Сэрии уот булулҕанын ортотугар бары эриири-мускууру эҥэринэн тэлбит, өлөр өлүүлүүн хас сүүстэ сирэй сирэйгэ көрсөн тыыннаах ордубут саллаат иккистээн төрөөбүт курдук сананара баа буолуо дуо? Ол эрээри оччолорго кини үксүн, өлөр туһунан, сэрии кэннинээҕи олох дьолун-соргутун туһунан саныыра, ол туһугар саамай күндүтүн – олоҕун да биэрэрин кэрэйбэт этэ.

Мин, суруналыыс Иван Иванов Сэбиэскэй Аармыйа Подольскайдааҕы архыыбыттан булан ыыппыт докумуоннарын билсэн баран, ити курдук санаатым. Ол – хорсун хамандыыр Роман Кривошапкины наҕараадалыыр туһунан докумуоннар.

Роман Христофорович 1915 сыллаахха Болтоҥо нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Чурапчы сэттэ кылаастаах оскуолатын, онтон 1939 сыллаахха Чурапчытааҕы педагогическай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ. Ити сыл күһүнүгэр Саха национальнай байыаннай оскуолатыгар киирбитэ. Салгыы икки сыл 33-с артиллерийскай дивизияҕа сулууспалаан баран, Иркутскайга младшай политруктар куурустарыгар үөрэммитэ. 1942 сыл атырдьах ыйыгар младшай лейтенант Кривошапкин Брянскай фроҥҥа кыргыһыы хонуутугар киирбитэ.

“1944 сыл от ыйын 27 күнүгэр”, — диэн суруллар 870-с стрелковай полк хамандыыра Степук илии баттаабыт наҕараадалыыр лииһигэр, — Перемышль куорат чугаһынааҕы Журавицы дэриэбинэ иһин кыргыһыыга таб. Кривошапкин бэйэтин взводунан өстөөҕү эргийэ көтөн, 3 орудиены, 3 бүтүн автомашинаны уонна мотоциклы былдьаата итиэннэ толору сэрии сэптээх ДЗОТ-у ылла. Ол кэнниттэн атын взводтары кытта бииргэ Журавицы дэриэбинэни босхолоон баран, өстөөҕү Перемышль куоракка тиийэ тохтоло суох эккирэттилэр. Таб. Кривошапкин хорсун быһаарыныыны ылынан, взводунуун Сан өрүһү туораата уонна тимир суол станциятыгар дьулусханнык кимэн киирдэ. Бу кыргыыһыга кини взвода 25 гитлеровеһы суох оҥордо. Бэйэтэ бааһыран да баран кыргыһыы хонуутуттан тахсыбакка сорудаҕы салгыы толордо.

Бу хорсун быһыытын иһин Роман Христофорович 24-с стрелковай куорпус хамандыырын бирикээһинэн Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.

Иккис наҕараадалыыр лиис 1945 сыл кулун тутар 4 күнүгэр Кыһыл Знамялаах 870-с стрелковай полк хамандыыра майор Садыковынан толоруллубут уонна “Аҕа дойду сэриитин бастакы степеннээх уордьанынан наҕараадаланара сөптөөх” диэн 287-с стрелковай дивизия хамандыыра генерал-майор Панкратов, 76-с стрелковай куорпус хамандыыра генерал-лейтенант Глухов илии баттаабыттар. Ити докумуоҥҥа этиллэринэн:

“1945 сыл тохсунньу 14 күнүгэр Польшаҕа таб. Кривошапкин ротата разведкаҕа ыытыллыбыта уонна Далещице дэриэбинэҕэ тоҕо көтөн киирэн өстөөх маҥнайгы уонна иккис траншеяларын былдьаабыта итиэннэ өстөөх хаста да хардары атаакалаабытын үрдүнэн биһиги чаастарбыт тиийиэхтэригэр диэри бөҕөтүк тутан олорбута. Бу кыргыһыыга рота 20-чэ гитлеровецтары суох оҥорбута.

1945 сыл тохсунньу 15 күнүгэр Кракув сэлиэнньэ оройуонугар таб. Кривошапкин бэйэтин ротатыныын хорсуннук инники чорбойон киирэн немецтэр чугуйан иһэр шоссейнай суолларын быспыта уонна ытыалаан барбыта. Өстөөх уолуйан бэрээдэгэ суох үрүө-тараа куотарга күһэллибитэ. Таб. Кривошапкин ротата бу кыргыһыыга 35 гитлеровеһы суох оҥорбута, немец 4 саллаатын билиэн ылбыта итиэннэ байыаннай таһаҕастаах 3 автомашинаны былдьаабыта. Итинтэн салгыы 337-с үррдэлтэн өстөөх эмискэ хардары атаакалаабыта. Таб. Кривошапкин бэйэтин уотун сатабыллаахтык аттаран гитлеровецтары чугуйарга күһэйбитэ. Онтон илиитигэр гаранаталаах инники ыстаммыта, онон ротатын атаакаҕа туруоран үрдэли былдьаан ылбыта уонна бигэтик бөҕөргөтүммүтэ. Өстөөх хаста да хардары атаакалаабыта да, таб. Кривошапкин ротата бэйэтин хорсун хамандыырын холобурунан күүрдүллэн биһиги чаастарбыт тиийиэхтэригэр диэри үрдэли тутан сыппыта”.

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ түөрт төгүл, ол иһигэр иккитэ ыараханнык бааһырбыт, Кыһыл Знамятын Берлин үрдүгэр тэлээрдиспит, Праганы босхолоспут, икки уордьанынан, элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыт старшай лейтенант Роман Кривошапкин 1945 сыл алтынньыга дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Онтон ыла отучча сыл устатыгар үүнэр көлүөнэни үөрэтээччи-иитээччи, кэнники сылларга партийнай үлэһит үлэҕэ үтүө, кыһамньылаах сыһыанын холобурун көрдөрбүтэ, нэһилиэнньэ истиҥ ытыктабылын ылбыта. Кини түөһүгэр бойобуой наҕараадалары сэргэ үлэ наҕараадалара – Октябрьскай Өрөбөлүүссүйэ уордьана, Ленинскэй үбүлүөйүнэй мэтээл күлүмүрдэһэллэр этэ.

 

Г. Ефремов.

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй