Ийэ уонна аҕа – оҕоҕо биир тэҥ күндү

Хас биирдии киһи бу орто дойдуга ийэттэн төрөөн, сирдээҕи олох диэни билэр. Дьоллоох, чаҕылхай күннээх оҕо саас умнуллубат күннэрэ, сүрэххэ сөҥөр бары суолталаах түгэннэр ийэни, дьиэ кэргэни кытта быстыспат ситимнээхтэр.

1993 сыллаахха Сахабыт сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Ийэ күнүн алтынньы үһүс өрөбүлүгэр бэлиэтиир туһунан уураах таһаарбыта. Бэлиэтээн эттэххэ, Арассыыйаҕа маннык анал даата 1998 сылга эрэ киирбитэ. Сахаҕа төрөөн ааспыт чулуу киһибит Михаил Ефимович үтүмэннээх үгүс, киэҥ хабааннаах, сайдыыга сирдиир быһаарыныыларыттан дьиэ кэргэни өйүүргэ, ийэ үрдүк аатын өрө тутарга туһулаан олохтообут бэлиэ күнэ номнуо 30-тан тахса сылын өрөспүүбүлүкэбитигэр ылыллар.

Быйыл Сахабыт сиригэр Ийэ, Арассыыйаҕа Аҕа күнэ чопчу алтынньы 15 күнүгэр сөп түбэһэн бэлиэтэнэрэ бу күнү икки бүк суолталыыр. Тоҕо диэтэххэ, бу күн сиригэр төрөөбүт-үөскээбит оҕоҕо бука барытыгар ийэ да, аҕа да – биир тэҥ күндү.

Өбүгэлэрбит төһө да кыра-хара норуот буолан уустук, аас-туор олоҕу олорон аасталлар, биһиэхэ, саха оҕолоругар, аҕам саастаахтарга, төрөппүттэргэ ытыктабыллаах сыһыаны, дьиэ кэргэн иһигэр бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан, таптал, өйдөһүү, ахтыһыы иһирэх тыынын угуттаан иҥэрбиттэр эбит дии саныыбын. Билигин аан дойду үрдүнэн араас быһыы-майгы, дьалхааннаах кэм уодаһыннаах тыына сабардаан турар кэмигэр биһиги хаһааҥҥытааҕар да бэйэбит үгэстэрбитин, сиэрбитин-туоммутун, сахалыы холку майгыбытын өрө тутан, төрүттэрбит кэс тылларын толоруохтаахпыт. Ол эбэтэр норуот быһыытынан сүппэт-симэлийбэт туһуттан сахабыт тылын сүөгэйин-сүмэтин оҕолорбутугар тиэрдэн, кэрэ бэйэлээх айылҕабытын, тулалыыр эйгэбитин харыстаан, толору дьиэ кэргэҥҥэ, иһирэх сыһыан, таптал эйгэтигэр үүнэр көлүөнэни иитэн өбүгэлэрбитин кытта көстүбэт ситими салгыахтаахпыт.

Аныгы кэм ирдэбилинэн билигин оҕо буоллун, улахан киһи буоллун, бары суотабай төлөпүөннээхпит, көмпүүтэрдээхпит, күннэтэ интэриниэт көмөтүнэн бүтүн планета сонунун көрөр-билэр кыахтаахпыт. Оҕоҕо бу хайдах курдук сабыдыаллыырын туһунан араас хабааннаах кэпсэтиилэр, ырытыһыылар сотору-сотору ыытыллаллар. Ол эрээри, туох да диэбит иһин, хас биирдии оҕо инникитэ, бастатан туран,  дьиэ кэргэҥҥэ иитииттэн тутулуктаах. Бэйэм кэтээн көрөрбүнэн, билиҥҥи кэмҥэ эдэр төрөппүттэр иитии боппуруоһугар улахан болҕомтолорун уурар буолбуттар, манна сыһыаннаах үгүс кинигэни ааҕаллар, кыһалҕалаах буоллахтарына, тустаах исписэлиис көмөтүнэн тута быһаарарга дьулуһаллар, оҕо психологиятын үөрэтэллэр, бары өттүнэн сайдыылаах, доруобай, үтүө киһини иитэн таһаарарга ылсаллар. Бу – олус үчүгэй, кэскиллээх суол.

Кэккэ сылларга дойдубут Бэрэсидьиэнин, Ил Дархаммыт, Бырабыыталыстыбабыт өттүттэн дьиэ кэргэни араас хабааннаах өйүүр бырагыраамалары үлэлэтэн, өрөспүүбүлүкэбит, улууспут эдэр ыаллара олус туһаннылар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Арассыыйаттан, өрөспүүбүлүкэттэн Ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаала, чааһынай дьиэ туттууга, кыбартыыра, уһаайба ылыныытыгар, бэйэ дьыалатын арыныыга, гаас ситимин киллэриигэ көмө, субсидия уо.д.а. көрүллэрэ олохторун оҥостор эдэр дьоҥҥо улахан төһүү күүс буоллаҕа. Онон төрөппүт оҕону төлкөлүүргэ, алаһа дьиэни араҥаччылыырга, билиҥҥи дьон сиэринэн, баар көмөнү туһанан кэлэр олоҕу түстүүр кыах эдэр дьоҥҥо баар.

Үүнэн эрэр Ийэ уонна Аҕа күнүнэн ааҕааччыларбытын эҕэрдэлиибин, бигэ туругу, чэгиэн доруобуйаны баҕарабын! Олохпутугар хайдах да кэм кэлбитин иһин Саха сирин, саха дьонун инникитэ энчирээбэт эрэллээх, тулхадыйбат тутулуктаах буоллун! Түгэнинэн туһанан, бэйэм төрөппүттэрбэр анаабыт хоһооннорбун эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабын.

 

Ийэбэр

Эн ыраас дууһалаах бэйэҕин

Курус тыал холустук кууспатын,

Күлүмнэс күн тэҥэ мичээргин

Көс былыт күлүлгэ саппатын.

 

Ийээ, олус да күндүгүн,

Тэҥниибин эйигин бу күҥҥэ.

Ийээ, олус да сырдыккын,

Угуйа тураҕын кэрэҕэ!

 

Эн нарын, сып-сылаас илиигин

Ыраата сылдьаммын ахтабын,

Эн эппит, такайбыт тылларгын

Өрүүтүн сүрэхпэр тутабын.

 

Дьолломмут, сырдаабыт мөссүөҥҥүн

Ардыгар мин түһээн көрөбүн,

Истиҥник кэпсэтэр кэммитин

Күннэтэ кэриэтэ күүтэбин.

 

Аҕабар

Мин ханна да сырыттарбын,

Сүрэхпэр өрүү эн бааргын,

Ыраас, сырдык санааҕынан

Миэхэ күнүм буолаҕын.

 

Мин ыраах да сырыттарбын,

Санааҕынан чугаскын,

Өрүү сылаас тылларгынан

Арчылыы, алгыы сылдьаҕын.

 

Холку, үтүө майгыгынан

Мэлдьи холобур буолаҕын,

Күүстээх, хоһуун санааҕынан

Куйах тэҥэ хаххалыыгын.

 

Сир-дойду кэрэтин, сырдыгын

Эйиэхэ, аҕабар, көрөбүн,

Бу маннык аҕалаах буоламмын

Олохпор оҕолуу дьоллоохпун.

 

 

Наталья Сибирякова.