттэн  30 000 том ыытыллара бэлэмнэммитэ.   Хас биирдии экземпляр штемпеллэммитэ, карточкаламмыта, онон, кинигэ тиийээтин кытта библиотека ааҕааччылары кытта үлэтин саҕалыыр усулуобуйата тэриллибитэ .

Дьокуускайга библиотекаҕа септеех, тэриллэрдээх таас дьиэ бэлэмнэннэҕинэ эрэ кинигэлэр ыытыллаллара былааннаммыта.

1925 с Атырдьах ыйын 11 к.Саха сирин Совнаркомун сорудаҕынан, И.Н.Винокуров Национальнай библиотека сэбиэдиссэйин эбээһинэһин толорооччунан анаммыт, этнограф- учуонай гр. Бурыкина Наталья Николаевналыын  икки өрүттээх  дуогабар түһэрсибиттэрэ.   Дуогабарга  Н. Н.Бурыкина икки сылтан итэҕэһэ суох үлэлиирэ,ыйдааҕы хамнаһын акылаата, поеһынан айанын , 10 бууттан ордуга суох. таһаҕаһын,ону таһынан, үлэлиир болдьоҕо бүттэҕинэ төннөр проеһын эмиэ республика уйунара,  ыйыллыбыта.

1925 с. Балаҕан ыйын 14 күнүгэр. М.К.Аммосов бэрэстээтэллээх Совнарком киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар Саха сиригэр судаарыстыбаннай  Национальнай библиотека тэриллэрин туһунан боппуруос көрүллүбүтэ.  Уураахха библиотеканы Москваттан кэлэр кинигэлэри таһынан Дьокуускай публичнай библиотекатын кинигэлэринэн толорорго диэн ыйыллыбыта.

Алтынньы 10 күнүгэр  САССР совнаркомун иһинэн сүбэ мунньахха библиотека уонна музей боппуруостара көрүллүбүттэрэ. Мунньахха бааллара: совнарком бэрэстээтэлэ М.К.Аммосов,эргиэн,  былаанныыр комиссияттан Гущин, Колосов. Политпросветтан Кремнев, музей сэбиэдиссэйэ Москвин , “ Саха кэскилэ”уо-ба сэкэрэтээрэ Попов, куорат библиотекатын сэбиэдиссэйэ Дельгинин , “ Саха кэскилэ” уо-ба  библиотекатын сэбиэдиссэйэ Лонская.

Бу мунньахха 1887 с тэриллибит  Дьокуускай куорат публичнай библиотекатын, бу библиотека Саха сирин олохтоохторун кинигэнэн хааччыйыыга өҥөтүн,  дойду Илин уһугар соҕотох улахан библиотека буоларын ыйан туран, туспа библиотека буоларын тохтотон, Саха национальнай библиотекатын тэрийэр туһунан боппуруос көрүллүбүтэ.

Кинигэ дьиэҕэ бэриллибэккэ библиотека бэйэтин иһигэр туһаныллыахтааҕа ыйыллыбыта.

Куорат ааҕаччыларын кинигэнэн хааччыйар сыалтан, куорат библиотеката Национальнай библиотека салаатын быһыытынан туспа тэриллэрдээх, үлэһиттэрдээх,ааҕааччыга дьиэҕэ бэриллэр усулуобуйалаах үлэлиирэ ыйыллыбыта.   Маны таһынан, Национальнай библиотекаҕа сыһыана суох,  Политпросвет иһинэн, көһө сылдьар библиотека салгыы  үлэлиирэ көрүллүбүтэ.

Национальнай библиотека туһунан балаһыанньаны  оҥоруу  үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын наркоматыгар  сорудахтаммыта

Биир сүрүн боппуруоһунан библиотека дьиэтин боппуруоһа  турбута.

Музейы библиотека дьиэтиттэн таһааран,  архиерей дьиэтигэр көһөрөргө, оттон  музей миэстэтигэр  Саха национальнай библиотекатын тэрийэргэ быһаарбыттара.

(НА РС(Я).Ф.Р-1229.Оп.2.Д4.Л.23-24.Копия.Машинопись)

Библиотека салалтатыгар  Наталья Николаевна  Бурыкина 1925-1928 сс. үлэлээбитэ. Кини кэнниттэн библиограф үөрэхтээх Николай Николаевич Грибановскай салалтаҕа кэлбитэ.

