Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Белолюбскай Арыылааҕыттан 1941 сыллааҕы аан бастакы ыҥырыыга алта киһи барбыта. Уодаһыннаах өстөөҕү утары охсуһууга ыҥырыллыбыт ити дьон иһигэр Роман Барашков баара.
- Сэрииттэн биһигиттэн үспүт эрэ – миигиттэн ураты Сыромятников Петр Самсонович уонна Сивцев Николай Петрович эргиллибиппит, — диэн кэпсээбиттээх Роман Иванович. – Оттон үс доҕорбут – Карсанаев Серафим Терентьевич, Демьянов Василий Петрович уонна Сивцев бииргэ төрөөбүт убайа Роман кыргыһыы хонуутугар охтубуттара.
Роман Барашков үс ый үөрэҕи барбыта. Онтон сулбуччу фроҥҥа айаннаан Ленинградскай уобаласка тиийбитэ. Манна стрелок саллаат сүүрбэччэ хонук устата хабыр хапсыһыыларга кыттыбыта. Ол кырыктаах охсуһууттан ыараханнык бааһыран туораабыта.
Кылгас кэм иһигэр Роман Иванович сэрии алдьархайын толору билбитэ. “Сарсыарда халлаан сырдыыта бэрт элбэх киһи охсуһууга киирэрбит да, бэрт аҕыйах киһи төннүбүтэ”, — диэн ахтар саллаат. Өлүү-сүтүү ол курдук улахана. Дьэ итинник кыдыйсыыга кини инники хорсуттар кэккэлэригэр этэ. Ол туоһутунан түөһүгэр сэрии бэтэрээнин “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Ленинград оборуонатын иһин”, “Германияны кыайыы иһин” о.д.а. мэтээллэр бааллара.
Роман Иванович олоҕо олоччута үтүөкэннээх этэ. Үлэһит киһи ааспыт суола. Колхуос тэрилтэлэрин кытта кини биир бастакы чилиэнинэн буолар уонна үлэ-хамнас үөһүгэр, дьоһуннааҕар сылдьыбыта. Массыынанан от оҕустарара, мустарара. Өр сылларга Охотскай перевозтан көмүстээх бириискэлэргэ таһаҕас таһара, онтон кэлин биригэдьиирдээбитэ. Оттон армияҕа булка үөрэнэн иһэн ыҥырыллыбыта.
Сэрииттэн кэлээт, хонууга үлэлиир. Ол эрээри бэркэ тартаран, армияҕа барыан иннинэ үөрэнэн испитин салҕаан күндү түүлээх сонордьута буолар. Бу мындыр идэни бэйэтэ баһылаабытын тэҥэ, булт ыллыгар ыччаттары таһаарбыта.
Отуттан тахса сыл кадровай булчут Роман Барашков Ийэ дойду валютнай фондун элбэх “сымнаҕас кыһыл көмүһүнэн” хаҥаппыта. Былаанын толорботх сыла суоҕа. Саамай бултуйбут дьылыгар 1400 солкуобайдааҕы туттарбыта. Үксүн тыһыынчалааҕынан “айаннаабыт”. Кини холбоон түөрт сыл Амма оройуонун Нуотаратыгар, Алексеевскайга Чычымах Амматыгар, Мындаҕаайыга уоннааҕытын наар дойдутугар – булт, күөл аҕыйах сиригэр – түүлээхтээбитэ. Онон үгүс кыһамньытынан, сыратынан үчүгэй булчут этэ.
Булчут сайынын – ходуһа хонууга: кэбиһиигэ бугул угааччы, тракторга кыдамаһыт. Кэнники сайыннарга оскуола оҕолорун илии звеноларын салайан түбүктэммитэ, үлэ бөҕөнү көрсөннөр, күөх быйаҥы көбүччү соҕотуопкалыыллара.
Үтүө үлэтинэн-хамнаһынан Роман Иванович Субуруускай аатынан сопхуоһун салалтатын, баартыйа райкомун уонна райсэбиэт исполкомун Бочуотунай грамоталарынан хаста даҕаны наҕараадаламмыта. Кини пенсияҕа тахсан да баран, дьэ ити курдук тэппит атаҕын кубулуппатаҕа: кыһынын – булт күрэҕэр, сайынын – хомуур былдьаһыгар сылдьара.
Роман Иванович түөрт оҕо дьоллоох аҕата. Улахан уола Николай сопхуос биир чулуу суоппара, уруккута оройуон чөмпүйүөнэ, коммунистическай үлэ удаарынньыга, сельсовет дьокутаата этэ. Кини аннынан, Роман эмиэ механизатор, тырахтарыыс. Сэбиэскэй Армияҕа сулууспалыы сылдьан коммунистическай үлэ удаарынньыга буолан үөрдүбүттээҕэ. Икки оҕото үөрэх, сынньалаҥнарыгар үлэ дьонноро.
Сэлии, үлэ бэтэрээнэ “Алданзолото” кэмбинээт бастыҥ оробуочайдара Л.З. Калинников уонна С.А. Седельников Улуу Кыайыы 30 сыла туолуутун чиэһигэр 100 күннээх ударнай вахтаҕа турарга ыҥырыыларын бэркэ кэрэхсээн көрсүбүттээҕэ. Онно хардаран кини “бултуурбар ордук кыһаныам, оҕолорбун эмиэ мунньан, салайан өссө тэрээһиннээхтик оттуохпут” диэн үтүө былааннааҕын этэн, ол онтун чиэстээхтик толорбута.
С. Данилов
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй