Алексеевскай оройуон Харбалаах бөһүөлэгин комендана Иван Павлович Попов – Белолюбскай нэһилиэгэр төрөөбүт-үөскээбит киһи. Армияҕа Чурапчыга үп агенынан үлэлии олорон ыҥырыллыбыта. Кылгас үөрэнии кэнниттэн 20-с туспа хайыһар биригээдэтин састаабыгар киирэн Хотугулуу-арҕаа фроҥҥа тиийбитэ. Ол туһунан маннык кэпсээбиттээх:
- Биһиэхэ Старай Русса чугаһыгар баар Петровскай сэлиэнньэни босхолуурга сорудах бэриллибитэ. Хас да күн сэриилэһэн баран ону кыайан толорботохпут. Онтон командование 12 ручной пулеметтаах 21 киһини талан штурмовой бөлөҕү тэрийбитэ. Мин ол бөлөххө киирбитим. Түүн ытыс таһыйар хараҥаҕа тыаһа-ууһа суох үөмэн испиппит. Өстөөх кирбиититтэн сүүстэн тахса миэтэрэ сиргэ тиийбиппит кэнниттэн немецтэр билэн икки автоматынан мээнэ ытыалаабыттара. Биһиги, эрдэ сүбэлэспиппит курдук, тэҥҥэ бары пулеметтарбытынан күүстээх уоту аспыппыт. Немецтэр уолуйан уонна улахан күүс саба түстэ дии санаатахтара буолуо, бэрээдэгэ суох ытыалыы-ытыалыы дэриэбинэҕэ куоппуттара. Биһиги эккирэтэн эмиэ дэриэбинэҕэ киирбиппит. Миэхэ иккис нүөмэринэн үрүҥ финнэри утары сэриилэртэн ыла быһа армияҕа сулууспалаабыт Михайлов диэн нуучча киһитэ сылдьыбыта. Кини сүбэтинэн биир дьиэ үрдүгэр саһан олорон ытыаласпыппыт. Халлаан суһуктуйа сырдыыта биһиги чаастарбыт кэлэн дэриэбинэни сэриилээн ылбыттара. Өстөөх үлтүрүтүллүбүтэ. Тыыннаах ордубут 170-ча киһи билиэн бэриммиттэрэ.
1943 сыл ыам ыйын бүтэһигэр эмиэ Старая Русса туһаайыытыгар биһиги отделениебыт разведкаҕа барбыта. Түүҥҥү хараҥаҕа талаҕынан саба үүммүт аппа устун бытааннык, сэрэхтээхтик баран иһэн немецтэр баллыгыраһар саҥаларын истибиппит. Тохтоон, кирийэн турбуппут. Немецтэр билбэккэ ыкса кэлэн биэрбиттэрэ. Сэттэ автоматынан ытыалаабыппыт. 37 өстөөҕү кыдыйбыт этибит.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр киэһэлик өстөөх артиллерия күүстээх уотун аспыта уонна биэс таанканан, элбэх сатыы сэриинэн атаакалаабыта. Таанкалар ыта-ыта, остуолба бүтэй баҕаналарын курдук, тэбис-тэҥҥэ кэчигирэһэн иһэллэрэ. Сатыылар онтон хаалсыбакка бокуойа суох сырсаллара. Буулдьа, снаряд киһи төбөтүн өндөттөрбөт этэ. Сир өрө титирэстээбитэ. Санаабар таанкалар субу кэлбиттэрэ. Сүдү тыастара ньиргийэн олороро. Биһиги сатыылары ыталаан барбыппыт. Онтон таанканы утарар орудиеларбыт уоту аһан начаас икки ардыгар түөрт таанканы умаппыттара. Ордубут соҕотох таанка нэһиилэ куоппута. Таанкаларга эрэнэн наһаа ыга киирбит өсмтөөхтөр үрүө-тараа барбыттара.
Иван Павлович кыргыһыыга хаста да киирбитэ. Үһүс бааһырыытыгар хаҥас илиитин снаряд оскуолкатыгар тосту көтүппүтэ. Онон 1944 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Хорсун буойун Албан аат III-с степеннээх уордьанынан, хас да мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Сэттэ оҕо аҕата, Сэбиэскэй эргиэн туйгуна Иван Попов олоҕун тиһэх сылларыгар диэри илиитин араарбакка үлэлии-хамныы сылдьыбыта.
Сэмэн Жендринскэй