Быйыл Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ күнэ алтынньы 15 күнүгэр сөп түбэһэн, Аҕа күнүн кытта тэҥҥэ бэлиэтэннэ. Бырааһынньыгы көрсө, улууска үгэс быһыытынан, элбэх оҕолоох бастыҥ ийэлэри чиэстээтилэр.
«Ийэҕэ махтал» улуус үрдүкү бэлиэтинэн Болтоҥо нэһилиэгин олохтооҕо, 6 оҕо күн күбэй ийэтэ, урбаанньыт Анастасия Петрова наҕараадаланна. Маны сэргэ П.И. Борисова аатынан бириэмийэни Болугуртан 10 оҕолоох Жанна Кожурова уонна Мугудайтан 8 оҕо күн күбэй ийэтэ, 21 сиэн, 4 хос сиэн амарах эбэтэ Екатерина Коротких туттулар.
Бу күннэргэ кинилэртэн оҕо иитиитин тула кэпсэтиигэ үгүс боппуруостары ыйыталастыбыт.
Төрөппүт истиҥ сыһыана
Екатерина Фоминична билигин Дьокуускай куоракка олорор, быйыл 80 сааһын томточчу туолла. Кини үлэтин Чурапчы орто оскуолатыгар старшай пионер баһаатайынан саҕалаабыт. Онтон 1963 сыллаахха Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университет биолого-географическай факультетыгар үөрэнэ киирбит. Идэтин толору баһылаан, 20 сыл устата биология уонна химия учууталлаабыт. 1986 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри продленнай бөлөххө иитээччинэн үлэлээбит. Екатерина Фоминична үлэ бэтэрээнэ, Мугудай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, «ССРС Ийэҕэ албан аат» 2-с, 3-с истиэпэннээх уордьан, «Учууталлар учууталлара» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэлиэ хаһаайына. Кэргэнинээн, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна Владимир Ивановичтыын 7 уол, 1 кыыс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, билигин оҕолоро өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Төрөппүттэрин туһунан уоллара Иннокентий Владимирович истиҥник ахтар:
— Дьиэ кэргэнинэн бырааһынньыктары бииргэ бэлиэтиибит. Ол курдук, оҕо оскуоланы бүтэрэр, үөрэххэ киирэр үөрүүлээх түгэннэри, Саҥа дьылы, төрөөбүт күннэри үөрэ-көтө көрсөбүт. Бу бырааһынньыктар ийэбит суох ыытыллыбаттар. Саҥа дьыл бырааһынньыгын сыл буола-буола көһө сылдьан бэлиэтиибит. Быйыл, холобур, ийэбит улахан сиэнигэр мустан, көрсүөхтээхпит. Аны хайаан да туох эрэ тиэмэлээх буолар. Эрдэ төрөөбүт сылларынан, кыылларынан, мультик дьоруойдарынан маскараат буола сылдьыбыппыт.
Сайыҥҥы кэмҥэ ийэбит Мугудайга тахсар. Эбэлэрин кытта сиэннэрэ сир астыыллар. Мугудайга чэйдиир, сынньанар балаҕаннаахпыт. Ийэбит төрөөбүт алааһыгар, үгэс быһыытынан, аҕыйах хонукка тахса сылдьааччыбыт. Ийэбитин илдьэ, быйыл дьиэ кэргэммитиниин алта массыынанан Булууска, Күрүлүүргэ сынньанан, сөтүөлээн кэлбиппит.
Бииргэ төрөөбүттэр үгүспүт уол буолан, дьиэ бары үлэтигэр сыстаҕаспыт. Ийэбит дьуһуурустуба олохтуур этэ. Инньэ гынан этиһиитэ-охсуһуута суох дьиэ ис-тас үлэтин барытын кэмигэр толорорбут. Иллэҥ кэммитигэр кыралыын-улаханныын дуобаттааччыбыт, саахыматтааччыбыт, хаартылааччыбыт. Аҕабыт сылга биирдэ, иккитэ турнир тэрийэрэ. Ол иһин буолуо, өйгө суоттааһыҥҥа үчүгэйбит. Ийэбит сааһырдар да, сөбүлээн остуол оонньууларын оонньуур. Аҕыйах сыллааҕыта уокуруктааҕы саахымат күрэҕэр кыттыбыта. Үс бириистээх миэстэ иһигэр киирээччи.
Ийэлээх аҕабыт үлэлэриттэн хойут кэлэллэрэ. Ийэбит сылайбытын көрөн, көмөлөһө сатыырбыт. Аҕабыт сайыннары күрүө тутуутугар үлэлиирэ, биригэдьиирдиирэ. Дэриэбинэ оҕолорун кытта тэҥҥэ кирпииччэ үктээһинигэр, күрүө тутуутугар үлэлиирбит. Убайдарбыт окко сылдьаллара. Аҕабыт учуутал буолан, кинигэни олус сыаналыыра. Дьиэбитигэр элбэх кинигэлээх буоларбыт. Оҕолор былдьаһа сылдьан, түүннэри, суорҕан анныгар банаарбытын тыктара-тыктара кинигэ ааҕан мөҕүллэрбит.
Аҕабыт биһиэхэ аахпыт кинигэлэрин кэпсиирин, олус сэҥээрэн истэрбит. Элбэх сиэрийэлээх «1000 и 1 ночь”остуоруйаны нэдиэлэни быһа кэпсээбитин бу баардыы өйдүүбүн. Ийэбит өссө уот бардаҕына, хараҥаҕа оһох иннигэр олорон ыллыырын билигин күлэ-үөрэ истиҥник саныыбын, дьиҥэр, күннээҕи олоҕор хаһан да ыллаабат киһи.
Балтыбыт саамай кырабыт буолан, дьон наһаа атаах, мааны буолуо диэччилэр. Кини төттөрүтүн, саамай түмэр киһибит. Ийэбитин кини көрөн-истэн олорор, ыытыллар дьиэ кэргэнинэн тэрээһиммитин барытын тэрийэр биир тутаах киһибит.
Оҕону үлэнэн иитии
Анастасия Васильевна – үлэ, киинэ бэтэрээнэ, ССРС уонна Арассыыйа киноматографиятын туйгуна, Болтоҥо нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буолар. ОПТУ-га киномеханик идэтин баһылаан, 2002 сылга диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Ити сыл тус маҕаһыынын арынар. Анастасия Васильевна дойдуга ыарахан кэмнэргэ тус кыһамньытынан, оҥорбут үлэтинэн дьон сыанабылын ылыан ылбыт. Кини аҕам саастаах дьоҥҥо, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, атыылаһааччыларыгар истиҥ сыһыаннаах. Сыл аайы Саҥа дьылынан, Үрүҥ тунах ыһыаҕынан бэлэхтэри оҥорор, үтүө санаа аахсыйаларыгар кыттыһар. 2021 сылтан маҕаһыынын төрөппүт кыыһыгар биэрбит. Анастасия оҕолоро бары үлэһиттэр, эйэлээх дьиэ кэргэн ийэлэрэ, аҕалара, улуус, нэһилиэк уопсастыбынньыктара буолаллар. Билигин кини оҕолоругар көмөлөһөн, 15 сиэнин көрсүһэр.
— 6 оҕолоох аҥаардас ийэ буоларым быһыытынан, кыра эрдэхтэриттэн барыларын тэҥҥэ тутан, бииргэ түмэн, биир дьиэ кэргэн өйдөбүлүн иҥэрбитим. Түөрт кыыспын уһуйаан саҕаттан биир тэҥ таҥаһы таҥыннарарым. Сыры сыллата буолан, олус эйэлээхтик оонньууллара. Уолаттары эдьиийдэрэ көрөн-истэн улаатыннарбыттара, миэхэ улахан көмө буолбуттара. Улахан бэлиэ дааталарга хайаан да бары түмсэбит, билигин да бииргэ бэлиэтиибит. Ол курдук, Саҥа Дьылга, ыһыахха, Ньукуолуҥҥа, Ийэ күнүгэр уо.д.а. сахалыы сиэри-туому тутуһан, оҕолордуун, сиэннэрдиин бииргэ түмсэбит. Оҕолорум дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннаах, аһыныгас дууһалаах, айылҕаҕа олус чугас буолалларыгар эрдэттэн уһуйбутум. Хас сайын ахсын дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа тахсан, сиэри-туому тутуһан, сир астыыбыт, дуоһуйа сынньанабыт.
Оҕолорбун үлэнэн ииппитим. Кыра эрдэхтэриттэн илиинэн оттотон сүөһү-ас ииттэрбит. Ханнык баҕарар ыарахан үлэни батыһыннара сылдьан үөрэтэрим. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхтэриттэн сүөһү көрүүтэ кинилэр күүстэринэн кыаллара. Оҕуруот аһын арааһын олордуу, хортуоппуй, сибэкки, үүнээйи көрүүтэ уо.д.а. түбүктээх үлэлэри бэрт кыһамньылаахтык, эйэ- дэмнээхтик үллэстэн үлэлииллэрэ. Билигин аны сиэннэрим ийэлэриттэн бэриллибит үтүө үгэһи, үлэни өрө тутууну иҥэринэллэр.
Төрөппүт оҕотугар холобур буолар
Жанна Петровна 1979 сыллаахха Амма оройуонугар төрөөбүт. 1998 сыллаахха Болугур нэһилиэгиттэн төрүттээх Илья Кожуровтыын ыал буолаллар. Кожуровтар – 10 оҕо күн күбэй ийэтэ, аҕата буолаллар. Жанна Петровна 2013 сылтан «Чурапчы» ТХПК арыы оҥорор сыаҕар үлэлиир. Кини үлэһит быһыытынан эппиэтинэстээх, үлэҕэ баҕалаах киһи буоларын көрдөрбүт. Нэһилиэк ыытар бары тэрээһиннэригэр ситиһиилээхтик, көхтөөхтүк кыттар. «Ийэҕэ албан аат» 2-с истиэпэннээх бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
— Биһиги дьиэ кэргэн былыр-былыргыттан өбүгэлэрбититтэн ситимнэнэн кэлбит үгэспитин, сахалыы итэҕэлбитин, култуурабытын сыаналыыбыт, дьиэҕэ-уокка, айылҕаҕа сылдьан, сиэри-туому тутуһабыт. Сынньалаҥы, өрөбүллэри бары бииргэ атаарабыт. Оҕолорбутун от-мас, дьиэ үлэтигэр сыһыаран, кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэбит-такайабыт. Ол иһин билигин оҕолорбут бэйэлэрин саастарыгар сөптөөх, кыайар үлэлэрин толорор үөрүйэхтээхтэр, сатабыллаахтар.
Киһиэхэ саамай дьоһуннаах иитии ньымата – үлэ. Оҕону төрөппүт икки-үс сааһыттан оонньуурун хомуйтара, үс-түөрт сааһыттан кыралаан биирдии-иккилии маһы-мууһу көтөхтөрөн үлэлэтэргэ, муоста харбыырга, биэс саастарыттан хотон үлэтигэр сыһыаран, куурусса, сибиинньэ, ньирэй аһатарга, сүөһү үүрэн аҕаларга көмөлөһүннэрэрэ тоҕоостоох. Оҕолорбутун 9-10 саастарыттан, козаттан саҕалаан, ынах ыырга үөрэтэбит. Үс саастарыттан саҕалаан, бэйэлэрин баҕаларынан от-мас үлэтигэр батыһыннарааччыбыт. Оҕону үлэҕэ күүспүтүнэн модьуйбакка, бэйэтин баҕатынан көмөлөһүннэрэбит. Үлэҕэ сыстыбыт оҕо ас-таҥас, үп-харчы хантан кэлэрин өйдүүр, олоххо бэлэм буолар.
Оҕоҕо бастакынан төрөппүт холобур буолар. Ол иһин тэҥҥэ илдьэ сылдьан, уопсастыбаҕа хайдах туттан сылдьарга, оҕолору кытта эйэлээхтик кэпсэтэргэ, аҕам саастаах дьону убаастыырга такайабыт.
Оҕо буруйу оҥордоҕуна, таһыйар сыыһа. Тугу сыыһа оҥорбутун, онтон сылтаан, туох буолуон сөбүн тылынан быһаарар туһалаах. Оҕо толкуйдуу үөрэниэхтээх. Ийэ быһыытынан оҕолорбун кытта элбэхтик кэпсэтэ сатыыбын.
Марфа Петрова, видео Наталья Сибирякова