Ити курдук, Национальнай библиотека тэриллиитэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Москваҕа бэрэстэбиитэлэ  Иван Николаевич Винокуров  кыттыытынан  барбыта диэн бэлиэтиир наада.

Ити  кэнниттэн уон сыл ааспытын кэннэ,1935 с Иван Николаевич Винокуров  иккистээн бэрэстэбиитэлинэн талыллан үлэлиир кэмигэр, Кремль клиникатыгар сүрэҕэ тохтообута.Бөдөҥ государственнай деятель баара-суоҕа 42 сааһыгар олохтон туораабыта.Үлэлиир остуолугар  республикабыт хоту оройуоннарыгар культура базатын кэҥэтии туһунан илии баттааһыннаах  докумуона сытан хаалбыта…

Бөдөҥ государственнай деятели анал комиссия тэриллэн   улахан похороннай  процессиянан Новодевичэй кылабыыһаҕа атаарбыттара. Бөдөҥ государственнай деятеллэр, олор ортолоругар И.В.Сталин кэргэнэ көмүллүбүт миэстэлэрин таһыгар кистээбиттэрэ.

Ити сыл Иван Николаевич Винокуров аатын үйэтитэр сыаллаах САССР  Киин Ситэриилээх кэмитиэтин Президиумун мунньаҕын  1935 с. Тохсунньу 20 к. боротокуолугар ыйылларынан,Таатта оскуолатыгар, потребкооперация техникумугар уонна Саха ГосударственнаНациональнай библиотекатыгар  И.Н.Винокуров аата бэриллэрин туһунан  быһаарыы ылыммыттара                              (НА РС(Я).Ф. 1229.Оп.2.Д.4.Л.32-36)

Биллэрин курдук, 1937 с. П.А.Ойуунускай Иркутскайга, .. М.К.Аммосов Фрунзе куоракка  сымыйа буруйунан тутуллубуттара. Репрессия ытарчатыгар И.Н.Винокуров 1938с. олохтон барбытын кэннэ үс сыл ааспытын кэннэ хабыллыбыта.   Олохтон туораабыт киһини кытта репрессиялыылларын биир туоһутунан Иван Николавич Винокуров буолбута. Бу сылга М.К.Аммосов, И.Н.Барахов “Коммунарка “ полигонугар ытыллыбыттара. 1939 с. Алтынньы 31 Күнүгэр П.А.Ойуунускай сырдык тыына Дьокуускай түрмэтигэр быстыбыта

Ыам ыйын 28 к. 1938 с. ВКП (б) Саха сиринээҕи обкомун бюротун  уурааҕынан П.А.Ойуунускай,. И.Н.Винокуров  М.В.,Мегежекскэй. И.Н.Жирков норуот өстөөхтөрүнэн биллэриллибиттэринэн, кинилэр ааттара тэрилтэлэртэн уһуллубуттара, кинилэр ааттарынан персональнай быһаарыылар тохтотуллубуттара. Национальнай библиотекаҕа Серго Орджоникидзе аата иҥэриллибитэ.

Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат.  1955 с.ахсынньы 15 күнүгэр  П.А.Ойуунускай үтүө аата тиллибитэ. Биллэрин курдук ,. П.А.Ойуунускай аата Саха театрыгар  иҥэриллибитэ.М.В. , И.Н.Жирков аата Дүпсүн орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ, М.В.Мегежекскэй аатынан Сатал микрорайоҥугар уулусса баар буолбута .

И.Н.Винокуровы үйэтитэн   улууспутуттан Бузулук куоракка делегация барыыта тэриллибитэ, Новодевичэй кладбищеҕа оголорун , сиэннэрин кытта дойдутун буорун, сибэкки дьөрбөтүн, уурбуттара. Улууспут   киинигэр уонна Арыылаах нэһилиэгэр бюстар турбуттара,  республиканскай научнай-практическй конференция ыытыллыбыта.

Иван Николаевич Винокуров атын репрессия сиэртибэлэрин кытта реабилитацияламмыта, оттон  үтүө аата  үйэтитиллэн иҥэриллиитэ, чуолаан, Национальнай библиотекаҕа аата  төннө илик…

Варвара Попова, суруналыыс