Тыа сиригэр улааппыт уол нууччалыы хантан билиэ баарай? Инньэ гынан бастаан эрэйдэммитэ. Хата, аҕата Ньукулай оҕонньор кыратыттан такайбыт буолан, сүгэнэн бэркэ туттара. Маска дьоҕурдааҕа тута биллэрэ. Онон, оччолорго Дьокуускайга ФЗО оскуолатыгар үөрэнэ киирбит уол, сотору болуотунньуктар биригээдэлэригэр ананар. Дьиэлэр тутууларыгар үлэлэһэр.
Бэс ыйын 6 күнүгэр военкомакка ыҥырыллыбыта. Ити кэмҥэ Николай 25-с дьиэни тутуһа сылдьара. Бодоруспут доҕотторуттан арахсан, аҕатыныын быраһаайдаһан, саллаат суолун туппута.
Ити 1944 сыл этэ. Кыһыл Армия фашистскай сэриилэри Ийэ сиртэн үүрэн, Европа атын норуоттарын босхолуур соругу туруоруммут кэмэ. Комсомолец Николай Андреев, саха элбэх хоһуун уолаттара байыаннай үөрэххэ Мальтаҕа тиийэн үөрэммитэрэ. Аҕыйах хонугунан эмиэ армияҕа сылдьар убайын Ильяны көрсүбүтэ. Ини-биилэр илиилэригэр саа-саадах тутан өстөөхтөн өһү ситиһэр күннэрэ үүммүтэ…
- Онтон ыла элбэх сыл ааста. Сэриилэспит сирдэрбин умнаталаан да бардым… Ити дьыл күһүн Ленинградскай фроҥҥа тиийбитим. I-кы Украинскай фроҥҥа сэриилэспитим. Ручной пулеметтаах окуопаҕа сытан немецтэр атаакаларын утары уоту аһарым. Бастаан 88мм, онтон 122мм буускаларга, кэлин 152мм гаубицаҕа орудийнай нүөмэринэн сылдьыбытым… Белая Церковь куораты босхолоспутум, РРРРРРРРюбдьвдвдРумыния,Венгрия, Германия сирдэринэн сэрии уотун аннынан айаннаабытым.
Вена куораты босхолооһуҥҥа кыттыбытым. Ол тухары оһохторун турбата эрэ ордон хаалбыт дэриэбинэлэри, уот-буруо бүрүйбүт, урусхал буолбут куораттары төһө үгүһү ааспыппын бэйэм да өйдөөбөппүн… Нууччалар барахсаттар үтүө дьоннор. Кинилэр атас-доҕор, быраат оҥостон илдьэ сылдьыбыттара, — диэн ахтыбыттаах Николай.
Гвардеец-буойун Николай Николаевич Андреев бойобуой наҕараадаларын ортотугар “Венаны ылыы иһин” диэн мэтээл баара.
Убайа Илья Николаевич эмиэ кэпсээнэ кэмчи буолан биэрбиттээҕэ. Кини кыра үөрэхтээх, колхуостаах уол этэ. Мальтаттан фроҥҥа барарыгар Улуу Кыайыы адьас чугаһаабыт курдуга. Аатырбыт Сэбиэскэй полководец, Сэбиэскэй Сойуус маршала Толбухин хамаандалыыр III-с Украинскай фроҥҥа түбэспитэ.
529-с стрелковай полк Вена туһаайыытынан сэриилэһэр кэмиттэн биир түгэни үчүгэйдик өйдөөн хаалбыт. Фашистар отучча таанканан уонна бэйэтэ хаамар орудиеларынан күлүктэнэн атаакаҕа киирбиттэрэ. Сир-халлаан хара будулҕан буолбута. Икки өттүттэн үгүс киһи охтубута.
Гвардеец Илья Андреев автоматынан уоту аһа сыттаҕына, иннигэр уот кутаанан силбиэтэнэн, тимир тиһиликтэринэн үлтү тэпсиэх курдук таанка ньирилээн кэлбитэ. Гвардеец онтон уолуйбатаҕа. Кинини ити ыстаал куйахтаах күтүр үлүгэри кытта хайдах охсуһарга нуучча хамандыыра үөрэппитэ. “Өссө чугас киллэриэххэ, бензобагын таба туһаайыахха” диэн Илья таанканы уматар гранаататын ылар. Өндөс гынаат, быраҕан кыыратар. Хаптас гына түһэн баран, өҥөйөн көрбүтэ, били баҕайы ханна да барар кыаҕа суох буолан эргичиҥнээн эрэрэ. Фашистар таанкаттан куотаары ыстанан тахсаллар. Ону Илья доҕотторунаан автомат уотунан көрсүбүттэрэ.
Гвардеец-буойун ити кыргыһыытын иһин “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кэлин Кыайыы буолуо адьас аҕыйах хонук иннинэ, муус устар 29 күнүгэр, атаакаҕа киирэн иһэн уҥа атаҕар бааһырбыта. Буойун Венаны ылыы кэнниттэн босхолоспут дойдуларыгар Румынияҕа, Чехословакияҕа, Югославияҕа сылдьыталаабыта.
* * *
Ини-бии гвардеецтар олохторун тиһэх сылларыгар диэри Эрилик Эристиин аатынан сопхуос киэн туттар төһүү үлэһиттэрэ этилэрэ, хойукка диэри нэһилиэк биир дьоһун-мааны ыалларынан биллэллэрэ.
Николай Николаевич сопхуос мастарскыайыгар столярдаабыта. Кини болуотунньугунан уонна болуотунньуктар биригээдэлэрин салайар кэмигэр дьэндэппит тутуулара сопхуос бөһүөлэктэрин киэргэтэллэрэ. Ыаллар аныгылыы көстүүлээх дьиэлэрин, сүөсүһүттэр олорор уопсайдарын, хотоннору, гараажтары отуттан тахса сыл тутуспута. Тутааччы – үтүөкэн идэ. Кини ити идэтинэн киэн туттуон туттара.
Кэргэнэ Анастасия Петровна – алта оҕо ийэтэ этэ. Детсадка повардыыра. Улахан уоллара Саша онуһу бүтэрээт, Сэбиэскэй Армияҕа сулууспалаабыта. Эйэлээх кэм саллаата, гвардеец аҕатын бойобуой үгэстэрин утумнааччынан буолбута. Аны биэс оҕо үөрэх-билии чыпчаалын дабайбыттара.
Абаҕалара Илья Николаевич хонуу хоһууна, ферма төһүү үлэһитэ этэ. От оттоон, мас мастаан сопхуоһун туһугар сырыласпыта. Нуотара, Халааны, Амма үрэхтэригэр сайылыыра, кыстыыра. Оннук дуулаҕа үлэһит да буолан, Москубаҕа НХСБС Быыстапкатыгар сылдьар чиэстэммитэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр көхтөөх кыттыыларын туоһута буолан, гвардеецтар түөстэрин бойобуой мэтээллэр, знактар киэргэтэллэр, ол суостаах сыллары санаталлар, тохтубут хааннара таах хаалбатаҕын өйдөтөллөр.
П. Седалищев
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй