60-с сылларга бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт Феоктист Софронов өссө уоппускатын кэмигэр Дмитрий Титович Брыскаевы кытта аргыстаһан Мындаҕаайыга киирбиттээхтэрэ. Брыскаев оччолорго атын оройуоҥҥа үлэлиирэ, уоппускатын кэмигэр сынньана кэлбит этэ. Сынньаныах аҕай, Амма өрүһүгэр сөтүөлээх буолаллар. Мындаҕаайыга биир билэр ыалларыгар таарыйаллар, онтон Дмитрий Титович бэйэтэ туттарбыт балыыһатын көрө Бэскэ тахсаллар.
Ол сырыттахтарына онтон-мантан олохтоохтор мустан бараллар. “Миитэрэй Тиитэбиспит кэлбит. Хата, көрдөрөн, эмтэ суруттаран хаалыахха”, — диэн саҥалар иһиллитэлээн барбыттара. Дьэ онтон дорооболоһуу, сэһэргэһии буолар. Биир оҕонньор: “Бачча кэлбиччэ дьарҕабын көрөн, үчүгэй эмтэ суруйан кулу”, — диэтэ. Оннук баҕалаахтар дьиэ толору муһуннулар.
Брыскаев быраас: “Уоппускабар сылдьабын, эмтиир тэрилим суох. Уонна бэйэҕит эмчиттээххит”, — диэн куотуна сатаабыта да, ыарыһахтар ылымматахтара, саҥалара улах хойдон барбыта. Дмитрий Титович хайыа баарай – санааларын боруостаары, олохтоох эмчиттэн көҥүллэтэн, халааттанан хайаан көрбүтүнэн барда. Ыалдьыт быраас ыкса киэһээҥҥэ диэри үлэлээтэ. Ыарыһахтар махтанан, үөрэн-көтөн сыыйа тарҕаһан истилэр…
Кини бу дойдуга хас да сыл үлэлээн дьон-сэргэ санаатын туппута итиччэ эбит этэ. Дьон итинник сыһыана үлэһит туһугар үрдүк наҕараада.
Дмитрий Брыскаев ыарыһах итинник ытыктабылын элбэх сыранан, үгүс сыллаах үлэнэн ылбыта.
Кини Чурапчыга ШКМ-ы, онтон Дьокуускайга фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы туйгуннук бүтэрэн баран, Киевтээҕи медицинскэй үнүстүүккэ киирбитэ. Сэрии буолан, ол үнүстүүт Казаҥҥа көспүтэ. Саха устудьуона эмиэ кэлсибитэ. Үөрэҕин 1943 сыллаахха бүтэрэрин кытта кинини зенитнэй-артиллерийскай полк үрдүкү бырааһынан анаабыттара.
Эдэр луохтуур үлэлиир полката бойобуой суолун Курскай куорат таһыттан саҕалаабыта. Ол кыырыктаах кыргыһыы суола этэ. Быраас охсуһуу толоонугар сылдьара, бааһырбыттарга суһал көмөнү оҥоро-оҥоро, уһун эмтээһиҥҥэ тыылга атаарара. Онно утуйар, аһыыр да түгэн көстүбэт күннэрэ-түүннэрэ элбэх этилэрэ. Били урут үөрэммит Киев куоратын босхолуур иһин кыргыһыы кэмигэр Брыскаев быраас сэрии толоонугар сирэй бэйэтинэн киирэн бааһырбыт байыастары таһаарса сылдьан ыараханнык бааһырбыта. Өр эмтэнэн баран, полкатыгар төннүбүтэ уонна Арҕаа Украина Дрогобыч уонна Борислав куораттарын иһин охсуһууга медицинскэй көмөнү туйгуннук тэрийэн, Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмыта. Онтон кэнники Морава-Острава куораты босхолооһуҥҥа кыайыылаахтык кыттан Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх уордьанын ылбыта.
Полковой быраас Ийэ дойдутун арҕаа өттүн, онтон Венгрияны, Польшаны, Чехословакияны босхолоһон, Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн Прага таһыгар көрсүбүтэ. Онтон Илиҥҥи Пруссияҕа баар чааска сулууспалаабыта.
Кини үс сылы быһа суостаах-суодаллаах уоту ортотунан сылдьан, элбэх байыас үрүҥ тыынын өрүһүйэн, икки бойобуой уордьаннанан, медицинскэй сулууспа майора буолан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кэлээт да бастаан куоракка хирурдаабыта, онтон өрөспүүбүлүкэ хас да оройуоннарыгар кылаабынай бырааһынан үлэлээн, медицинскэй тэрилтэлэр баазаларын бөҕөргөтүспүтэ, улахан тутуулары ыытыспыта.
Оччотооҕуга Ытык Күөл балыыһатын көрбүттэр бары, тутуу дьикти үчүгэйин, ис өттө ырааһын, бэрээдэгэ бэрдин улаханнык сөҕөллөрө. Палааталар бары дуйдаах оронноохторо, сабыс-саҥа плюш суорҕаннаахтара уонна ыарыһах оронун бастарыгар кини кимэ, тугунан ыалдьара, күннээҕи туругун көрдөрөр таблицалар ыйанан тураллара. Оччолорго оннук мааны тэриллээх тыа сирин балыыһатын олохтоохтор эрэ хайҕаабатахтара – оннооҕор Ленинград суруйааччыта Николай Вагнер дириҥ хараҕа туолан, “Звезда” сурунаалга бэркэ биһирээн суруйбуттаах.
Дмитрий Титович Брыскаев бэйэтин төрөөбүт оройуонугар балачча уһуннук үлэлээбитэ. Кини унньуктаах, кэскиллээх үлэтин өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата үрдүктүк сыаналаан, киниэхэ Саха АССР үтүөлээх бырааһа бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.
Дмитрий Брыскаев Саха сиригэр биллибит, биһирэммит быраас, ытыктабыллаах киһи. Кини атаһа-доҕоро үгүс этэ, билсэр дьонноро – кырдьаҕастар, эдэрдэр, үөрэҕэ суохтар, интеллигеннэр, хотугу булчуттан академигар тиийэ.
Буойун-быраас олоҕун тиһэх сылларыгар диэри хорсун-хоодуот, үлэлии-хамсыы, үөрэ-көтө сылдьара. Өлүүттэн өрүһүйээччи үтүө киһибит аата үйэлэргэ ааттана туруохтун!
Сэмэн Жендринскэй