Олоҥхо курдук улуу айымньыбытын ыччакка тириэрдэр дьаһаллар, инникитин норуот быһыытынан тыыннаах тыллаах, культуралаах, дьиҥ сахалыы өйдөөх – санаалаах, ис куттаах буоларбытын мэктиэлииллэр. Онон олоҥхобутун билэр, үөрэтэр, харыстыыр сорук турар. Элбэх чулуу учуонайдарбыт, фольклорбутун чинчийэн хаалларбыт дьоммут ааттарын эмиэ махталлаахтык ахтан ааһар олус наадалаах. Мин бу ыстатыйабар суруйааччы, фольклору чинчийээччи Петр Никифорович Попов-Ачыкы Бүөтүр туһунан сырдатан, кини кимин, кини туох киһитин, кини Саха норуотугар туох өҥөлөөҕүн сырдытыам, умнулла барбыт ааты эһиги сырдык санааҕытыгар сөргөхсүтүөм.
Норуот суобаһа чулуу дьонун дьоһун олохторугар дьэҥкэтик көстөр. Оннук дьоммут ортотугар Петр Никифорович Попов–Ачыкы Бүөтүр аата хайаан да ааттанара сөп. Кини олоҕо, олоххо сыһыана, кырдьык туһугар охсуһуута барыта ол эриэккэс сүдү хаачыстыбаны арылхайдык көрдөрөр. Өссө кини туһунан биллиилээх суруйааччы Иван Егорович Федосеев- Доосо “Олох диэн охсуһуу” кинигэтигэр суруйан турар. Ол суруйуутугар Петр Никифорович олоҕун, кырдьык иһин охсуһуутун бэрт ырылыччы сырдаппыт. Чурапчы ыччата ол кинигэни библиотекаттан булан ааҕара буоллар өй–санаа, майгы–сигили өттүнэн таһым үрдүө, күннээҕи кыһалҕаларга сырдык эркээйи оҥостон дьоһун олохтонуо этэ.
Петр Никифорович Попов Чурапчы Алаҕарыгар төрөөбүт киһи буолар. Ийэтэ кулуба Солуомап–Михаил Степанович Шеломов бииргэ төрөөбүт балта буолар. Сэбиэскэй былаас Солуомаптары сээн диэбэтэҕэ. Кулуба Солуомап Архангельскай уобаласка Соловки лааҕырыгар тиийэн суорума суолламмыта. Ол да буоллар нэһилиэгин дьоно бэйэ бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыаннаах буоланнар буолуо, аҕата Никифор Давыдович норуокка көрсүөтүнэн, көнөтүнэн ытыктанар киһи буолан буолуо Бүөтүр наһаа үтүрүллүбэккэ этэҥҥэ оҕо сааһа ааһар. Бахсы уонна Дьабыыл оскуолаларыгар үөрэнэр уонна 1936 сыллаахха Дьокуускайга рабфакка үөрэнэ киирэр. Ити сылларга рабфакка саха бастыҥ ыччата үөрэнэ мустубут үтүө кэмэ эбит этэ. Кинини кытта биир кылааска Леонид Попов уонна Алексей Петров үөрэммиттэрэ. Леонид Попов кэлин Саха Норуодунай бэйиэтэ буолбута, онтон Алексей Петров өр сыл эргиэн эйгэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбит киһи. Бүөтүр үөрэнэр сылларыгар Былатыан Ойуунускай литэрэтииринэй куруһуогар сылдьан хараҕа кэҥээн, тыла – өһө чочуллан, өйө – санаата сырдаан, бэйэтэ да чулуу үөрэхтээх уол, өссө сайдыбыта. Устудьуон дьон Платон Алексеевич тула бэрт үөрэн, санаалара көтөҕүллэн түмсэллэрэ. Айар эйгэ абылаҥар ылларан сахалыы сайаҕастык санааларын этэн, поэзияҕа, прозаҕа, драматургияҕа холоноллоро. Бүөтүр хоһоон суруйарынан үлүһүйбүтэ. Ол курдук Платон Алексеевич Ойуунускай 1937 сыллаахха айар үлэтин 20 сылын бэлиэтиир дьоро тэрээһин ыытыллыбыта. Ол бэлиэ күҥҥэ рабфак литературнай түмсүүтүн ыччаттара хото кыттыыны ылбыттара. Бүөтүр “Платоҥҥа ыччаттан” диэн 140 строкалаах хоһоон суруйан ааҕарга бэлэмнэнэр. Ол эрэн дьон ортотугар кыайан ааҕар түгэн көстүбэтэх. Кэлин архыыптан көстүбүт “Кыһыл ыллык” бобуллан тахсыбатах үһүс нүөмэрин былааныгар киирбит эбит ол хоһоон. Платон Алексеевич Ойуунускайга анаммыт нүөмэр тахсыахтааҕа кһн сирин көрбөтөх эбит. Платон Алексеевич ол хоһоону тус илиитинэн көннөрөн, сүбэлээн бэлиэтээбит эбит. Бүөтүр ону сүүрбэ сыл буолан баран көрөр дьолго тиксэн, олуһун долгуйар, үөрэр, олоҕун биир дьоро түгэнинэн ахтар.
Рабфагы бүтэрээт Тыл, култуура үнүстүүтүн норуот айымньытыгар үлэһитэ буолан, фольклору хомуйууга үлэлээбитэ. Кини бу бэрт умсугутуулаах үлэҕэ 1938 сылтан 1941 сылга дылы үлэлиир. Хомойуох иһин ити сыллар саха бастыҥ дьонугар, норуоппут чулуу уолаттарын сиэбит ыар содуллаах репрессия сылларын кутуруктара буоллахтара. Дьон бэйэ бэйэҕэ сыһыана муустуйбут, эрэнии, итэҕэйии уостубут кэмэ да буоллар эдэр киһи бэйэтин сырдык санаатынан үлэтигэр дьоһуннук ылсан үлэлиир. Кини үлэтин хайысхата эмиэ оччотооҕу кэм ирдэбилэ буолбута, кини сэбиэскэй фольклору хомуйбута.
Сэрии кэмэ ааҥнаан кэлбитигэр хараҕынан сыыйыллан армияҕа ыҥырыллыбатаҕа. Ол оннугар үлэтин хайысхата тосту уларыйан силиэстийэлиир уоргаттарга үлэлииргэ анаммыта. 1941 сыл балаҕан ыйын саҕаланыытыттан Петр Никифорович практикант-следователь дуоһунаһын сүгэр. Балачча үөрэтэллэр уонна Горнай улууһугар следователинэн үлэлии ананар. Онтон Мэҥэ Хаҥаласка
Кини оччолорго үлэлээбит кэмнэрин туһунан бэйэтэ кырачаан кинигэҕэ суруйан хаалларбыта күндү. “Быһылааннаах бырахсыылартан” диэн аатынан 2003 сыллаахха тохсыбыта. Онно Горнай улууһугар үлэтин олус бэрткэ сырдаппыт. 1942 сыллаахха Даадары быыһаабытын ырылыччы суруйбута олус интэриэһинэй. Даадар диэн аатынан биллэр киһи Федор Григорьевич Винокуров диэн. Суруйааччы, Ойуунускай биир чугас доҕоро, үөрэнээччитэ. Сымыйа балыырынан тута сатаабыттарын Бүөтүр дьиҥ чиэһинэй киһи буолан көмүскээбит улахан өҥөлөөх. Оччотооҕу силиэстийэлиир уоргаттар сымыйаны, кырдьыгы билиммэттии, сэрии бара турар балаһыанньатын туһанан кырыктаах буолуохтарын сөп этэ. Бүөтүр дьиҥ чиэһинэй, кырдьыгы өрө тутар киһи буоларын итиннэ көрдөрбүтэ. Бу кинигэҕэ кини наар быһаабытын эрэ суруйбат, Дьиҥнээх уоруйахтары туппут түгэннэрин эмиэ сырдаппыт. Бар дьон аччык олордоҕуна туонна аҥара бурдук сүтэрэ кырдьык кыһыылаах, буруйга тиксэриилээх буолара хайаан да ситэриллиэхтээх буоллаҕа.
Петр Никифорович сэрии кэнниттэн 1947 сылтан саҕалаан Ойуунускай көмүскэһэр эр санаа ылынар. 1947 сыллаахха балаҕан ыйын 25 күнүгэр Москва куоракка үлэтинэн сылдьан ССРС прокуратуратын силиэстийэлиир отделын начальнигар Л.Р.Шейниҥҥэ киирэр. Онно ойуунускай туһунан ыйытыы биэрэр. Хоруйа диэн маннык буолбут. “Ойуунускай хаайыллыыта киһи быһыытынан тус бэйэтигэр сыһыаннаах, Онтон айымньыта эһиги литератураҕытыгар ураты суолталаах буоллаҕына ВСК(б)П Саха уобаластааҕы комитета партия Киин Комитетыгар туруорсан көннөттөрүөн сөп. Казахтар эһиги Ойуунускайгыт курдук биир киһилэрин туруорсан тилиннэрдилэр”, — диэбит. Ол угаайы буоларын эдэр киһи хантан билиэй? Бүөтүр дойдутугар кэлээт П.А.Ойуунускай революционнай суруйууларын бэчээккэ таһаарарга этэн, БСК(б)П обкомугар сурук тиксэрбит. Дьэ онтон ыла кинини эккирэтиһии саҕаламмыт. Норуот өстөөҕүн көмүскэһэр диэн аатыран тута үлэтиттэн ууратыллыбыта, партийнай билиэтин былдьаабыттара. Уоргаттар кэтэбиллэригэр күүскэ киирбитэ. Хата суут сокуон өттүн билэр буолан хаайыллыбатаҕа диэн ахталлар. Норуот суруйааччыта Николай Лугинов миэхэ бэйэтэ кэпсээн турар. Петр Никифорович Попову хайдах курдук эккирэтиспиттэрин. Биһиги биир дойдулаахпытын кыра эрдэҕиттэн билэр эбит. “Ынырыктаах уустуктары төлө көппүт, дьонтон олус кэлэйбит, ол эрэн аҕыйах да буоллар эрэллээх доҕоттордоох, аймах дьонноох буолан санаата тостубатах үтүө киһи”, — диэн бэлиэтээбитэ. Биир дойдулааҕа Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат эмиэ итини бэлиэтээн турар. Өссө биир киһи өйүгэр баппат түгэн баар. Бүөтүр ойоҕо эмиэ КГБ уоргаттарыгар үлэлиирэ биллибитэ. Петр Никифорович улахан охсууну онтон ылбыта дииллэр, өр сылларга кими да итэҕэйбэт буолуу, дьонтон кэтэнэ сылдьыы арыынан аҕаабатах буолуохтаах. Ол эрэн Бүөтүр хорсун санаалааҕа, кырдьык иһин туруулаһар санаата бөҕөтө сөхтөрөр. Дьиҥнээх саха интеллигена, булгуруйбат санаалааҕа, иһигэр өҕүллүбэт үөстээҕэ, аны ол таһынан сэмэйэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана сымнаҕаһа эмиэ ураты эбит.
Кэлин Николай Дмитриевич Кривошапкины – Уот Субуруускай кытта көрсөн кэпсэппитэ кинигэҕэ киирбитэ, эмиэ сэҥээриини ылыан ылар. Петр Никифорович 1932 сыллаахха Субуруускай салайар отделыгар үлэлээбит эбит. Онон бэрткэ билсэллэр диэххэ сөп. Бүтэһик көрсүһүүлэрэ 1949 сыллаахха от ыйын 22 күнүгэр эбит. Бүөтүр Тааттаттан айаннаан Чурапчыга кэлбит, суоппар остолобуойга аһатар буолбут. Остолобуой ол саҕана куула диэки баара эбитэ үһү. Маҥан баттахтаах, үскэл көрүҥнээх киһи илиитин ууммутунан утары хааман кэлбитин, Бүөтүр хараҕа мөлтөх буолан билбэтэх. Олох чугаһаабытын кэннэ билэн саҥа аллайбыт. Оҕонньор чугас олорор эбитэ үһү, тута ыҥыран дьиэтигэр киллэрбит. Бүөтүр массыынатын кэтэһэн ыксыыр буолан тута санааҕа ылларбытын арыйа баттаабыт. Икки балыырга түбэһэн кырыылаахха кыһарыйтарбыт дьон элбэҕи кэпсэппиттэр. Субуруускай Николай Дмитриевич Бүөтүргэ Ойуунускайы хайыыга хайдах көрсүбүтүн кэпсээбит. Ол кэмҥэ Субуруускай сүрэҕинэн улаханнык ыалдьар эбит. “Хата быраастар сүрэхпинэн инбэлиитинэскэ таһаараннар уоргаттар хаайбакка сылдьаллар, дьиэбэр олордоллор”, — диэн кэпсээбит. Ол көрсүһүү кэнниттэн аҕыс эрэ ый буолан баран Николай Дмитриевич уот төлөннөөх сүрэҕэ букатыннаахтык тохтообут. Бүөтүр онтон олус соһуйбутун суруйбут. Ону таһынан бэлиэтээһинигэр Субуруускай ыар кэмнэригэр биир да хардыы туора хаампатах, куруук өйөөбүт, кини буруйун сүөм да итэҕэйбэт, эрэллээх доҕоро, кэргэнэ Матрена Ивановна буоларын махталлаахтык ыйбыт.
“Быһылааннаах бырахсыылартан” диэн дьоҕус эрээри сүрдээх сэргэх кинигэ ис хоһооно ураты ыллыктаах. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбатын, ол туһугар Олоҥхо бухатыырыныы күүстээх санаалаах дьон төрөөн–үөскээн ааспыттарын киһи сөҕө бэлиэтиир. Петр Никифорович төһө да олоҕо уустук, күөгэйэр күнүгэр баттабылга, хара балыырга сырыттар норуотугар биир улахан өҥөтө буолар, фольклорга үлэлээбитэ. Кини биир дойдулааҕын биллэр олоҥхоһут И.Г. Тимофеев-Теплоухов аатырбыт Кулун Кулустуур олоҥхотун сурукка түһэрэн хаалларбыт үтүө өҥөлөөх. Ону таһынан олоҥхо эйгэтигэр чинчийиилэрдээх эбит. Суруксут бэрдэ киһи элбэх ыстатыйалары таһааран фолклор тиэмэтигэр, кэлин Ойуунускай кырдьыга тиллибитигэр, ол кэм туһунан, хара балыыры өрө туппут сымыйаччы, угаайы, үҥсүүк дьону саралыыр хас да суруйуулардаах. Сардана Платоновна истиҥ тылларынан ахтан Петр Никифоровичка муҥура суох махталлааҕын, кини хорсун санаатыгар сүгүрүйэрин биллэрбит эбит. Ачыкы Бүөтүр кырдьык хорсун киһи эбит, бу кылгас ыстатыйа кини аатын ааттаан болҕомто тартар ханнык.
Чурапчы үлэһит дьонунан биллэр, успуорт эмиэ чурапчыга ытык суолталаах тыл. Ону таһынан П.А.Ойуунускай кырдьыга тиллиитигэр, Саха литературата көмүскэллээх буолуутугар Чурапчы боотур санаалаах дьоно, чулуу ыччаттара улахан эрэйи көрүстэллэр даҕаны таҥнарбатахтара.
Күндү ыччаттар Чурапчы ытык сир, чурапчы дьоно үтүө санаалара бөҕө, дойдугутунан, дьоҥҥутунан киэн туттун, үөрэтин, элбэх кинигэтэ ааҕын.
Афанасий Захаров
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй